Сынньалаҥ күннэри баттаһа, кыстыкка бэлэмнэнии күнэ ыытылынна. Бу күҥҥэ үөрэнээччилэргэ, төрөппүттэргэ уонна оскуола үлэһиттэригэр анаан, хаан кутуутуттан саҕалаан, кэрэ сэбэрэни тупсарыыга тиийэ, араас хабааннах маастар кылаастар ыытылыннылар.
С.И.Торговкина, А.М.Борисова хаан кутар көрдөрбүтүн, арыы таптайан оҥорор ньымаларын кыралыын улаханныын сэргээтилэр.
Уолаттар хаар күрдьэхтэри, сиппиир угун оҥордулар.
Маны таһынан, хаалыктаах хаамыыга, “Вакинг” үҥкүү хайысхатыгар, оҕуруоттан харысхал, баататтан харыйа оонньурдарыгар, трайфл уонна кейкпопс минньигэс десертэри буһарыыга маастар кылаастар буоллулар.
А.А.Протодьяконова куруһуок иитиллээччилэрин кытта отонтон дьаабылыкалаах барыанньа оҥорон, алаадьы астаан, учууталлары, оҕолору күндүлээтилэр. Бары остуол тула түмсэн, саҥа сонун бүлүүдэлэр ырысыаптарын, сатабылларын үллэһиннилэр.
Валерия Барабанова, XI кылаас, оскуола пресс киинэ.