Исаев Павел Николаевич 1926 ыам ыйын 3 күнүгэр Күндэйэ нэhилиэгэр сэттэ оҕоттон үсүhүнэн күн сирин көрбүтэ. Тоҕус эрэ сааһыгар, 1935 с., аҕалара Николай Федорович өлөн, ыал соҕотох ийэлээх хааланнар тиийиммэт-түгэммэт кыһалҕа үксээбитэ. Онон оскуолаҕа алта эрэ кылаас үөрэнэн баран, үлэһит буоларга күһэллибитэ. Ийэтин эмиэ отой эрдэ, 19 эрэ сааһыгар сылдьан сүтэрээхтиир— Александра Ксенофонтовна 1945 с. өлбүтэ.
Байбал 1944-1950 сс. Советскай Армияҕа сулууспалаабыта. Стрелковай полк автоматчига этэ, онтон муоратааҕы десантнай сэриилэр автоматчиктарын хамандьыырынан ананан салайбыта. Биир сыл Япония кыраныыссатын таhыгар харабылга турбута.
1945 сыл атырдьах ыйын 9 күнүгэр Японияны кытта сэрии саҕаламмыта. Япония сэриитин сыала-соруга Кытай, Япония норуотун Япония батталыттан таhаарыы, Курск арыыларын, Соҕуруу Сахалины, Порт-Артуру, Хотугу Кореяны босхолооhун этэ. Советскай-Японскай сэриигэ Советскай Союз 22 тыhыынча саллаата уонна офицера араас оһоллору ылбыттара, 8 тыhыынча саллаат өлбүтэ.
1945 с. балаҕан ыйын 2 күнүгэр Японияны кытта сэрии бүппүтэ. Бу үс нэдиэлэлээх сэриигэ Советскай Армия Квантунскай армияны үлтү охсубута. Япония милитаристарын урусхаллааhыҥҥа кыттыыта «Бойобуой үтүѳлэрин иhин» мэтээлинэн бэлиэтэммитэ.
Наҕараадалара:
— Улуу сэрии II истиэпэннээх уордьана;
— «За боевые заслуги» мэтээл;
— «За доблестный труд в ознаменовании 100-летия со дня рождения В.И. Ленина» мэтээл;
— «За Победу над Японией» мэтээл;
— Үбүлүөй бэлиэ мэтээллэрэ;
— «Ударник девятой пятилетки и победителей социалистических соревнований» бэлиэ.
Харах уулаах Улуу Кыайыыны уhансыбыт дьоммутугар — үлэ, тыыл бэтэрээннэригэр сүhүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэбит, ытыктабыллаахтык сыhыаннаhабыт.
Мичийэ Павлова,
А.П. Павлов аатынан Сунтаар орто оскуолатын 1 кыл. үөрэнээччитэ.