Араас идэлээх дьон үлэ үөрүүтүн билэн, үлэлээн-хамсаан бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор. Ол да буоллар таах олорботтор оҕолорун, сиэннэрин туһугар үлэлии сылдьаллар, эдэр дьоҥҥо үтүө сүбэһит буолаллар. Мээнэҕэ эппэттэр «Кырдьаҕастан алгыһын ыл» диэн. Биһиги 8 «б» кылаас үөрэнээччилэрэ үһүс сылбытын Павловскай орто оскуолатын 1972 сыллаахха бүтэрбит выпускниктары кытта «шефтэһэбит».
Биһиги шефтэрбит куруутун кылаас чаастарыгар, кылаас ыытар араас хабааннаах тэрээһиннэригэр ыалдьыттыыллар. Маны таһынан, сылын аайы ыытыллар «Фестиваль Надежд» үөрэх бастыҥнарын чиэстиир тэрээһиҥҥэ, сыл түмүгүнэн биһиги кылаастан бастыҥ үөрэхтээх, активист үөрэнээччигэ стипендия олохтообуттара.
Бу сыл алтынньы 19 күнүгэр шефтэрбитигэр аҕам саастаах дьон декадатын чэрчитинэн бырааһынньык тэрийдибит. Бырааһынньыкпыт Арчы дьиэтигэр буолла. Биһиги хоһоон этэн, ырыа ыллаан, үҥкүү үҥкүүлээн, сыанка туруоран көрдөрбүппүт. Минньигэс астаах остуол тула сэһэргэстибит, сүбэ-ама ыллыбыт. Тэрээһин бүтүүтэ кыра, сэмэй бэлэхтэрбитин туттартаатыбыт.
Илларионова Илона,
Павловскай орто оскуолатын медиа-киинэ