Мин пионер оҕо сааһым Убайаан аҕыс кылаастаах оскуолатыгар ааспыта. Үһүс кылааһы бүтэрэр сылбытыгар, 1974 сыллаахха, муус устар 22 күнүгэр Владимир Ильич Ульянов-Ленин төрөөбүт күнүгэр, биһигини, октябренок оҕолору, пионерга ылбыттара. Бу күҥҥэ бэлэмнэнэн пионер хайдах буолуохтааҕын туһунан быраабыла үөрэтэн, андаҕар тылы нойосуус билэн пионерга киирбиппит. Үөрүүлээх линейкаҕа биһиэхэ аалай кыһыл хаалтыс баайбыттара. Линейка кэнниттэн, хаалтыспытын көрдөрөөрү, кууркабытын тимэхтэммэккэ дьоһумсуйан дьиэбитигэр хаамсыбыппыт.
Биһиги кылаас Володя Дубинин аатын сүгэр этэрээт этибит. Этэрээт председателинэн ананан кылааһым иннигэр эппиэтинэстээх курдук санаммытым. Араас тиэмэлээх пионерскай сбордарга кылааһым оҕолорун сааһылаан туруоран баран рапорт этэ сүүрэрим, тиийэн пионерскай салют биэрэн баран: «…отряд имени Володи Дубинина построен и готов…», — диэн рапордыырым.
Биирдэ сборга атын кылаас оҕолоро тахсан рапордаан баран, наш девиз диэн этэллэрин истэн, онно туран эрэ девиз толкуйдуу охсубутум уонна оҕолорбор наш девиз диэтэхпинэ: «Живи, работай и учись как завещал великий Ленин!», — диэн этээриҥ диэн бэлэмнээбитим. Девиз, лозунг туһунан эттэххэ, мин оскуола саҕаттан ханна эрэ аахпыт этиибин өйбөр илдьэ сылдьарым, уруккулуу товарищ диэн тыллаах, ол маннык этэ: «Не завидуй, а радуйся тому, что твой товарищ достиг успехов. Но, радуясь его успехам, стремись обогнать его», — диэн. Ол курдук бу күннэргэ диэри бэйэм эрэ буолбакка, үөрэтэр оҕолорбун күннэтэ араас ситиһиилэри дабайарга көҕүлүүбүн, туохха барытыгар айымньылаах сыһыаннаах буоларга үөрэтэбин.
Пионер үрдүк аата оҕолору үчүгэйгэ тардар этэ: үөрэххэ кыһаллыыга, бэрээдэктээх буолууга, кырдьаҕастарга, кыраларга болҕомтолоох сыһыаҥҥа, дьоҥҥо көмөлөөх буолууга. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыттан ахтыы хомуйан ыалларга сылдьарбын өйдүүбүн. Бэтэрээннэргэ ыҥырыы биэрэн кылааспытыгар көрсүһүү тэрийэр этибит. Ол кэмҥэ кылааспыт салайааччыта Анна Еремеевна Попова этэ. Коммунистическай партия 25-с съеһин кылааһынан ыалга тиийэн телевизорынан көрбүппүтүн өйдүүбүн. Убайаантан Ньурбаҕа парадтыы оскуоланан стройдаан центральнай уулуссанан горн, барабаан доҕуһуолунан, ырыа аргыстаах үрэх үрдүнэн хааман иһэрбит бу баар курдук.
Билигин даҕаны бу ырыа киһи сүрэҕин долгутар: «Неба утреннего стяг, в жизни важен первый шаг. Слышишь, реют над страною ветры яростных атак. И вновь продолжается бой, и сердцу тревожно в груди. И Ленин такой молодой, и юный — Октябрь впереди!».
Ыам ыйын 19 күнүгэр айылҕаҕа тахсан костер тула мустан төгүрүччү туран ыллыырбытын, сүүрэн-көтөн күрэхтэһэрбитин кэтэһэр этибит. Оскуола оҕото барыта икки хамаандаҕа арахсан күрэхтэһэрбит, улахан кылаас уолаттара ким бастакы былааҕы утары хамаандаттан аҕалбыт «Ураа!» хаһыы-ыһыы бөҕө буолан үөрэллэрин-көтөллөрүн өйдүүбүн.
Оскуолаттан хамаанда тэриллэн ойуурга тахсан палааккаҕа хонуулаах, киэһэ костер аттыгар пионерскай ырыалаах, күнүс ориентированиеҕа күрэхтэһиилээх военно-спортивнай дьаһалга кыттыбыппын өйдүүбүн. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар саамай сөбүлүүр предмеппинэн нуучча тыла этэ. Бу предмеккэ похвальнай грамоталаах ахсыс кылааһы бүтэрбитим, үөрэххэ барар сайыммытыгар Анна Еремеевна оскуола тиэргэнигэр остуол ууран диктаҥҥа бэлэмниирин махтана саныыбын. Ахсыс кылааска физикаҕа Афанасий Петрович Романов үөрэппитэ, предметин наһаа интэриэһинэйдик үөрэтэрин таһынан, уруокка саха бухатыырдарын туһунан үһүйээннэри кэпсиир этэ, ону таһынан физика куруһуогун ыытар уонна баскетболга эрчийэн атын оскуола оҕолорун кытта күрэхтэһэ илдьэрин өйдүүбүн. Бииргэ үөрэнэр кыыспынаан Семенова Клавалыын биир хамаандаҕа түбэһэн бэркэ табыллан оонньооччубут. Манна диэн этэн аастахха, кырдьаҕас оскуолабыт физзалыгар улахан кылаас уолаттара адьас көтө сылдьар курдук бэркэ баскетболлуур этилэр. Оттон кыра кылаастарга биһигини Анна Дмитриевна Михайлова үөрэппитэ. Кини наһаа холку майгылаах, хас биирдии оҕоҕо ийэлии сыһыаннаах этэ, биһиги дьиэ кэргэнтэн миигин уонна бырааппын Андрейканы үөрэппитэ. «Үөрэппит оҕолорбун барыларын ыал ийэтэ, аҕата буолбут дьоннорбун сыллаталыыбын көрүстум да», — диэччи уонна мин кини курдук учуутал буолбуппуттан наһаа үөрэр этэ. Күһүн аайы саҥа үөрэх дьылын көрсө хайаан да саҥа көстүүм кэтэн тиийэбин диэн кэпсээннээх буолааччы.
Биир сайын Чурапчыттан Ньурбаҕа күүлэйдии тиийбиппитигэр, учууталым Анна Дмитриевна миигин көрсөөру ийэм дьиэтигэр кэлэн элбэҕи кэпсэтэн, чэйдээн барбыта үтүө өйдөбүл буолан хаалбыт. Дьиҥэ мин үөрэнэ 1 «б» кылааска киирбит эбиппин, ону ол кылаас учуутала биир уопсай дьиэҕэ олорор эбиппит, миигин үөрэнээччим халаатынан уу тоҕо сылдьарбын көрүө дуо диэн 1″в» кылааска көһөттөрбүт эбит.
Переменаҕа наар «Нахаленок» диэн киинэни көрөрбүтүн, буфекка коржик сиирбитин, уруучука төбөтүгэр карамель кэмпиэт иилэн уруокка эмэрбитин, кылааспытыгар бырааһынньыктаары аҕалбыт аспытын уонна морспутун паартабыт үрдүгэр ууран иһэрбитин; итиэннэ 1975 сыллаахха дьиэбитигэр черно-белай телевизор кэлэн, ийэбинээн хоккей фанаттара буолан, кини Бальдериһы, мин Харламовы кумир оҥостубуппутун санаан кэлэбин. Ити кэмҥэ кылааспытыгар наар хоккей туһунан кэпсэтэн тахсар этибит. Оттон саҥа дьыл бырааһынньыга туспа ураты кэрэ буолар этэ, эргэ оскуолабытыгар физзалга барар ааны аһан кэбистэхтэринэ, оскуолабыт улаатан, кэҥээн, хас биирдии хоһо харыйаларынан симэнэн остуоруйа дойдутун санатара.
Кыһыл хаалтыспытын сотору-сотору сууйар, өтүүктүүр этибит.Формабыт маҥан пионерскай, көмүс тимэхтээх рубашка уонна юбка этэ. Ону пионерскай сбордарга кэтэр этибит. Оскуолабыт дружината Ю.А. Гагарин аатын сүгэрэ, пионер баһаатайынан куруук мичилийэ сылдьар, эйэҕэс майгылаах, үлэтигэр наһаа бэриниилээх Розалия Софроновна Бушкова үлэлиир этэ. Кини оҕолору мунньан үлэни былаанныырын өйдүүбүн. Ол кэнниттэн субботниктар, тематическай сбордар, линейкалар, араас дьаһаллар ыытыллар этилэр.
Мин пионер буола сылдьыбыппынан киэн туттабын. Барабан, горн доҕуһуоллаах оҕо сааспын ахтабын, күндүтүк саныыбын.
Пионерия 100 сылынан аалай кыһыл хаалтыһы моонньугар киэн тутта бааммыт бииргэ үөрэммит оҕолорбун, биһигини үөрэппит учууталларбын, пионербаһаатайбын Светлана Софроновнаны истиҥник эҕэрдэлиибин, барыгытыгар эдэрдии эрчими, уостубат уйгуну, быстыбат быйаҥы баҕарабын!
Пионеркалар. Мин уонна одноклассницам Лариса Григорьева.
Ю.А. Гагарин аатынан дружинабыт пионербаһаатайа Бушкова Розалия Софроновналыын (1977-78 сс.).
Начаалынайга үөрэппит 11-с кылааһым оҕолоругар уонна үөрэтэ сылдьар 3-с кылааһым оҕолоругар Пионерия туһунан кэпсиибин. 19.05. 2019 с.
Начаалынайга үөрэппит 9-с кылааһым оҕолоругар уонна үөрэтэ сылдьар 1-гы кылааһым оҕолоругар Пионерия 100 сылын көрсө кылаас чааһа. 16.05. 2022 с.
Ахтыыны суруйда Наталья Николаевна ИГНАТЬЕВА (САВВИНОВА),
Чурапчы улууһун В.С. Яковлев-Далан аатынан Кытаанах орто оскуолатын алын сүһүөх кылааһын учуутала,
РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ,
СР «Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайына, СР үөрэҕириитин туйгуна.
Источник: keskil14.ru