Галина Михайловна Петрова Дьокуускай куорат 17 №-дээх орто оскуолатын алын кылааһын учуутала. 33-с сылын учууталлыыр. Биһиги оскуолабытыгар 18-с сылын үлэлиир.
Кини СР үөрэҕириитин туйгуна, Россия президенин Гранын кыайыылааҕа, Россия уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ. Галина Михайловна үөрэппит оҕолоро араас таһымнаах олимпиадалар кыайыылаахтара, бииртэн биир чаҕылхай үөрэнээччилэрдээх. Оҕо дьоҕурун, сатабылын арыйар сыаллаах интэриэһинэй бырайыактары үлэлэтэр. Холобур, кыраайы үөрэтэр экспедиция, дьиэ кэргэнинэн бииргэ ааҕыыны сайыннарыы, сахалыы остуол оонньууларын сайыннарыы, наука эйгэтигэр бастакы хардыылар.
Галина Михайловна Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын кытта ыкса үлэлиир. Оҕо ааҕар үөрүйэҕин, интэриэһин «Чуораанчык» сурунаалга тирэҕирэн ситиһэр. Кылааһынан 100 бырыһыан сурутууну кыайа тутар.
Бүгүн Галина Михайловна Петрова Россия, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар ситиһиилээхтик үлэлии, үөрэнэ сылдьар үөрэппит оҕолоруттан истиҥ эҕэрдэлэри тутар. Кинилэри кытта тэҥҥэ билигин үөрэтэ сылдьар оҕолоро — IV «Г» кылаас коллектива Учуутал күнүнэн эҕэрдэлиир!
Күндү киһим — учууталым
Мин учууталым олус үлэһит. Куруук кылааска баар буолар. Переменаҕа да сынньаммат. Учууталым олус элбэҕи билэр. Үчүгэйдик үөрэннэхпитинэ олус үөрэр уонна хайгыыр. Учууталым араас дойдуга сынньана барыан, куруук үөрэ-көтө, доруобай сылдьыан баҕарабын!
Тарабукин Андрей.
Мин Галина Михайловнаны күндү учууталым диибин. Кырдьык, кини миэхэ күнды киһи. Ол иһин харыстыыбын, ис сүрэхпиттэн доруобуйаны баҕарабын.
Посельская Анжелика.
Галина Михайловна, доруобай буол! Мин үчүгэйдик үөрэнэ сатыыбын, кыһаллабын.
Иванов Сарыал.
Учуутал күнүгэр Галина Михайловнаҕа махталбын тиэрдэбин. Доруобуйаны, үчүгэй үөрэнээччилэри, элбэх үөрүүнү-көтүүнү баҕарабын.
Охлопкова Сандаара.
Мин санаабар, тулуурдаах киһи учуутал буолар. Биһиги айдаарарбытын, мэниктиирбитин барытын тулуйар. Ким тугу сатыырын, кыайарын барытын билэр. Ол иһин мин учууталбын киэҥ да киэҥ толкуйдаах диибин.
Нохтунский Дамир.
Галина Михайловна күн курдук сырдык киһи. Кини аттыгар турдахха сылаас салгын кэлэр. Учуутал күнүнэн эбэрдэлиибин!
Торговкина Айыына.
Мин учууталым наһаа үлэһит. Кини µлэтэ ыарахан. Ол иһин тус бэйэҥ баҕа санааҕын толороргор бириэмэтэ эмиэ ордор. Эhиги саамай үчүгэй учууталгыт!
Алексеева Алина.
Коронавирустан сылтаан учууталбытын кытта бэрт кылгастык көрсөбүт. Ол иһин ахтабыт. Учуутал күныгэр биһиги эҕэрдэбитин ааҕан үөрүөҥ дии саныыбын.
Ганачевская Лиза.
Учуутал диэн наадалаах идэ. Биһиги төрөппүттэрбит эмиэ оскуолаба учууталга үөрэнэн улааппыттара. Ол иһин учууталы убаастыырга үөрэтэллэр. Галина Михайловнаны олус таптыыбыт!
Илларионов Максим.
Галина Михайловна! Учуутал күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Хаһан да ыалдьыма, доруобай буол! Санааҕын түһэримэ!
Семенова Сандаара.
Эн биһигини бастакы кылаастан үөрэтэҕин. Мин эйиэхэ үөрэнэрбин наһаа сөбүлүүбүн!
Яна Васильева.
Галина Михайловна олус кыһамньылаах, үтүө санаалаах. Учуутал күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Кузьмина Карина.
Үүнэн-сайдан, үөрэнэн үтүө киһи буолан тахсарбар учууталбын, эйиигин, холобур оҥостобун. Эн курдук үлэһит, кыһамньылаах, үтүө санаалаах киһи буолуом.
Корякина Милана.
Галина Михайловна эн олоххор элбэх умнуллубат түгэннэр, ситиһиилэр наар баар буолуохтарын баҕарабын.
Кириллова Кюннэй.
Галина Михайловна, учуутал идэтэ аан дойдуга баар ханнык да атын идэлэргэ тэҥнэспэт улахан суолталаах. Эн биһиэхэ билиини биэрэҕин, сылаас сыһыаны иҥэрэҕин. Эйиэхэ үрдүк ситиһиилэри, чэгиэн туругу, дьолу баҕарабын.
Александров Дима.
Күндү Галина Михайловна! Учуутал күнүнэн итиитик- истиҥник эҕэрдэлиибит. Баҕа санааҕыт туола турдун. Сүбэҕит-амаҕыт, өйөбүлгүт иһин махтал.
Саяна уонна төрөппүттэрэ.
Галина Михайловна! Мин эйиигин учуутал күнүнэн эҕэрдэлиибин. Куруутун үөрэ сылдьаргар баҕарабын.
Сивцев Марк.
Үөрүүбүт үөрүүгэ холбоһон, ситиһиибит ситимнэнэн тапталлаах учууталбытыгар эрчими биэрдин!
IV «Г» кылаас төрөппүттэрэ