Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр саллааттар окуопаҕа сытан Пушкин хоһооннорун өйтөн ааҕаллара. Кини айымньыларын тыллара атаакаҕа киирэргэ өйдөрүн-санааларын күүркэтэрэ. Сэрии кэмигэр төһө да кумааҕы кэмчитин үрдүнэн аҥардас Пушкин кинигэлэрэ 4 мөлүйүөнтэн тахса экземплярдаах күн сирин көрбүттэрэ. Олортон чараас сиэпкэ укта сылдьара аналлаах «Полтава», «Белкин сэһэннэрэ» тахсан саллааттарга тиийбиттэрэ.
«Пушкин биһигини кытта тэҥҥэ сэриилэһэр», — дэһэллэрэ саллааттар. Сэрии сэптэрэ, сэнэрээттэрэ, истербителлэр, тааҥкалар «Пушкин туһугар» диэн суруктаах буолаллара. Ленниград блокадатын кэмигэр 1943 с. Пушкин төрөөбүт күнүн бэлиэтээбиттэрэ. Рейсхтаг эркинигэр кини аата суруллубута. 1945 сыл ыам ыйын 6 күнүгэр рейсхтаг иһигэр кэнсиэри Н.В. Михайловская артыыска “Буурҕа” сэһэнинэн саҕалаабыта.
Саха уола Михаил Прокопьевич Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1942 с. ыҥырыллыбыта. Тута кинини хайыһар биригээдэтигэр анаабыттара. Уһун унньуктаах айаҥҥа үгүс саллаат суорума суолламмыта. Кини вещмешогар икки кинигэлээх этэ: биирэ — Пушкин хоһоонноро, биирэ — философияҕа кинигэ.
Бырда быстан биир сэлиэнньэҕэ кэлбиттэрин кэннэ кинигэлэрин доҕорун кытта сүбэлэһэн баран, биир эмээхсиҥҥэ биэрбиттэрэ. Нуучча эмээхсинэ кинигэлэри ылан баран, таҥаратын күлүгүн кэннигэр кистии уурбута. Ити кэннэ салгыы аналлаах сирдэригэр барбыттара. Михаил Прокопьевич оҕо эрдэҕиттэн Пушкины сөбүлээн ааҕара, үгүс айымньыларын өйтөн ааҕара. Саллааттар ыар айаннарын чэпчэтэн Пушкин хоһооннорун ааҕара. Биирдэ оннук ааҕан чоргуйа сылдьан уоллара сүтэн хаалбыт. Үһүс хонуктарыгр көрбүттэрэ уулуссаҕа регулировщиктыы турар эбит. Ханна сүтэ сылдьыбытын ыйыппыттарыгар: “Пушкин Михайловскайыгар тиийэ сырыттым. Аара хайыһарым аҥара тостон хаалан сору көрбүтүм. Михайловскай суолун ыйдара сатаабытым да, ханна баарын дьон билбэт этэ. Хата, дьолбор штабка таба тайанан, онтон суолу ыйдарбытым. Трибуналга эппиэттиэхпин Пушкин диэппин кытта дьоннорум тута сымнаабыттара”. Ити курдук саха уола Улуу Пушкин ийэтин төрөөбүт сирин, айар үлэтигэр иэйиитэ киирэр ымыы сирин төһө да уоттаах сэрии буола турдар тиийэн көрбүт дьоллоох. Ол туһунан Д.В. Кустуров “Олоҥхо дойдутун хоһуун дьоно” кинигэтин ааҕан сиһилии билсиһиэххитин сөп.
Саха суруйааччыта Гавриил Иванович Макаров-Дьуон Дьаҥылы илин сэриилэһэ барарыгар поезд биир тохтобулугар тапталлаах суруйааччытын Пушкин «Евгений Онегин» кинигэтин кытта атын суруйааччы кинигэлэрин атыыласпыт. Дьоппуон самурайдарын кытта киирсии буолар. Самурайдар өлбүт эбэтэр араанньы буолбут киһини саабыланан, күрдьэҕинэн сүүскэ саайан салгыыр идэлээхтэр эбит. Дьуон Дьаҥылы бу кимэн киирсиигэ сүүһүгэр саабыла суоллаах сытарын биир дойдулааҕа көрөн ааһар. Оттон суруйааччы госпитальга киирбитэ, көхсүтүгэр илдьэ сылдьыбыт вещмешогар укта сылдьыбыт кинигэлэрэ буулдьаттан дуу, оскуолактан дуу быыһаабыттар. Олор истэригэр Пушкин улуу айымньыта баар эбит.
Буойуннары кытта тэҥҥэ 4 сыл устата сэрии толоонугар сылдьыбыт Пушкин хоһооннорун хомуурунньуктара билигин музейдарга сэдэх экспонат быһыытынан көрдөрүүгэ туруоруллаллар. Үгүстэн аҕыйах холобур.
Сэбилэниилээх күүстэр киин түмэллэригэр партизан Николай Кокорев өлүөр диэри илиитигэр тута сыппыт, хаанынан биһиллибит Пушкинын кинигэтэ баар. Прагаҕа тиийбит үгүс саллаат илиитигэр сылдьан ааҕыллыбыт хомуурунньуга Арассыыйа аныгы кэмин көрдөрөр устуоруйатын түмэлигэр харалла сытар. 1945 сыл гвардия старшай лейтенана Петр Мишин көхсүтүгэр оскуолак түспүтүн 200 лиистээх Пушкин кинигэтэ олоҕун быыһаабыт. Дьиктитэ диэн, ол оскуолак “Талисман” хоһоонугар оруобуна тохтообут.
А.С. Пушкин аатынан түмэлгэ хаҕа суох, элбэхтэ ааҕыллыбыт, имиллибит лиистэрдээх Пушкин кинигэтэ ньиэмэс концлааҕырын ыар туоһута буолар. Борис Политаев билиэн ылыллан баран, бу кинигэни хараҕын харатын курдук харыстыы сылдьан ааҕара. Билиэн ылыллыбыт саллааттарга бу кинигэ хоһооннорун ааҕара. “Санаабытын өрө көтөҕөр кинигэбит” диэн ааттыыллара. 1945 с. билиэннэйдэр күрээн, шахта анныгар сыттахтарына, бу кинигэни ааҕан тыыннаах хаалбыттара.
Ити курдук Улуу Пушкин хоһоонноро саллааттар санааларын көтөҕөр, ахтылҕаннарын таһаарар, олохторун быыһыыр ураты тыыннаах айымньылар буолалларын бу холобурдартан көрөбүт.
Евдокия Павловна Семенова,
И.Н. Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын түмэлин үлэһитэ.
keskil14.ru