Павловскай орто оскуолатын иһинэн Өксөкүлээх лабораторията үлэлээбитэ хаһыс да сыла. Оскуолабытыгар ыытыллар үлэлэр барыта Өксөкүлээх Өлөксөй айымньыларыгар, философиятыгар, научнай көрүүлэригэр, чинчийиилэригэр, суруктарыгар, тус олоҕор сыһыары тутан, тирэҕирэн ыытыллаллар.
Сэтинньи 25 күнүгэр оскуолабытыгар Өксөкүлээх ааҕыылара буолан аастылар. Бу тэрээһин туһунан лаборатория салайааччыта, Өксөкүлээх ааҕыыларын тэрийээччи Пудова Светлана Дмитриевна кэпсиир:
— Быйыл А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй 145 сыла, онон бу тэрээһин ыытыллыбыта тоҕоостоох. Араас хабааннах тэрээһиннэри тэрийэн ыыттыбыт. Ол курдук, XX уонна XXI үйэ чахчылара А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй «Ойуун түүлэ» поэматыгар» куолу-сэһэргэһиини тэрийэн ыытта — саха тылын уонна литературатын учуутала Лия Дмитриевна Петрова. Бу сэһэргэһиигэ бас-көс дьоммут, нэһилиэкпит аҕа баһылыга Федоров Н.Г., Аҕа сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ Петров К.К., юрист идэлээх Петров С. П. кыттыыны ыллылар. Маны таһынан, “Туостарынан айан” квест оонньуу, “Кылаас салайааччыта — түсчүт” кылаас салайааччыларыгар аналлаах ааҕыылар, “Аман өс” араатардар күрэхтэрэ, дьиэ кэргэнинэн математика олимпиадата, Саха Республикатыгар Ийэ сылын чэрчитинэн «Хоһоон хонуута» литературнай салон, уруһуйга маастар кылаас, туристическай маршруттар уонна саахымат күрэхтэрэ тэриллэн ыытылыннылар. Кэлэр ааҕыылар элбэх кыттааччыны түмэллэрэ буоллар диэн баҕа санаабын этэбин.
«Мөккүөр түһүлгэтэ» күрэх туһунан, Майатааҕы лицей 11 кылаас үөрэнээччилэрэ Дарина Григорьева, Люба Никитина санааларын үллэстэллэр:
— Өксөкүлээх Өлөксөй “Саха интэлигиэнсийэтигэр сурук” айымньытын тула кэпсэтиһии, “мөккүөр” түһүлгэтэ бэрт сэргэхтик ааста. Бу маннык күрэхтэр ыытыллаллара олус наадалаах дии саныыбыт. Бэйэ санаатын сааһылаан саҥарарга үөрэнэр эбиккин. Оҕолор бары бэлэмнээх кэлбиттэр, элбэҕи аахпыттар, ырыппыттар.
Саргылана Дмитриевна Плотникова, Төҥүлү орто оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала бүгүҥҥү тэрээһин туһунан бу курдук суруйар:
— Бүгүн Мэҥэ-Хаҥалас Павловскай оскуолатыгар айар тыл аҕата А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылыгар аналлаах үрдүк таһымнаах тэрээһиҥҥэ сылдьан, үөрэн-астынан кэллибит. Оскуола учууталлара бука бары ситимнээхтик, биир сүбэнэн тэринэн үлэлииллэрэ көстөр. Хас да хайысханан арахсан, олус интириэһинэй ис хоһоонноох түмсүүлэр, күрэхтэр буолан аастылар. «Ойуун түүлэ» айымньы тула куолу-сэһэргэһиигэ сырыттым. Улуу киһибит хаан-сыдьаан хос-хос сиэнин тылын-өһүн, үлэтин-хамнаһын сэргээн көрдүм-иһиттим. Нэһилиэк бас-көс дьоно туора туран хаалбакка кыттыбыттара эмиэ хайҕаллаах. Биһиги оскуолаттан араас күрэххэ кыттыбыт оҕолорбут эмиэ олус сэргээбиттэрин туһунан санааларын истэн үөрдүм. Ыытыллыбыт күрэхтэр ис хоһоонноро киэҥ, оҕо болҕомтотун тардар ис хоһоонноохторо олус үчүгэй. Бука бары тэрийээччилэргэ, биир идэлээхтэрбэр махталбын тиэрдэбин. Айар үлэҕит өссө да сайда, кэҥии турдун!
Валерия БАРАБАНОВА, Оксана ПЕТРОВА,
Павловскай орто оскуолатын пресс-киинэ.