Олунньу 27 күнүгэр психология наукатын доктора, бэрэпиэссэр, СӨ наукатын үтүөлээх деятелэ, РФ үрдүкү оскуолатын бочуоттаах үлэһитэ, «Учууталлар учууталлара», РФ уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Гражданская доблесть” бэлиэ кавалера Анастасия Петровна Оконешникова төрөөбүтэ 80 сылын туолла. Кини Чурапчы улууһун Кытаанах оскуолатын 100 сааһыгар аналлаах ахтыытын уонна бу оскуола “Алаас оҕото” эдкорпоһун салайааччыта РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара», методист учуутал Андреева Екатерина Гаврильевна кини туһунан суруйуутун бэчээттиибит.
Үтүө сүбэһитим, сырдыкка сирдиир убаастыыр киһим
Анастасия Петровна Оконешникованы кытта 2002 сылтан чугастык билсибитим. Эдьиийим, учуутал идэлээх Феодосия Егоровна Софронова билиһиннэрбитэ. Онтон ыла, дойдутугар Кытаанаҕар кэллэр эрэ, биһиэхэ түһэр, хонор. Бастаан утаа толло санаабытым. Билсэн бардахха, оҕону кытта оҕо, улахан киһини кытта улахан киһи, араас боппуруостарга, тиэмэлэргэ олус интэриэһинэйдик кэпсэтэр. Оскуолабыт 100 сыллаах үбүлүөйүгэр кэлэ сылдьан, үөрэнээччилэри кытта көрсөн олус тиийимтиэтик билиҥҥи олоххо киэҥ билиилээх киһи сайдарын, кыра эрдэхтэн сыаллаах буолуохтааҕын, ханнык идэни таларын эрдэттэн толкуйданыахтааҕын уонна олоххо туһалаах киһи буола улаатыахтааҕын туһунан кэпсэтии ыыппыта.
Анастасия Петровна киһини кытта кэпсэтэ олорон эн тугу ыйытыахтааххын, саҥарыахтааххын өтө билэр курдук буолар. Ханнык баҕарар боппуруостарга олус интэриэһинэй, олоххо улахан суолталаах сүбэлэри биэрэрэ. Киһи оҕотун кытта тэҥҥэ сайдар, төрөппүт быһыытынан туруорар ирдэбилигэр толору эппиэттиир буолуохтааҕын, оҕо интэриэһинэн, оҕону кытта биир тэтиминэн олоруохха наада диэн сүбэлэри биэрэрэ. Үөрэтэрбэр кылааска хас биирдии үөрэнээччи бэйэтэ үлэлиир миэстэлээх, оскуолаҕа кэтэр формалаах буоллаҕына, кини тэрээһиннээх буоларын бэлиэтээн эппитэ. Онтон ыла үөрэтэр оҕолорум анал паарталарга олороллор. Бу үөрэнэллэригэр, сайдалларыгар чахчы үлэлиир эйгэлэрин тэрийии буолар диэн өйдөөтүм. Киэҥ сирдэринэн сылдьыбыт буолан, билиитэ-көрүүтэ киэҥэ сүрдээх. Куруутун тугу эрэ саҥаны киллэрэр, үлэлиир, дьонугар-сэргэтигэр туһалыыр толкуйдаах буолааччы. Үлэм хайысхатын ыйыталаһан, сэҥээрэн сүбэлэри биэртэлиирэ, бу үлэбэр улахан көмө буолбута. Оҕо майгытын-сигилитин, удьуордааһынын туһунан элбэҕи кэпсээбитэ. Ордук үлэбэр кини кинигэлэрин туһанарбын истэн олус үөрбүтэ. Илии баттаан үтүө тыллары баҕарбыта, бу миигин үлэлиирбэр кынаттаабыта.
Ньулдьаҕай саастарым ааспыт оскуолам туһунан ахтыы
А.П. Оконешникова – психология Институтун директора, психологическай наука доктора, профессор, Саха өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах гражданина.
Мин көлүөнэм дьоннорун оҕо саастара сэрии кэннинээҕи ыарахан сыллар усталарын тухары ааспыта. Онон ас-үөл, таҥас-сап кырыымчык да этэ. Аны оччолорго холхуостаах дьоҥҥо биир ыанар ынах эрэ көҥүллэнэр, өссө эбиитин эт, арыы нолуога диэн тутуллар, онон киһи барыта хоргуйан өлбөт бэтэрээ өттүнэн олорбута. Тоҕо мин итини аҕынным диэтэххинэ, дьон уйулҕата биир кэм батталга, кыһалҕаҕа ыктаран олорбуттарын да иһин көҕүстэрэ киэҥин, тулуурдарын, сырдыкка ыга эрэллээхтэрин олус да махтана, сөҕө саныыбын.Оҕо сааһым өссө биир умнуллубат үтүө киһитэ, эдьиийим Феодосия Егоровна Дьячковская(педагогическай үлэ бэтэрээнэ, 35 сыл алын сүһүөх оскуола учууталынан үлэлээбит) буолар.Иккис кылааска үөрэнэ сырыттахпына, А.С.Пушкин остуоруйаларын сахалыы тылбааһын дьонунан ыыппыттаах. Бу кинигэ ойуута-бичигэ үчүгэйин, ааҕыахпын, дьэ,дьиҥнээхтик баҕарбытым онно. Кини ити кинигэни ыыппатаҕа буоллар, хаһыс кылааска тиийэн сатаан ааҕарга үөрэниэм эбитэ буолла?!
Хас биирдии оҕо оскуолаҕа үөрэнэн киһи-хара буолар. Мин Кытаанахха 7 кылааһы, салгыы Мугудайга үөрэнэн оскуоланы бүтэрбитим.Оччолорго Кытаанах сэттэ кылаастаах оскуола этэ. Учууталлара, мин өйбөр хаалбытынан, үксэ эр дьоннор этилэр. Гавриил Дмитрьевич Ефимов оччолорго оскуола директора, мин маҥнайгы учууталым Григорий Федотович Спиридонов уо.д.а. Алексей Иванович Пестерев – военрук, куруутун байыаннай формалаах сылдьар буолара.Туох баар оскуола оҕотун барыларын стройунан хаамтардаҕына эчи куолаһа улахана, хамаандата чуолкайа сүрдээх этэ.
Ааттаабыт учууталларым бары Аҕа дойду сэриитин дьиҥнээх кыттыылаахтара. Билигин санаатахха, бу дьон туох суолталаахтарын оҕолор өйдөрүгэр түһэр гына ким да кэпсээбэт, быһаарбат этэ. Биһиэхэ сэриини нууччалар эрэ кыайбыттарын туһунан өйдөбүл хаалларбыттар, сүрэхпитигэр-быарбытыгар иҥэрбиттэр эбит. Онтон бу биһигини иитэ-үөрэтэ сылдьар, сэрии уотуттан эргиллэн кэлбит дьон туһунан биир эмэ бырааһынньыкка, кылаас чааһыгар ахтан ааспатахтарын олох өйдөөбөппүн, муодарҕыы эрэ саныыбын. Эгэ, мэтээллэрин, уордьаннарын түөстэригэр иилиниэхтэрэ кэлиэ дуу.
Биллэн турар, хас биирдии киһи ааспыт сыллар тустарынан тус-туспа өйдөбүллээх .Онон мин уһуну-киэҥи таарыйбакка, оскуолатааҕы сылларбын хайдах өйдүүрбүнэн, бэрт кылгастык суруйдум.
Маҥнайгытынан, эрэйдэммит, аччыктаабыт, тоҥмут-хаппыт сааһым 9-12 сааспар диэри, ол аата алын кылааска үөрэммит сылларым. Элбэх ыар күннэри-хонуктары, элбэх харах уута тохтубут түгэннэрин хаһан даҕаны умнуом суоҕа. Холобур, мин дьонум куруук Мундулаах диэн Килэнкиттэн 5-6 биэрэстэ ыраах алааска олороллор этэ. Субуота буолла да дьиэбэр ыстанарым. Биир оннук күн, киһини кыһайбыт курдук, учууталбыт уруок кэнниттэн 5-6 оҕону кылааска хаалларбыта. «Сотору кэлиэм» диэн баран умнан кэбиһэн төрүт да кэлбэтэ. Ол иһин ап-аччык киэһэ 7 чаас кэнниттэн дьиэбэр бардаҕым дии. Баран иһэн куттаннахпыан…Хас биирдии иччитэх дьиэ абааһылаах, онтон куотан сүүр да сүүр. Аны тымныыта. Сыл аайы икки иэдэспин иккиэннэрин үлүтэрим, атахтарым тиҥилэхтэрэ киһи кыайан үктэммэт гына хабыллан тахсаллара. Көр эрэ, онно биирдэ да бэлиэтии көрбөттөр этэ. Оскуолаҕа биир тэҥ учуутал суох. Бүгүҥҥү эдэр учууталга этим этэ: хас биирдии оҕо хайаан да улаатыа, өскө эн кинини самнарбыт, кыратык да атаҕастаабыт буоллаххына, сарсын кэлэн эйиэхэ куһаҕан тылы этиэ суоҕа, ол гынан баран, кини хаҕыстык дорооболоһуо, халты хаамыа.
Интернат элбэх оҕону быыһаатаҕа буолуо. Ол кыракый дьиэ бэйэтэ туспа сокуоннаах этэ. Сүрүннээн «ким күүстээх — ол командир, тойон» буолара. Ордук остолобуойга аһылык кэмигэр ол биллэрэ. Ас былдьаһыы, түҥнэри-таҥнары анньыһыы, дьиҥнээх киирсиһии. Ити сылларга, төрдүс кылааска үөрэнэ сылдьан, куттанан эппэт кэлэҕэй буолан, эрэй бөҕөнү көрбүтүм.
Сыллар аастылар. 5-с кылаастан ыла эрэй ааста. Хас уруок аайы учууталлар уларыйан иһэллэрэ. Миэхэ олус сонун этэ. Билигин бу үбүлүөйдээх ахтыыларга оҕо үксэ махталларын Конон Михайлович Матвеевка, Иннокентий Иннокентьевич Коркиҥҥа этэллэрэ чахчы.Үөрэммит сылларбыттан улуу В.А.Сухомлинскайга тэҥнээх учууталлаахпын. Оҕоҕо сааскы саҥа тыллан эрэр үүнээйини көрдөрө-көрдөрө, үрүйэ уута тоҕо хотуттан соҕуруу диэки түһэрин, мас лабаата тоҕо соҕуруу өттө хойуутун быһаара-быһаара, сиргэ-уокка батыһыннара сылдьан үөрэппитэ Конон Михайлович Матвеев. Кини туһунан элбэх оҕо үтүө тылынан ахтара-саныыра буолуо дии саныыбын. Конон Михайлович үөрэтии ньыматыгар, билиҥҥи тылынан эттэххэ, чахчы инноватор учуутал эбит.
Оскуолабыт киэҥ көрүдүөрүнэн эдьиийим Феврония Петровна, убайым Николай Николаевич, Феодосия Егоровна уонна Семен Спиридонович хаамсан аастахтара. Дьэ, элбэх ыччат сэрии, күүс өттүнэн көһөрүү кэнниттэн тыыннаах хаалан Кытаанах оскуолатыгар иитиллэн, үөрэнэн олох киэҥ аартыгар тахсыбыттарын иһин, мин кинилэр ааттарыттан махталбын тиэрдэбин.
Билигин тапталлаах оскуолабытыгар бириэмэ ирдэбилигэр сөп түбэһэр үрдүк үөрэхтээх, үтүө майгылаах ыччат учууталлар өссө элбэх оҕону олох сырдык суолугар таһаарыахтара турдаҕа. Быйыл күһүн таас оскуолабыт олоххо киирэн, аанын арыйан, эдэр көлүөнэ ыччаты ыҥырыа-угуйуо, билии киэҥ аартыга арыллыа!