Муус устар 6 күнүгэр Лөгөй орто оскуолатыгар «Пионерияҕа, салют!» диэн В.И. Ленин аатынан Бүтүн Сойуустааҕы пионерскай тэрилтэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах горн, барабан, Өрөгөй ырыатын доҕуһуолунан үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна.
Бу үтүө күн үөрүүлээх быһыыга-майгыга I кылаас үөрэнээччилэрин Россиятааҕы оҕо түмсүүтүгэр ыллыбыт. Ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт — Зоя Космодемьянская аатынан пионерия этэрээтин бэтэрээннэрэ оҕолорбутугар «РДШ» хаалтыһын баайан, кырачааннары эҕэрдэлээтилэр. Россия үөрэнээччилэрин аатын чиэстээхтик сүгэргэ сорук биэрдилэр. Кэнчээри ыччаппыт долгуйан туран, харда тылларын эттилэр.
Бу тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар: Татьяна Ильинична Жиркова, СӨ үөрэҕириитин уонна бэчээтин туйгуна, Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан оҕо бэчээтин кыһатын кылаабынай редактора, Жанна Владимировна Леонтьева, СӨ бэчээтин туйгуна, суруналыыстар «Көмүс бүрүө» бириэмийэлэрин лауреата, Петр Матвеев, «Кэскил» оҕо хаһыатын фото-видеокэрэспэдьиэнэ. Ону тэҥэ, 150 сылын туолар Мүрү 1 №-дээх оскуолатын, 100 сылын туолар Өнөр орто оскуолатын, Улуустааҕы эбии үөрэхтээһин иһинэн үлэлиир «Уус-Алдан Кэскилэ» оҕо түмсүүтүн дэлэгээссийэлэрэ.
Тэрээһин чэрчитинэн араас площадкаларынан оҕолор интэриэһинэй, көрдөөх станцияларынан оонньоотулар:
- “Кэскил” хаһыат—арахсыспат атаһым, эрэллээх доҕорум!” –хаһыат рубрикаларын устун квест-оонньуу (тэрийээччи Лөгөй оскуолатын активистара);
- “Оҕо түмсүүтүн инникитэ, сайдыыта” (тэрийээччи “Уус Алдан Кэскилэ” оҕо түмсүүтэ;
- “Эн дьиэҥ, эн төрөөбүт дойдуҥ, Саха сирэ” (тэрийээччи Өнөр орто оскуолата);
- “Дьулус! Тулуй! Кыай!” Тыа сирин VIII спортивнай ооньууларыгар аналаах спортивнай түһүлгэ (тэрийээччи: Мүрү 1 №-дээх оскуолата;
- “Уйгу сирэ-Уус-Алдан” станцияны Лөгөй орто оскуолатын педагог-бибилиэтиэкэрдэрэ тэрийдилэр.
Ыалдьыттар, учууталлар, оҕо түмсүүтүн салайааччылара «Үбүлүөйдээх сылга эргичийэ оонньоо оҕо саас» диэн Пионерия 100 сааһыгар ананан тэриллибит, Лөгөй орто оскуолатын иһинэн мобильнай-выстовачнай мусуойу сэҥээрэ көрдүлэр. Мусуой хоско оҕо саас уоттаах-күөстээх пионерия олоҕун ахтан-санаан, истиҥник сэһэргэһэн, эдэр көлүөнэҕэ үтүө баҕа санааларын бэтэрээн пионердар тириэртилэр. Билиҥҥи Россиятааҕы оҕо түмсүүтэ Пионерскай хамсааһын салҕааччылара, бу тэрээһиҥҥэ үс көлүөнэ көрсүһүүтэ өссө истиҥник көһүннэ. Оҕолор пионерия күүрээннээх олоҕун салҕааччылара буолалларын толору өйдөөтүлэр.
«Кэскил» хаһыакка сурутуу аахсыйа Татьяна Михайловна Петухова көҕүлээһининэн, өссө биэс сыллааҕыта “Оскуолабыт 70 сылыгар – 70 хаһыаты” диэн сурутууга бастакы түһүлгэбит түстэммитэ. Онтон ыла биэс сыл иһигэр “Кэскил” хаһыаты кытта доҕордоһон, сылын аайы оҕолорбут көхтөөхтүк суруйтараллар.
Оттон быйыл оскуолабыт 75 сылыгар маннык аахсыйаны тэрийэн, “Кэскил” оҕо түмсүүтэ – “Кэскил” хаһыаты түстүүр” диэн тэрээһини өссө киэҥ ис хоһоонноон, Бүтүн Сойуустааҕы пионерскай тэрилтэ 100, Саха АССР 100, Лөгөй орто оскуолатын 75 сыллаах үбүлүөйдэрин уруйдуу, үрдүк таһымҥа ыытта. Хаһыакка сурутуу квитанцияларынан Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо хаһыатын кэлэктиибэ олохтообут бириистэринэн лотерея оонньонно. Сүрүн бириистэр — “Сосновый бор” Кииҥҥэ сынньанар путевка Өнөр орто оскуолатыгар, Мүрү 1 №-дээх оскуолатын үөрэнээччитигэр үөрэ-көтө туттарылынна. Путевканы оскуолабыт выпускнига, П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын дириэктэрин солбуйааччы, СӨ оҕо общественнай түмсүүлэрин Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Геннадий Охлопков булан-талан анаата.
Саха АССР 100 сылын көрсө, Өнөр, Мүрү, Сыырдаах, үбүлүөйдээх орто оскуолаларын уонна “Уус Алдан кэскилэ” оҕо кэлэктиибин кытта – 100 «Кэскил» хаһыаты суруйтаран, Лөгөй орто оскуолата 75 үбүлүөйдээх сылбытын көрсө — 75 “Кэскил” хаһыаты суруйтаран, Уус Алданнар бары түмсэммит Өрөспүүбүлүкэ үбүлүөйдээх оскуолаларын биһиги бачыыммытыгар кыттыһаргытыгар ыҥырыы ыытабыт!
Т.М. Петухова, тэрийээччи-педагог, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы М.Н. Хабарова.