Халлаан куйаарыгар “персеидалар” метеордар түһүүлэрэ бу атырдьах ыйын 5-20 күннэригэр буола турар. Астрономнар этэллэринэн, бу кэмҥэ түүнүн айылҕа биир саамай кэрэ көстүүтүн көрүөххэ сөп: “сулус ардаҕа” халлааны хайа суруйан түһэрин!
Ордук улахан “сулус ардаҕа” атырдьах ыйын 12-13 күннэригэр хайыы-үйэ ааспыта. Бу түүн дьон халлааны кэтээн, улахан дуоһуйууну ылбыттара. “Наһаа да элбэх сулус түһэр эбит”,- диэн сөхпүттэр да бааллар.
Сылын аайы атырдьах ыйыгар Персей үргэл диэкиттэн кэлэр метеордар түһүүлэрин “персеидалар” диэн ааттыыллар.
Билэрбит курдук, Сир планетабыт биир сиргэ турбат, бэйэтин орбитатынан эргийэ сылдьар. Устан иһэн, Свифт-Таттл комета быылтан турар “кутуругар” (шлейф) киирэн ааһар. Ол быыл кээмэйинэн кумах саҕа буолар. Оннук элбэх быыл Сир атмосфератыгар киирдэҕинэ, умайан, “көмүс ардаҕын” үөскэтэр. Бастаан мөлтөх буолан баран, сыыйа күүһүрэн, чыпчаалыгар тиийэр уонна эмиэ сыыйа аҕыйаан барар.
Ким “көмүс ардаҕын” көрө илик, куораттан эбэтэр дэриэбинэттэн тэйиччи, уот тыкпат сиригэр тиийэн, билигин даҕаны, былыта суох түүн “сулус түһэрин” көрүөххүтүн уонна… баҕа санааҕыт туоларыгар улуу куйаартан, аар айылҕаттан көрдөһүөххүтүн син. “Персеидалар” баҕа санааҕытын, хайаан да, толоруохтара!
Ааптар: Таисия Алексеева