1998 сыллаахтан Кэбээйи орто оскуолатыгар агро хайысхалаах оскуола статуһа иҥэриллибитэ. Биһиги оскуолабыт оҕолоро, педагогтара агро-хайысханан күүскэ ылсан үлэлиибит. Ол курдук үөрэххэ, эбии дьарыкка, үлэҕэ, күрэххэ агрокомпонент хайаан да баар буолар. Агропрофилированнай уруоктар 11-с кылааска диэри бааллар. Эбии дьарыкка “Силис”, “Флора”, “Юный исследователь”, “Юный животновод” куруһуоктар буолаллар.
“Оҕону үлэнэн иитии” диэн бырайыагынан оскуолабыт оҕолорун тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр сыһыарар араас үлэ барар. Сайын оҕуруот аһын үүннэриитинэн дьарыктанар “Сарыал” лааҕыр таһаарыылаахтык үлэлиир. Оҕолор бэйэлэрэ үүннэрбит оҕуруот астарын кыһын оскуола остолобуойугар туттараллар. Сороҕо нэһилиэнньэҕэ атыыга барар. Сылын аайы киһи хараҕын, уйулҕатын үөрдэр дьэрэкээн сибэккилэри оскуолабыт таһыгар, лааҕырдарга үүннэрэбит. Саас-күһүн оҕолорго оскуола таһыгар уонна лааҕырга производственнай практика буолар: оҕуруокка буор үлэтэ, рассада үүннэрии, көрүү-харайыы, оҕуруот аһын үүннэрии, хомуур, теплица үлэлэрэ.
Оҕолор чинчийэр үлэнэн дьарыктанан, научно-практическай конференцияларга, күрэхтэргэ агро-хайысханан ситиһиилээхтик кытталлар. Педагогтар агрокомпоненнаах педчтениеларга кытталлар.
Биһиги агро-оскуолабыт 11-с кылааһын биир бастыҥ үөрэнээччитэ Максимов Стас ити үөһээ этиллибит үлэлэртэн, дьарыктартан туора турбакка көхтөөхтүк кыттар. Сайын аайы үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар үлэлиир. Быйыл олунньуга РРЦ “Юные Якутяне” ыыппыт “Юный сельский труженик” күрэҕэр “Лучший юный овощевод” номинацияҕа 1 миэстэ буолбута.
Научнай үлэтин хайысхата — биология, экология, тыа хаһаайыстыбата. Чинчийэр тиэмэтэ: “Морфометрические изменения томатов при гибридизации томатов”. Стас интеллектуальнай, чинчийэр, IT хайысхалаах тэрээһиннэргэ өрүү кыттар. «Малая Академия наук» регионнааҕы киинин чилиэнэ уонна стипендиата.
Сүрүн ситиһиилэрэ: Россиятааҕы “Открой в себе учёного” НПК (Санкт-Петербург к.) 1 степеннээх лауреат, Россиятааҕы “Золотая осень” быыстапка иһинэн агропромышленнай «Юннат» күрэххэ (ВДНХ, Москва к.) кыайыылаах диплома, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы» НПК «Сельхоз.науки» сиэксийэҕэ I, II, III миэстэ (араас сылларга), Россиятааҕы «Чугуновские агрочтения», «Ларионовские чтения» НПК (АГАТУ) I миэстэ, Россиятааҕы «Интеллектуальный потенциал молодежи – селу XXI века» НПК (ЯНИИСХ) I миэстэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Шаги в науку» НПК (ХИФУ, Хайа дьыалатын института) лауреат о.д.а.
Тыа сиригэр олорор оҕо быһыытынан Стас үөрэҕин кэнниттэн дьиэ тас үлэтигэр үлэлиир: хаар күрдьэр, муус-хаар киллэрэр, мас хайытар, уу таһар, сылгыларын аһатар, турар сирдэрин ыраастыыр, сайын от үлэтигэр эриллэр.
Иллэҥ кэмигэр сөбүлүүр дьарыктара — саахымат, спидкубинг. Кубик-рубик араас көрүҥүн түргэнник бириэмэҕэ эрийиигэ эрчиллэр. Коллекциятыгар сүүрбэччэ араас фигура көрүҥэ баар.
Стас Максимов Кэбээйи аргооскуолатыгар үөрэнэн ылбыт билиитин-дьоҕурун, тыа сирин үлэтигэр эриллэн улааппыт сатабылын олоҕор сатамньылаахтык туттуо диэн эрэнэбит.
Зоя Максимова,
Кэбээйи орто оскуолатын
эбии үөрэхтээһинин педагога.