Мин төрөөбүт дойдум Горнай улууһун Күөрэлээх нэһилиэгэ буолар. Нэһилиэгим олоҕун-дьаһаҕын туһунан билээри баһылык солбуйааччытыттан Абрамова Прасковья Гавриловнаттан интервью ыларга сананным.
— Прасковья Гавриловна, биһиги нэһилиэкпит социальнай-экономическай балаһыанньатын сырдатыаҥ дуо?
— Ахсынньы ый 1 күнүн туругунан Октябрьскай нэһилиэгэр 558 киһи олорор, онтон 270 — эр киһи, 274 — дьахтар, улахан киһи ахсаана — 372, 18-дылы саастаах оҕо ахсаана — 172. Нэһилиэкпитигэр уопсайа 171 дьиэ баар, 138 — хаһаайыстыба, оскуола оҕотун ахсаана — 62, оҕо уһуйааныгар — 43, ыччат ахсаана — 138, элбэх оҕолоох ыал ахсаана — 34, кыаммат ыаллар — 68, сэрии оҕолоро — 2, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон — 38, үлэтэ суох дьон — 33, воинскай учуокка турар дьон ахсаана — 59.
— Нэһилиэкпит тупсарыгар туох үлэлэр баралларый?
— Быйыл Горнай улууһугар Тупсаран оҥоруу сыла биллэриллибитэ. Онон сиэттэрэн биһиги нэһилиэкпитигэр элбэх үлэ барда диэхпин сөп. Ол курдук бөх кутар сир күрүөлэннэ, эргэ дьиэни көтүрүү үлэтэ ыытылынна, саҥа 4 квартиралаах дьиэбит күрүөтэ оҥоһулунна. Ону таһынан 1,5 млн сууммалаах Школьная уулусса суола оҥоһулунна. Көҕөрдүү үлэтигэр 100-тэн тахса умнас мас олордулунна. Ыам ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри ыраастаныы ыйын чэрчитинэн элбэх субботниктар ыытылыннылар. Ону тэҥэ сайын устата биир ыйга 22 оҕону хамнастаан үлэлэттибит. Билигин даҕаны алтынньы ыйга дылы араас субботниктар ыытыллыахтара. Саамай улахан үөрүүбүтүнэн буолар, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан 3-этээстээх 18 квартиралаах саҥа дьиэ тутулла турар, быйыл сэтинньи ыйга киириэхтээх диэн былааннанар. Кэлэр сылга тупсаран оҥорууга былааммыт элбэх диэн этиэхпин баҕарабын.
— Биһиги нэһилиэкпитигэр сытыытык турар туох кыһалҕа баарый, ону туоратарга туох үлэлэр бара туралларый?
— Саамай тыын боппуруоһунан биһиги нэһилиэкпитигэр иһэр уу буолар. Водоскважина тутуутун улууска, Бырабыыталыстыбаҕа туруорсабыт. «Тыа сирин биир кэлим сайдыыта» бырагыраамаҕа бырайыакпытын киллэрбиппит, үбүлээһин кэмчи буолан ааспатаҕа. Быйыл бу саас «Чистая вода» бырагырааманан, ЖКХ нөҥүө биэрэн, саҥа бырайыак оҥоро сылдьабыт.
— Кэлэр кэнчээри ыччакка туох сүбэни биэриэҥ этэй?
— “Үөрэх баар — бараммат баай” диэн өс хоһооҥҥо олоҕуран, бастатан туран үөрэхтээх дьон буола улааталларыгар баҕарыам этэ. Элбэх сири-дойдуну көрөн, араас дьоннуун алтыһан, кэпсэтэн бэйэҕитин сайыннарын, билиигитин хаҥата турун.
— Прасковья Гавриловна, эһиэхэ үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын уонна быыс булан интервью биэрбиккитигэр махтанабын.
Прасковья Гавриловналыын кэпсэтиибитин сиһилии видеоҕа көрүҥ:
Виктория ФЕДОРОВА, С.Г. Ковров аатынан Күөрэлээх орто оскуолатын
6-с кылааһын үөрэнээччитэ.