«Кустук өҥнөөх,
Кымыс сыттаах
Сахам мандар саҥата…»
Семен Данилов
Тыл — бүтүн норуот национальнай баайа, кэлэр кэскилэ.
Бүгүн Майа Ураһалаах алааһыгар «Ийэ тыл: оҕо, төрөппүт, учуутал, иитээччи» түһүлгэтигэр кыттааччылар бэйэлэрин бырайыактарын көмүскээтилэр .
Бу хайысхаҕа 100-тэн тахса кыттааччы баар эбит.
Мин кыттааччылары кытта кэпсэттим.
Барашкова Алена Егоровна, директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы, проегын аата — «Ийэ тыл»:
— Ийэ тыл диэн эн өйдөбүлгэр?
— Ийэ тыл диэн истиҥник, уу сахалыы саҥарыы, сахалыы кинигэни аҕыы, араас сахалыы биэриилэри көрүү .
— Саха тыла атын тыллартан уратыта?
— Саха тыла араас уус-уран, бараммат баай элбэх тыллардаах.
Афанасьева Сардаана Афанасьевна, саха тылын учуутала, бэйэтэ ийэ быһыытынан проегын көмүскүү кэлбит .
— Проеккыт туһунан кылгастык кэпсээҥ.
— Мин проегым аата «Баҕа санаанан, тыл туһугар», оҕолорбутун хайдах сахалыы саҥардабытый диэн кыһалҕанан проект оҥордум, мин икки оҕо ийэтэ буолабын. Онтон оҕолорум нууччалыы саҥараллар, эбиитин нуучча уһуйааныгар сылдьыбыттара. Уолум 4 сааһыгар диэри сахалыы саҥарбат этэ, ол иһин биһиги кэргэмминээн оҕолорбутун ойуурга, тыаҕа сырытыннарар буолбуппут. Оннук гынан, оҕо 4 ыйынан, үчүгэйдик үөрэттэххэ уу сахалыы саҥарар буолар эбит.
Ийэ тылгытын таптааҥ, харыстааҥ, үөрэтиҥ.
Галя Федорова, VIII кылаас, «Проба пера» юнкора, Чыамайыкы орто оскуолата