Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ тохсунньу 26 күнүгэр 1966 сыллаахха олохтоммута. Литература, ускуустуба уонна архитектура уһулуччу айымньыларын иһин ананар.
Бириэмийэ хас сыл ахсын туттарыллар. Норуодунай суруйааччы Софрон Данилов көҕүлээһининэн бириэмийэ судаарыстыбаннай суолталаммыта. 2003 сыллаахха Былатыан Ойуунускай 110 сылыгар эбии 2 бириэмийэ олохтоммута.
Бириэмийэ лауреатын аатын суруйааччылартан уонна саха литературатыгар кылааттарын иһин ылбыттара:
Аан бастакынан 1967 сыллаахха Софрон Петрович Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары» романын суруйан ылбыта.
В 1969 с. — Васильев Сергей Степанович-Бороҕуонускай, «Улуу Ильмень» баллада.
1970 с. — Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон, «Күн күөрэйиэн иннинэ» драма.
1974 с. — литературовед Гавриил Ксенофонтович Боескоров, «Мастерство Н. Е. Мординова» монография.
1978 с. — Семен Николаевич Курилов, «Ханидуо уонна Халерхаа» уонна «Саҥа дьон» романнара.
1982 с. — Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа, Л.Н. Толстой «Сэрии уонна эйэ» роман-эпопеятын тылбааһа.
1986 с. — Василий Сергеевич Соловьев-Болот Боотур , «Уһуктуу» роман.
1990 с. Рафаэль Дмитриевич Ермолаев–Баҕатаайыскай.
1990 с. — Михаил Елисеевич Тимофеев, «Возвращение» моноопера уонна «В памяти П. А. Ойунского» вокальнай цикл.
1992 с. — Василий Андреевич Протодьяконов-Кулантай П.А.Ойуунускай аатын үйэтитиигэ улахан өҥөтүн иһин.
1993 с. — Василий Семенович Яковлев – Далан, «Тыгын Дархан» историческай роман.
1995 с. — Иван Егорович Федосеев–Доосо, «Холорук» сэһэнэ.
1995 с. — Федор Петрович Ефимов репрессия уонна эккирэтиһии кэмигэр П.А.Ойуунускай айымньыларын оттискатын кистээн, харыстаан, сүтэрбэккэ илдьэ сылдьыбытын иһин ылбыта.
1996 с. — Иван Григорьевич Спиридонов литератураҕа уонна критикаҕа үлэлэрин иһин ылбыта.
1997 с. — Гавриил Гаврильевич Колесов «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону грампластинкаҕа уһултарбытын уонна саха литературатыгар өҥөтүн иһин.
2000 с. — Владимир Николаевич Федоров, «Одиссея инока якутского» пьеса.
2000 с. — Семен Андреевич Попов-Тумат оҕолорго аналлаах «Муора арыытыгар олох», «Улуу кыыл тыына» уонна «А.С.Пушкин уонна Саха Сирэ» кинигэлэрин иһин.
2002 с. Савва Иванович Тарасов У. Шекспир «Гамлет», «Макбет», «Король Лир» драмаларын сахалыы тылбаастаабытын иһин.
2004 с. — Сардана Платоновна Ойуунуская, П.А.Ойуунускай олоҕун, айар үлэтин сырдатар, тарҕатар өр сыллаах үлэтин иһин.
2008 с. — Николай Егорович Винокуров-Урсун, «Быралыйбат былыргы» уонна «Отут ордуга үс сыл» кинигэлэрэ.
2012 с. — Павел Николаевич Харитонов–Ойуку, «Хоболоох суол» 4 томнаах историческай роман-эпопеята.
2013 с. — Николай Алексеевич Лугинов саха литературата сайдарыгар улахан өҥөтүн уонна «Чыҥыс Хаан ыйааҕынан», «Улуу Хууннар» айымньыларын иһин.
2014 с. — Елена Васильевна Слепцова-Куорсуннаах, «Аан Талҕа» роман.
2015 с. — Петр Алексеевич Слепцов, саха уус-уран литературатын, олонхону үөрэтиигэ сүдү кылаатын иһин.
2016 с. — Варвара Борисовна Окорокова.
2017 с. — Шаршеналы Абдылдаев.
2017 с. — Бексултан Жакиевич Жакиев.
2018 с. — Олег Гаврильевич Сидоров.
2021 с. — Наталья Ивановна Харлампьева.