Пионерия күнүгэр Амма Аччыгыйын аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата уонна Хатас оскуолата тэрийбит турсүлүөт туһунан онно кыттыбыт улахан дьон, оҕолор санаалара киирэ турар. Бүгүн бэйэтин санаатын СӨ үөрэҕириитин Бочуоттаах бэтэрээнэ, учууталлар учууталлара, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Татьяна Александровна Павлова үллэстэр.
— Бу күн, киһи баҕарбытын курдук, наһаа үчүгэй күн туран биэрдэ. Чаҕылыччы күн да күн. Мин Людмила Семеновна Павлованы кытта Хатас орто оскуолата уонна «Кэскил» хаһыат редакцията тэрийбит куорат 8 оскуолалалара кыттыһыктаах пионерия 100 сылыгар аналлаах турслекка ыҥырыылаах ыалдьыт буолан кэллибит.Оҕолор кэлэн бэлэмнэнэ сылдьалларын көрөн, бэйэбит оҕо сааспытын, оскуолатааҕы кэмнэрбитин санаан ыллыбыт, Людабыныын учууталларбытын, оҕолорбутун ахтан ирэ-хоро кэпсэттибит. Оҕо саас кэрэ кэмнэрин ахтар — санааҕа наһаа үчүгэй.
Пионерскай дружина председателэ, оскуолаҕа комсомольскай тэрилтэтин 1 сэкирэтээрэ, үөрэхпин бүтэрэн, төрөөбүт оскуолабар бастаан пионер баһаатай, онтон нуучча тылын учуутала — онно аттыбар наар учууталларым күүс-көмө, сүбэ-ама буолаллара. Аны урукку оҕо ааҕар, бибилэтиэкэҕэ сылдьар бөҕө буоллахпыт, онон оҕо саас арахсыспат аргыстара кинигэ, «Бэлэм буол» уонна «Пионерская правда» хаһыаттар, сурунааллар этилэр. Онон «Кэскил» хаһыат үлэһиттэрэ кэлэллэр диэбиттэригэр, үөрэ истибитим.
Бу иннинэ эрэ, урукку хаартыскаларбын көрө олорон, 50 сыл анараа өттүгэр пионерия 50 сылынан үбүлүөйдээх Бочуотунай грамотаны туттарбыттарын булан ыллым. Ол күнү эмиэ олох умнубаппын. Аны бүгүн ааттыын «Бэлэм буол-2022» диэн урукку пионерскай сбордары санатар турсүлүөккккэ кытынным. Эмиэ умнуллубат түгэн. «Тускул» КК методистара В. М. Константинова уонна Т. Г. Окорокова аһыллыытын наһаа үчүгэйдик туруоран, тэрээһини киэргэттилэр. Оскуолабыт администрациятыгар, физкультура учууталларыгар маннык умнуллубат турсүлүөтү тэрийбиттэригэр махтаныам этэ.
Истиҥ эҕэрдэ, биһиги көлүөнэ пионердарыгар! Мэлдьи бэлэм буолуҥ!
Бастакы хаартыскаҕа: Хаҥастан уҥа — Л. С.Павлова, Т.А.Павлова.
◦