ЮНКОР ДНЕВНИГИТТЭН
От ыйын 27 күнэ. Москва куоракка төрдүс күммүт. Бу күнү быһа биһиги аатырар Поклоннай хайаҕа турар дойдубут биир саамай улахан, суолталаах сиригэр Кыайыы пааркатыгар сырыттыбыт.
Манна Аҕа дойдуну Улуу сэриитин туһунан кэпсиир Кыайыы музейыгар 1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин историятын өссө дириҥник, киэҥник билэргэ анаммыт, байыаннай бэлэмнэниигэ үөрэтэр квест оонньууга сырыттыбыт, дьиҥнээх олоххо чугас көстүүлээх музейнай экспонаттары көрдүбүт. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмин олус дьиҥнээхтик ылынныбыт. Музейы олуһун сөбүлээтим. Скульптуралара, тулалыыр эйгэтэ олус интэриэһинэй. Ону ааһан киһи кутун-сүрүн хаайар, баттыыр, тымныынан, алдьархайынан аҥалыйар курдук.
Мин манна сылдьан дойдубуттан Хайахсыт нэһилиэгиттэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт биир дойдулаахтарым хорсун санааларын бэйэбэр чугастык ылынным.
История уруогар ситэ билбэтэхпин, өйдөөбөтөхпүн бу кылгас кэм иһигэр барытын илэ харахпынан көрөн, квест оонньоон, Аҕа дойду Улуу сэриитин алдьархайын чугастык ылынан өйдөөтүм, элбэҕи биллим.
Маннык өйгө-санааҕа курус түгэннэри үөскэтэр санаарҕабыллаах сырыы кэнниттэн аны дууһаны уоскутар, сынньатар симфония тыыннаах дорҕоонун кытта алтыстыбыт. Чопчулаан эттэххэ, Царицыно пааркаҕа «Симфония Джанго» хоругар сырыттыбыт. Симфония аан дойдуга тоҕо биһирэнэрин кыратык өйдөөтүм быһыылаах. Киһи истэ туран хайдах турукка киирэрин, өйө-санаата сырдыырын симфонияны истибит киһи бэйэтэ эрэ өйдүүр кыахтаах. Тылгынан тиэрдэрин уустук.
Дойдубут историятын, культуратын олохпор хаһааҥҥытааҕар да чугастык ылынным. Москваҕа төрдүс күнүм симфония улуу дорҕоонноругар уйдаран түмүктэннэ.
Вадим КОЛЕСОВ, Х кылаас,
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы