Быйыл сэтинньи 19 күнүгэр аан дойду үрдүнэн Sony PlayStation 5 оонньуу приставката таҕыста. Билигин бу 20-с сыллар саҕаланыыта, саарбаҕа суох, биир бастыҥ, чаҕылхай оонньуур тэрил буолар. Sony хампаанньаны сэргээччилэр олус үөрдүлэр, Xbox сүгүрүйээччилэрэ бэйэлэрин приставкаларын туруулаһаллар, оттон көмпүүтэр геймердара NVIDIA саҥа видео-хаартатын атыылаһаары, харчы мунньаллар. Онтон атыттар оонньуу индустрията быйыл тугу бэлэмнээбитин кэрэхсии күүтэллэр.
Тас көрүҥэ
Урукку көлүөнэргэ PlayStation көстүүтэ хараҥа, көнө муннук быһыылаах, барыта биир истиилинэн буоллаҕына, бэһис приставка олус ураты көрүҥээх. Онон, дьэ, тас көрүҥэр үөрэниэххин наада. Digital Edition приставкаҕа диискэ киирэрэ суох. Оонньуулары интэриниэттэн атыылаһан, хачаайдаан оонньуугун. Ол иһин консоль көстүүтэ быдан үчүгэй, ойоҕосторо тэҥ, көнө быһыылаах. Остуолга туруору гына уурар табыгастаах. Кириитиктэр бу саҥа приставка тас көрүҥүн салгын ыраастыырга майгыннаталлар.
Онон PlayStation 5 историяҕа саамай улахан оонньуу приставката буолла. Оннооҕор консоль уурар олоҕо суох кээмэйэ — 390 x 104 x 260 мм. Оттон диискэ киирэрэ суох 12 мм-нэн кыра. Приставка ыйааһына — 4,5 и 3,9 кг, көрүҥүттээн тутулуктаах. PlayStation 4 тэҥнээн көрдөххө, саҥа консоль 2 киилэнэн чэпчэки.
Техническэй өрүттэрэ
PlayStation 5 процессора AMD Zen 2 аҕыс ядролаах, үлэтин түргэнэ – 3,5 ГГц. Оперативнай өйдөбүлэ — GDDR6, 16 ГБ.
Приставка кэриҥэ SSD-накопителэ 825 ГБ. NVMe технология түргэтии көмөтүнэн оҥоһуллубут, онон приставканы сөрүүкэтэр кыһалҕата быһаарыллыбыт. Холобур, 2 ГБ даннайы 0,27 сөк. олус түргэнник хачаайдыыр.
Sony саҥа приставката икки араастаах. Сүрүн көрүҥэ 4K UHD Blu-ray Drive диискэ киирэрдээх, оттон Digital Edition оннуга суох, ол да буоллар икки консоль техническэй өрүттэрэ тэҥ, туох да хааччаҕа суох.
DualSense
Саҥа, сырдык өҥнөөх, тутарга ыйааһына чэпчэки. Геймпад таһа эрэһиинэнэн уонна көстөр көстүбэт ойууларынан оҥоһуллубут. Оонньууга «киһигин” хамсатарга табыгастаах, түргэнник хайыһарга, сүүрэргэ, ытарга, киирсэргэ туһалыыр.
Сэрээттиир тэрилэ – аныгы USB-C. Түргэнник сэрээттиир, ону таһынан геймпад аккумулятора күүстэх, уһун кэмҥэ туттуллуон сөп.
- Spider-Man: Miles Morales
- Gran Turismo 7
- Ratchet & Clank: Rift Apart
- Project Athia
- Stray
- Returnal
- Sackboy: A Big Adventure
- Kena: Bridge of Spirits
- Oddworld: Soulstorm
- GhostWire Tokyo
- Godfall
- Solar Ash
- Hitman III
- Astro Bot
- Little Devil Inside
- NBA 2K21
- Bugsnax
- Deathloop
- Resident Evil: Village
- Pragmata
- Horizon: Forbidden West
- Grand Theft Auto 5 Enhanced
- Astro’s Playroom
- Demon’s Souls 3.
- Destruction All Stars
- Sackboy A Big Adventure
- FIFA 21
Оонньуу приставка үлэлиир кэриҥэ аччаабыта 7-8 сылга тиийэр. Ол иһин Sony уонна Microsoft оонньуур тэриллэрэ аныгы, күүстээх көмпүүтэр олоҕуттан уһуннук туттуллуон сөп. Ол курдук, саҥа оонньуу приставкатын оҥорорго элбэх үп-харчы бараммыт буолан, хампаанньалар биир көлүөнэни уһуннук үлэлэтиэхтэрин баҕараллар. Ол аата аны PlayStation саҥа 6 чааһын эбэтэр Xbox саҥа сиэрийэтин көрбөппүт буолуо. Ол кэмҥэ баҕар “облачнай” гейминг сайдыан, оонньуу эйгэтин баһылыан сөп.
Ааптар: Павел Ильин.