Оскуолабытыгар үгэс быһыытынан ыытыллар «Сахалыы тыыннаах чэппиэр» сөргүтүллэн ыытылынна.
Сахалыы тыыннаах чэппиэр Сэмэнэп Таҥара күнүгэр ананна. 11 кылаас оҕолоро алгыстаах алаадьынан күндүлээтилэр. Сахалыы таҥастаах оҕолорбут, үлэһиттэр оскуолабыт Аал-луук маһын тула тоҕуоруһа муһуннубут. Балаҕан ыйын сиэрэ-туома ыытылынна. Үөрэннээччилэрбитин, үлэһиттэрбитин, оскуолабытын сиэри-туому тутуһан арчылаатылар.
Онтон уруоктарга оҕолор балаҕан ыйын туһунан билиилэрин хаҥаттылар. 5 “б” кылаас үөрэнээччилэрэ төрөөбүт тыл уруогар айылҕаҕа тахсан көмүс күһүн кэрэ көстүүтүн хаартыскаҕа хатаатылар, хоһоон айан таһаардылар.
Эрчим Кычкин көмүс күһүн туһунан хоһооно:
Көмүс күһүн барахсан
Аҕыйах бириэмэҕэ кэлэр.
Көмүс сэбирдэхтэр
Силигилии түһэллэр.
Сотору сирбит харааран
Хаар түһүөҕэ.
В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын медиакиинэ.