Бэйээт Петр Николаевич Тобуруокап Үөһээ Бүлүү Намыгар үлэтин үтүө күннэрэ ааспыта.
Петр Николаевич 105 сылын көрсө Нам оскуолатын бэтэрээн учууталлара Н.Р. Саввинова, Л.Н. Сидорова, Н.Г. Иванова, В.Г. Мухоплёва көҕүлээһиннэринэн «Кырадаһын хоһооннор» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах күрэҕи ыыта сылдьаллар.
Күрэх сүрүн сыала-соруга: бэйээт айымньыларын билии, киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, уус-уран иистэниини көҕүлээһин.
Ороһу орто оскуолатын уруһуй, үлэ уруогун учуутала Н.А. Кривошапкина үөрэтиитинэн 5 кылаас кыргыттара «Эрдэ турбут оҕолор» (өрбөх кырадаһыныттан «пицца», илиинэн сирийии), 6 кылаастар «Харыйа» (аппликация, оҕуруо, пайетка тигэн киэргэтии), 7 кылаастар «Сибэккилээх кырдал (массыынанан тигэн аппликация, йо-йо сибэкки, илиинэн быысабай), «Тиэргэннээҕи зоопарка (илиинэн, массыынанан тигэн аппликация) А3 формат таҥаска оҥордулар.
Түмүк бэйээт төрөөбүт күнүгэр тахсар. Оҥоһуктары оскуола музейыгар уурарга былааннанар.
Кыргыттарбытыгар ситиһиини баҕарабыт!
Ванесса ВАСИЛЬЕВА, «Тымтык» пост, Ороһу орто оскуолата.