Соторутааҕыта, коррупцияны утары аан дойдутааҕы күҥҥэ, «Правовой марафон: стоп коррупции» диэн дьыалабыай оонньуу буолан ааста. Тэрээһини СӨ Ил Дарханын иһинэн Коррупция хабааннаах уонна да атын быраабы кэһиилэри сэрэтэр управление, «Юные якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи киин, Үөрэх уонна наука министиэристибэтэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо хамсааһына ыыттылар. Саҥа көлүөнэ чиэһинэйдик, көнөтүнэн олоруон уонна үлэлиэн баҕарара киһини үөрдэр.
Коррупция диэн өйдөбүлү оҕолор хайдах быһааралларый?
Света Петрова, Дьокуускай 26 №-дээх оск.: Коррупция диэн эн бэйэн дьоҥҥун хамнастаах үлэҕэ киллэрэҕин. Холобур, миниистир бэйэтин балтын оскуола дириэктэринэн аныыр, ол оскуоланы тэрийбит, олоҕун барытын анаабыт ытыктанар кырдьаҕас дириэктэри ууратан кэбиһэр.
Илья Старшинов, Дьокуускай 31 №-дээх оск.: Коррупция диэн, холобур, сири түҥэтэр чиновникка дьиэни тутуутунан дьарыктанар бизнесмен бэрик биэрэн, куорат киинигэр сири ылар. Ол сиргэ тутуллубут дьиэ квартиралара, биллэн туран, ыарахан сыанаҕа атыыланаллар.
Милена Охлопкова, Покровскай, Хаҥалас: Холобур, оскуола эбэтэр университет учуутала оҕоҕо үчүгэй сыананы туруорар иһин бэлэх ылара.
Итинник эппиэти биэрдилэр 7-9 кылаас оҕолоро. Чопчу бу саастарыгар оҕолор, нууччалыы эттэххэ, «справедливо — несправедливо» диэн санаалара күүстээх буолар. Бу саастарыгар оҕолор барыны бары өйдүүр, сыаналыыр , туспа санаалаах буолаллар. Быһатын эттэххэ, киһи быһыытынан өйдөрүн туталлар. Онон киһи уонна уопсастыба, киһи уонна былаас туһунан сөптөөх өйдөбүлү оскуола сааастарыттан саҕалыыр тоҕоостоох.
Биллэн туран, оҕолорго тута “коррупция” диэн тылы туттубакка, “иҥсэлээх”, “албыннаһар”, “киитэрэй”, “суобаһа суох” диэн курдук боростуой тылларынан быһаарыахха сөп.
Коррупционерынан судаарыстыба ресурстарын түҥэтэр боломуочуйалаах, былаастаах чунуобуньук буолуон син. Холобур, депутат, судьуйа, полицейскай, администратор, эксээмэни тутар учуутал, быраас уо.д.а. Сүрүн төрүөтүнэн үбү-харчыны, барыһы ылар баҕа буолар. Ол эрээри кинилэр “бэрик ылбытым биллэн хаалыа” уонна “билиннэҕинэ, накаастабылы сүгүөм” диэн куттанар санаалара тутар харгыс буолар.
Коррупция диэн латыын тыла — “corruptio”, туруору тылбаастаатахха, “сытыйыы, буортуйуу” диэн буолар. Ордук тэнийбит бэрик (взятка) уонна бүддьүөт харчытын уоруу буолар.
Үөрэҕириигэ эйгэтигэр судаарыстыба үбэ үөрэх хаачыстыбата үрдүүрүгэр анаан бэриллэр. Госстандартынан биир оҕоҕо ананар харчы сөпкө туһаныллыахтаах.
Үөрэх тэрилтэтигэр коррупция бэлиэтинэн буолаллар:
- Учуутал бэйэтин үөрэнээччитин уруок таһынан төлөбүргэ үөрэтэр.
- Учуутал уруок кэмигэр атын оҕолору кылааска аҕалан олордон, репетитордыыр.
- Учуутал бэйэтэ ылыахтаах маҥнайгы кылааһын оҕолорун испииһэгин бэйэтэ талан оҥорор.
- Учуутал “кылаас фондугар” диэн ааттаан, харчы хомуйар.
- Учуутал кини бэлэмнээбит оҕолоро кыттар куонкурустарыгар жюри чилиэнинэн буолар.
- Учуутал “наадалаах” тэрилтэлэргэ үлэлиир төрөппүттэри бэйэтин сыалыгар туһанар.
- Учуутал бэлэх ылар. Манна санатыахха наадалаах: РФ Гражданскай Кодексын 575-с ыстатыйатынан 3000 тахса солкуобайдаах бэлэх “взятка” диэн буолар. 3000 көҥүллэнэр, ол эрээри кылаас 20 төрөппүтэ бары 3 тыһыынчалыы биэрдэхтэринэ, 60 тыһыынча буолан тахсар. Дьэ, бу түбэлтэ туһунан сокуоҥҥа туох да суох эбит.
Маны таһынан, бэлэх, хайаан да тоҕоостоох күҥҥэ бэриллиэхтээх — төрөөбүт күҥҥэ, бырааһынньыкка, наҕараадаланнахха. Уонна атын дьон туоһу дьон баарыгар. Бүөмнээн биэрэр көҥүллэммэт.
Коррупция Үп министиэристибэтин ревизордарын бэрэбиэркэлиир үлэлэрин түмүгүнэн көстөн кэлэр. Ревизордар, сүрүннээн, маннык кэһиилэри бэлиэтииллэр:
— Үп барыта сөпкө барбыт, ол гынан баран көдьүүһэ суох туттуллубут. Холобур, элбэх квартиралаах дьиэ тутуллубут, докумуона барыта сөп. Ол эрээри, бу бөһүөлэктэн үгүс дьон көһөн эрэллэр эбит. Оччоҕуна, бу дьиэ тутуута наадата суох буолан тахсар.
— Бүддьүөт суотугар туох эрэ тиэхиньикэни атыыласпыттар, ол гынан баран туттубаттар, ол тиэхиньикэ мээнэ турар эбит. Ити эмиэ сыыһа.
— Сорохтор улахаҥҥа уурбаттар, субсидия ылбыттарыгар отчуоттарын оҥорботтор, дуогабары үчүгэйдик аахпаттар. Холобур:“Табаны бөрө сиэбит”,— дииллэр. Эбэтэр “халаан уутугар барбыт” диэн быһаараллар. Оччоҕо бу дьон “бэйэлэрин үлэлэрин ситэ толорботтор” диэн түмүктүүбүт, ыстарааптыыбыт. Эппиэттээх киһи 20-50 тыһ. солкуобайга ыстарааптанар.
Бэрэбиэркэ отчуотун Үп министиэристибэтин сайтыгар киирэн көрүөххүтүн сөп. Улахан кэһии, “харчы сиэһин” холуобунай дьыала буолар, “срок давности” диэн суох.
Соторутааҕыта, аан дойдутааҕы коррупцияны утары күҥҥэ, СӨ Ил Дарханын иһинэн Коррупция хабааннаах уонна да атын быраабы кэһиилэри сэрэтэр управление, «Юные якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи киин, Үөрэх уонна наука министиэристибэтэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо хамсааһына «Правовой марафон: стоп коррупции» диэн дьыалабыай оонньууну ыыттылар. Манна Дьокуускай куорат оскуолаларын 70-тан тахса оҕолоро кыттыыны ыллылар. Бу тэрээһин чэрчитинэн «Борьба с коррупцией — дело каждого» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи уруһуй куонкуруһун быыстапката көрдөрүүгэ турда.
Оонньуу «станцияларынан» барда: «Отражение коррупции в произведениях русских писателей», «Взяток не беру – взяток не даю», «Последствия коррупции», «Коррупциомер», «Мероприятия противодействия коррупции», «Мы за мир без коррупции», «Что могу сделать для борьбы с коррупцией», «Отражение коррупции в живописи».
Кыттааччы оҕолор «тендер», «бартер», «конфликтная ситуация», «увольнение», «госзакупки», о.д.а.юридическай терминнэри көҥүл тутталлара үчүгэй бэлэмнээхтэрин туоһулаата.
Оонньууну ыытааччы Илья Жирков, даҕатан эттэххэ, биһиги урукку эдкорбут, билигин Коррупция хабааннаах уонна да атын быраабы кэһиилэри сэрэтэр управление консультана, санаатын үллэстэр:
— Оҕолору кытта үлэлиир олус интэриэһинэй. Былырыыҥҥы тэрээһин «Модель ООН» быһыытынан ситиһиилээхтик барбыта. Быйыл «Юные якутяне» киинтэн Валентина Дамдиновна Николаева, Дмитрий Альбертович Прохоров «Правовой марафон» сценарийын оҥорон, эмиэ олус интэриэһинэй тэрээһин буолла. Оҕолор оонньуу ньыматынан араас юридическай түгэннэри быһаарарга, быраабы кэһии түгэннэригэр болҕомтону уурарга үөрэнэллэр. Барыта оҕо саастан саҕаланар диэнинии, баҕар, бу оҕолор инникитин юрист буолбаталлар даҕаны, «сокуон-быраабыла», «суобас-чиэс» диэн өйдөбүллэри кытаанахтык өйдөрүгэр хатыахтара. Мин бэйэм оҕо сылдьан, «Табаҕа кэскилэ» пост көхтөөх эдкора этим да, суруналыыс буолбакка, юрист идэтин талбытым. Ол эрээри эдкор буолан, суруйа үөрэммитим, дьону кытта кэпсэтэр үөрүйэҕим миэхэ туһалаатахтара. Кистээбэккэ эттэххэ, бэйэбин үчүгэйдик суруйабын дии сананабын. Талан ылбыт идэбин сөбүлүүбүн, быраабы кэһии, коррупция суох буоларын туһугар үлэлиирбин ытык иэһим курдук ылынабын.
Элла Шарова, Нелли Полкова, 15 №-дээх оскуола үөрэнээччилэрэ бу тэрээһиҥҥэ эрдэттэн бэлэмнэммиттэр:
— Биһиги былырыын ОГЭ-ҕэ обществоведениени туттарбыппыт. Онон «Уголовный кодекс», «Трудовое законодательство» диэн сокуоннар тустарынан өйдөбүллээхпит. Олимпиадаларга кыттабыт. Учууталбыт Михаил Сергеевич Яковлев. Эһиил оскуоланы бүтэрэн, Элла астрофизик, Нелли ай-ти менеджмент үөрэҕэр барар былааннаахпыт. Уонна биир баҕа санаабыт диэн атын дойдуга көһөн барыы. Холобур, Чехияҕа эбэтэр Канадаҕа. Ол эрээри, билигин Россияҕа олорорбут быһыытынан, судаарыстыбабыт сокуоннарын билиэхтээхпит уонна тутуһуохтаахпыт.
Ирина Егоровна Чепалова, Хатас оскуолатын историяҕа, обществоведениеҕэ учуутала:
— Оскуолабыттан 10 оҕону илдьэ кэллим. Сорохторо инникитин юрист буолар баҕалаахтар, холобур, 10 кылаас үөрэнээччитэ Родион Гермогеновы бэлиэтиэхпин баҕарабын. Мин оҕолорум, дьиҥинэн эттэххэ, бу тэрээһин сорудахтарын ыарырҕаппатылар, ыйытыктара чэпчэкилэр диэтилэр. Онон мин оҕолорбор эрэнэбин. Аныгы үйэҕэ хас биирдии киһи бэйэтин быраабын көмүскэнэригэр юридическай билиилээх буолуохтаах. Уонна бу билии сокуону кэспэттэригэр, коррупцияҕа кыттыспаттарыгар төһүү буолуо этэ.
Саша Степанов, Дьокуускайдаагы кадет оскуола-интэринээт оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ:
— Биһиги оскуолабытыгар 9-с кылаастан нэдиэлэ ахсын «правовой уруок» ыытыллар. Биһиги кадеттар буоларбыт быһыытынан, быраап уонна сокуон тиэмэтигэр үчүгэй билиилээх буолуохтаахпыт. Оскуоланы бүтэрдэхпитинэ, үксүбүт байыаннай уонна ис уорган, полиция идэтин талар баҕалаахпыт. Атын интэриэһим диэн Азия дойдулара уонна кей-поп.
Төрөппүт Алена Владиславовна Брежнева:
— Мин оҕом Аэлина Брежнева «Я и право» Валентина Дамдиновна Николаева ыытар куруһуогар дьарыктанар. Онон бу тэрээһини интэриэһиргээн, кытынна. Кыыһым полицейскай, ону ааһан, криминалист буолар санаалаах, дьоҥҥо көмөлөһөр баҕалаах. Соторутааҕыта Саха тыйаатырыгар «Ревизор» испэктээк кэнниттэн көрөөччүлэр, прокуратура үлэһиттэрэ кыттыылаах ырытыыҕа сылдьыбыппыт. Кыыһым ол тэрээһини эмиэ олус интэриэһиргээбитэ. Онон «коррупция куһаҕан, бобуулаах» диэн өйдөбүллээх.
Валентина Дамдиновна Николаева, Дмитрий Альбертович Прохоров, «Юные якутяне» киин:
— «Правовой марафон: Стоп коррупции» тэрээһин И.П.Иванов методикатынан оҥоһулунна. Ол аата оонньуу нөҥүө үөрэтии. Былырыын «Модель ООН» дьыалабыай оонньуу олус көхтөөхтүк барбыта. Оҕолор араас дойдулар бэрэстэбиитэллэрин оруолугар киирэн, кинилэр дойдуларыгар коррупцияны кытта үлэ хайдах барарын көрдөрбүттэрэ уонна түмүккэ коррупцияны утары ыытар үлэ туһунан резолюция ылбыттара. Быйылгы тэрээһин оҕолору эмиэ олус интэриэһиргэттэ. Станцияларга, холобур, коррупция утары «памятка» суруйуохтаахтар, хоһоон айыахтаахтар, уруһуйдуохтаахтар. Маннык, оонньуу быһыытынан бэриллэр үөрэх, оҕолор өйдөрүгэр, мээнэ лиэксийэтээҕэр, ордук үчүгэйдик иҥэр, туһалаах буолар.
Оонньуу түмүгүнэн Дьокуускайдааҕы кадет оскуола-интэринээтин иитиллээччилээрэ бастаатылар, иккис 9, үһүс 25, 15 №-дээх оскуолалар хамаандалара буоллулар. Призердар Дьокуускай куорат уокуругун бэлэхтэрин туттулар.
Ааптар: Таисия Алексеева.