Мин быйыл Павловскай орто оскуолатын бүтэрэр сылым үүннэ. Бу сыл билиибин сыаналыыр эппиэтинэстээх уонна инники олохпор суол тэлэр быһаарыылаах үөрэҕим түмүгэ буолар. Туох баар сырабын, күүспүн билигин үөрэхпэр толору уурабын.Туттарар бэридимиэттэрбин өссө дириҥник, чиҥник үөрэтэ сылдьабын.
Ону таһынан араас олимпиадаларга көхтөөх кыттыыны ылабын. Сыралаах үлэм көрдөрүүлэрэ миигин олус үөрдэр, инники дьаныары эбэр. Ол курдук, ангылычаан тылын өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадатыгар 2 миэстэ, географияга улууска 1 миэстэ буоллум. Бу бэридимиэттэр инники идэбэр олус наадалар.
Инники былааннарбын билиһиннэрдэххинэ, бастатан туран, бу сылы үөрүүлээхтик түмүктээн, кэлэр сылы сылы саҥа күүһүнэн көрсөр, бэйэбин араас хайысхалларга сайыннаран боруобаланар санаалаахпын уонна салгыы барыта көстөн иһиэ. Иллэҥ кэммэр араас жанрдаах кинигэлэри ааҕарбын ордоробун, флуид-арт техниканан хаартыына айабын уонна хаартыскаҕа түһэрэрбин сөбүлүүбүн.
Барыгытын кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин!
Ааптар: Аина Охлопкова. Мэҥэ Хаҥалас.