Муус устар 14 күнүгэр Пригороднай сэлиэнньэ 12 №-дээх орто оскуолатыгар «Суруйааччыны кытта көрсүһүү» түһүлгэ буолан ааста.
Манна «Айар кут» түмсүү чилиэнэ, поэт, мелодист Валентина Яковлева — Чэлгийээнэ, тылбаасчыт, «Чуораанчык», «Колокольчик+» сурунааллар корректордара Саргылана Савватеева уонна эдэр худуоһунньук, Н.А.Алексеева аатынан техническэй лицей 7 кылааһын үөрэнээччитэ Вика Дмитриева ыалдьыттаатылар.Тэрээhин хоhоонньут И.В. Феофанова көҕүлээһининэн ыытылынна.
Поэт Валентина Яковлева — Чэлгийээнэ «Кустук сэттэ өҥнөөх» уонна «Сылаас ардах» диэн кырачаан ааҕааччыларга аналлаах бастакы кинигэлэрин билиһиннэрдэ. Оҕолорго киэҥ билиини-көрүүнү, ситиһиилээх үөрэҕи баҕарда. Айылҕа кэрэ көстүүлэрин, дьоллоох оҕо саас бэлиэ түгэннэрин хоһуйар тэттик, судургу тыллаах-өстөөх хоһооннору үөрэнээччилэр дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрдилэр. Көрсүһүүнү киэргэттилэр.
Бу кинигэлэри нууччалыы тылбаастаабыт СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Саргылана Савватеева айар эйгэни сэргиир оҕолорго «Чуораанчык», «Колокольчик+» сурунааллар ис хоһооннорун, куонкурустарын сиһилии сырдатта. Элбэх кинигэни, хаһыаты, сурунаалы ааҕар киһи үрдүк билиилээх буоларын бэлиэтээтэ.
Онтон кинигэлэр ис-тас ойууларын олус тупсаҕайдык оҥорбут эдэр худуоһунньук Вика Дмитриева уруһуй кистэлэҥнэрин арыйда, кырачаан көрөөччүлэри сэргэхситтэ. Кинигэни Дь.А.Феофанов таҥан оҥорбутун кэпсээтилэр.
«Сылаас ардах» уонна «Кустук сэттэ өҥнөөх» кинигэлэр айар бөлөхтөрүн кытта көрсүһүүнү кырачааннар өйдүү-саныы сылдьыахтара диэн эрэнэбит.
«Чуораанчык» сурунаал эрэдээксийэтэ.