Тохсунньу 18 күнүгэр В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын учууталлара уонна үлэһиттэрэ 20 киһи буолан, учуутал уонна настаабынньык сылын арыйа, Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр бэрт сэргэх экскурсияҕа сылдьан ыалдьыттаан, билиибитин-көрүүбүтүн хаҥатан, сөҕөҥ, сэргэхсийэн кэллибит.
Маҥнайгы тохтобулбут Өктөм билим сайдыы киинин оскуола технопарката. Манна сылдьан үлэһиттэри кытта көрсөн ханнык, хайдах хайысхаҕа үлэлииллэрин билистибит. Олох тэтимин кытта тэҥҥэ сайдан, оҕолор интэриэстэрин учуоттаан, оскуола эрдэхтэн IT — эйгэҕэ сыһыарар үөрэх кыһалара баалларыттан киһи үөрэр. Оҕолор чинчийии үлэтинэн кыһамньылаахтык дьарыктаналлара оҥорон, айан таһаарбыт үлэлэригэр көстөр. Үөрэнээччи сайдарыгар табыгастаах усулуобуйа, талааннаах, сатабыллаах уһуйааччылар үлэлииллэр.
Иккис тохтобулбут «Историко-краеведческай оскуола түмэлэ». История — олох төрдө. Хаҥалас улууһун биир бастакынан Өктөм нэһилиэгэр үөрэҕирии, билим сайдыы ситимэ оскуола «Алексеевскай народнай училища» 1874 сыллаахха бастаан хайдах тэриллибитин туһунан иһитиннэриини эрэ буолбакка дьиҥ чахчылары харахпытынан көрөн, Өктөм сирин баай историятын кытта билистибит.
Үһүс түмүктүүр тохтобулбут Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенин Михаил Ефимович Николаев аатынан «Николаев центр» түмэл буолар. Аан боруогун атыллаат киһи сүргэтэ көтөҕүллэр, сөҕөр, астынар. «Каждая моя встреча с вами – это попытка разбудить в каждом из вас единственную и неповторимую личность, вдохнуть в нее веру в собственный талант и высокое предназначение» – Михаил Ефимович Николаев эппит, киһини кынаттыыр тылларыттан саҕаланар.
Чахчы да, бу түмэли кэрийэ сылдьан Саха сирин бүттүүн сайдыытын, баай историятын туһунан билсэн, туох баар салааҕа кыахтаахтык үлэлээбитин, саха норуота сайдарын туһугар турууласпыт улуу дьоммут улахан айымньылаах үлэлэрин кытта сиһилии билистибит. Бу кэрийэ сылдьан хас биирдиибитигэр даҕаны саха норуота наһаа да өйдөөх, суохтан да баары оҥорор кыахтаах, күүстээх норуот буоларбытын өссө төгүл бигэргэттибит. Саха буоларбытыттан киэҥ туттан таҕыстыбыт.
Өктөм нэһилиэгин үөрэҕирии эйгэтин үлэһиттэригэр, «Николаев центр» экскурсоводтарыгар, тымныыны тымныы диэбэккэ, үөрэ-көтө көрсөн, үлэлэрин уопуттарыттан үллэстибиттэригэр махтал буоллун.
Павловскай орто оскуолата.