Майатааҕы лицейбит техническэй наукалары эрэ дириҥэтэн үөрэппэт, биһигини киһи быһыытынан сайыннарар, чөл куттаах, чиҥ өйдөөх-санаалаах, төрөөбүт дойдубутун, норуоппутун ытыктыыр патриот дьон буола улаатарбытыгар кыһаллар.
Ол туһуттан араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Бу сырыыга V-VIII кылаас уолаттарын хабан, музейнай экспедиция олус сэргэхтик уонна интэриэһинэйдик буолан ааста. Олохтоох музейбыт экспонаттарын астына көрдүбүт, үөрэттибит.
Былыргы дьон туттар малларын көрдөрө-көрдөрө, музей үлэһитэ биһиэхэ оччолорго аҕа уустара, атын омуктар бэйэ-бэйэлэрин кытары хайдах эргинэн, билсэн олорбуттарын туһунан кэпсээбитэ.
Биир саамай сэргээбит экспонаппытынан Пономарев кулуба туттарбыт 7 м үрдүктээх башнята буолла. Башня бастаан бурдук, ас-үөл хаһаанар ампаар эбит. Ас-үөл сытыйбатын-ымыйбатын диэн, анал чуолҕаннардаах. Олус табыгастаахтык, мындырдык оҥоһуллубут баараҕай тутуу. Онтон Манчаары батталы утары туруутун кэмигэр ампаарбыт саһар башняҕа кубулуйбут.
Манна даҕатан, мэҥэлэр номох буолбут геройбут Манчаары Баһылай туһунан кыратык бэйэм санаабын этиим. Оччолорго, кылаассабай хайдыһыы олус күүстээх эрдэҕинэ, Манчаары дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. Төһө даҕаны баай абаҕалаах буоллар, муор-туор олох бары ыарахаттарын, баай дьон хара санаатын, атаҕастабылын этинэн-хаанынан билэн улааппыта. Бэйэтин курдук күннэтэ баттабыл анныгар сылдьар, үрүҥ харахтарын өрө көрбөккө үлэлиир норуотун үтүө олоххо олордуон баҕарар санаатын кыра эрдэҕиттэн аһыныгас сүрэҕэр иитиэхтиир. Бу туһунан элбэх сэһэннэргэ кэпсэммитэ, хоһооннорго хоһуллубута, ырыаларга ылламмыта. Манчаары оҕо эрдэҕиттэн тэтиэнэҕин, улууһун, дойдутун аатын араас күрэс былдьаһыыларга аатырдыбытын туһунан мэҥэлэр устубут “Ил ситимэ” киинэҕэ итэҕэтиилээхтик сырдаппыттар. Мин кинини баттал утары турбут герой, үйэлэргэ үөдүйбүт атаҕастабылы урусхаллыыр революционер, норуотун, дойдутун бэриниилээхтик таптыыр патриот быһыытынан сыаналыыбын.
Манчаары баайдары утары хамсааһына тыҥаан турдаҕына, Пономарев кулуба баайдаах ампаарын саһар башняҕа бэрт түргэнник кубулутан оҥорбут эбит. Анал чуолҕаннара кэтиир үөлэс, киэҥ киэлитэ элбэх буойун батар, лааппылара баай-дуол уурар сирдэрэ буолбута саарбаҕа суох.
Былыргы баараҕай тутуу биһиги үйэбитигэр тиийэн кэлэн, история кэрэһитэ буола турара олус долгутуулаах. Музейнай экспедиция кэнниттэн уолаттар араас санааларбытын үллэһиннибит. Бары билии-көрүү, долгуйуу сүгэһэрдээх тарҕастыбыт.
Айсен Стручков.
Майа лицейэ.
Мэҥэ Хаҥалас.