1) Пермякова Дайаана сааһа 17
2) Чурапчы, Мугудай;
Салайааччы: Д.Д.Красильников аатынан Мугудай орто оскуолатын саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала Ноговицына Анна Федоровна
6) Пермякова Дайаана туйгун үөрэнээччи, оскуолаҕа, улууска «Лучший ученик-2015» уонна «Общественник года – 2013» анал ааттары, Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатын махтал суругун ылбыта.
Улуустааҕы математика, информатика олимпиадатын призера, улахан кылаас оҕолоругар буолбут «Дорофеевскай» математика олимпиадатын кыайыылааҕа.
Норуоттар икки ардыларынааҕы физика олимпиадатын «Осень-2016» «инфоурок» бырайыак, улууска ыытыллыбыт физикаҕа интеллектуальнай оонньуу кыайыылааҕа. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «ТРИЗ» куонкурус – 1 миэстэ.
Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ыытыллыбыт дистационнай история олимпиадатыгар «Инфоурок» бырайыакка – 2 миэстэ.
Сыллата улууска ыытыллар саха тылын уонна литературатын олимпиадатын хас да төгүллээх кыайыылааҕа уонна призера.
Улууска ыытыллыбыт «Живое литературное слово» уус-уран ааҕыы 3 степеннээх лауреата, «Мир русской литературы» кэтэхтэн олимпиада призера.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Федотовскай ааҕыылар» уус-уран ааҕыы куонкуруһун 1 уонна 3 миэстэлээҕэ, «Аман өс» араатардар куонкурустарын хас да төгүллээх призера.
Научнай-практическай конференцияҕа ситиһиилээхтик кыттар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бродниковскай ааҕыылар» научнай-практическай конференция, « «Ларионовскай ааҕыылар» «Инникигэ хардыы» НПК кыттыылааҕа. Ситиһиилэрэ: регионнааҕы «Инникигэ хардыы», улуустааҕы «Красильниковскай ааҕыылар»– 3 миэстэ
Дайаана «Дьүкээбил» литературнай куруһуокка 5-с кылаастан утумнаахтык дьарыктанан кэллэ.Улуустааҕы “Саҥа олох”, “Күн сарыала” оскуола иһинэн тахсар хаһыат кэрэспэдьиэнэ. Заметкалара: «Кэскилгэ олук охсон», «Олимпиада уота – Мугудайга», «Кылааһынан акция ыыттыбыт», «Сомоҕолоһуу күнүн көрсө» уо.д.а.
«Малая Пресса -2013» улуустааҕы фестивальга: «Золотое перо», «За преданность теме» анал аат кыайыылааҕа.
«Дьүкээбил» литературнай куруһуок «Газета года», «Бастыҥ Пресс Киин» — 2 миэстэ, «Манчаары оонньууларыгар аналлаах биктэриинэ – 3 миэстэ, «Мин киэн туттабын төрөөбүт Чурапчыбынан» күрэххэ – 2 миэстэни ыларыгар Дайааан өҥөтө муҥура суох.
«Ытык киһибитин санааммыт, туруоҕуҥ, чуумпуран ылыаҕыҥ…» А.И.Софронов – Алампа төрөөбүтэ 130 сылын көрсө нэһилиэккэ ыытыллыбыт викторина хамаанданан 1-кы миэстэлээҕэ.
«Кэскил» хаһыаты сурутууга пропагандист. Заметкалара: «Маралаайыга» — доруобуйаны тупсара», «Сэрэниҥ, «Компьютер вируһа!». «Кэскил» хаһыат 80-н үбүлүөйдээх сылын көрсө ыытыллыбыт слекка «Кэскил» хаhыаттан силистэнэн үүнэбит-сайдабыт» диэн үлэтинэн ситиһиилээхтик кыттыбыта.
«Дьүкээбил» литературнай пост бастыҥ кэрэспэндьиэнэ «Бэс Чагдага» сынньанар чиэскэ тиксибитэ.
Дайаана алын сүһүөх кылаастан саҕалаан «Көлүкэчээн» оҕо народнай ансамблын үҥкүүһүтэ. Татарстаҥҥа Набережные Челны куоракка буолбут Аан дойдутааҕы «Радуга Сабантуя», «Хотугу Сулус» регионнааҕы куонкурус лауреата.