Үөрэх үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньахтарын чэрчитинэн СӨ үөрэҕин уонна билимин Министиэристибэтэ уонна Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуола-интэринээттэрэ тэрийиилэринэн патриотическай иитиигэ төгүрүк остуол ыытылынна. Тыын боппуруоска аһаҕас кэпсэтиини үөрэх уонна билим миниистирин солбуйааччыта Владимир Тихонов сүрүннээтэ.
Ыччаты духуобунас, майгы-сигили хаачыстыбаларын, дойдуга бэриниилээх буолууга иитии дьиэ кэргэнтэн саҕаланар диэн бары мустубут дьон тоһоҕолоон эттэ. Манна үөрэх, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ, патриотическай кулууптар, түмсүүлэр, оҕо уонна ыччат хамсааһына сирдьит уонна төһүү күүс буолалларын ыйдылар. Улуус таһымыгар бары патриотическай хамсааһыннары түмэн, систиэмэлээх үлэ ыытыллыаҕын туһунан эттилэр.
Онтон өрөспүүбүлүкэҕэ оҕону уонна ыччаты байыаннай-патриотическай иитиигэ сүрүннүүр киининэн Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуола-интэринээттэрэ буолар. “Үөрэҕирии” федеральнай бырайыак чэрчитинэн быйыл саҥа үөрэнэр корпус, интэринээт үлэҕэ киириэхтээх.
Владимир Тихонов, СӨ үөрэҕин уонна билимин миниистирин солбуйааччыта:
— Сүнньүнэн патриотическай иитии дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Оҕоҕо дойдуга таптал, дойдуга бэриниилээх буолуу, гражданственность дьиэ кэргэнтэн саҕалаан, олорор уулуссатыттан, түөлбэтиттэн, нэһилиэгиттэн, улууһуттан, куоратыттан саҕаланар. Оҕо төрөөбүт нэһилиэгин историятын, дьонун-сэргэтин, төрдүн-ууһун, үгэстэрин билэ улаатыан наада. Оччоҕо эрэ оҕо патриоттуу санаалаах буола улаатар.
Кадетскай оскуола иһинэн тэриллибит «Авангард» киин өрөспүүбүлүкэбит ыччатын байыаннай-патриотическай иитиигэ улахан кылаатын киллэрэр. Билигин кадетскай оскуола-интэринээт баазата бөҕөргөөтө. Онтон Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет баазатыгар тэриллибит байыаннай үөрэх киинэ Юнармияны, ДОСААФ, патриотическай кулууптары кытары сибээстээхтик үлэлииргэ тирэх буолар.
Патриотическай иитиигэ үчүгэй холобурдаах оскуолалары кытары ситимнээх үлэ ыытыллара булгуччулаах, холобур, Чурапчы улууһугар “Боотур Уустар” диэн муниципальнай бырагыраама үлэлээбитэ ыраатта. Чурапчы улууһа “Снежный барс” күрэхтэһиигэ республикаҕа үһүс төгүлүн иннин биэрбэт. Улуус иһинэн үлэлиир патриотическай түмсүү кулууба илин эҥэр оройуоннарын бүтүннүүтүн түмтэ. Бу холобуругар Бүлүү бөлөх, киин улуустарга маннык кииннэр тэриллиэхтэрин сөп.
Бу күн Саха сирин олохтоохтохторо дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путинтан Россия Геройун сулуһун биир дойдулаахтарбыт, хорсун быһыыны оҥорбут «Алеша» таанка экипаһын тутаах байыастара, ефрейтордар Алексей Неустроев уонна Филипп Евсеев туппуттарын долгуйа иһиттибит, көрдүбүт. Көрсүһүүгэ Геройдар учууталлара Октябрина Александровна Саввинова, Сунтаар улууһун Күндэйэ орто оскуолатын физикаҕа уонна информатикаҕа учуутала, Надежда Михайловна Егорова, Уус Алдан улууһун Танда орто оскуолатыгар 2021 с. диэри дириэктэринэн үлэлээбит, кыттыыны ылбыттара, тыл эппиттэрэ тэрээһини өссө суолталаан биэрдэ.
Россия Геройа Алексей Неустроев Байаҕантай нэһилиэгиттэн быстах хомуурга хапсан барбыта. Байаҕантай нэһилиэгэ Геройдар түөлбэлэрэ диэн киэн тутта уонна Алексей оскуола кэминээҕи сылларын ахтан-санаан ааста Танда орто оскуолатыгар 25 сыл дириэктэринэн үлэлээбит Надежда Михайловна Егорова.
— Байаҕантай нэһилиэгэ, кырдьык даҕаны, Дьоруойдар түөлбэлэрэ: гражданскай сэрии Геройа Гаврил Васильевич Егоров, Аҕа дойду сэриитин Геройа Владимир Деонисович Лонгинов, Россияҕа Үлэ Геройа Михаил Николаевич Готовцев уонна төрдүс Геройбут биһиги Алешабыт буолар.
Алеша Неустроев 1994 сыллаахха маҥнайгы кылааска киирбитэ. Кылааһын салайааччыта Громова Розалия Семеновна. Онтон 5 кылаастан Ноговицына Марфа Петровна, саха тылын учуутала, 11 кылааһы бүтэриэхтэригэр диэри илдьэ сылдьыбыта. Алеша оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр наһаа сэмэй, килбик, аҕыйах саҥалаах оҕо быһыытынан билэбин. Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэҕинэ, үлэ, “автодело” уруогун, физкультураны сөбүлүүр этэ. Ол иһин оскуоланы бүтэрэн баран, Дьокуускай куоракка Айаан Никифоров диэн бииргэ үөрэммит үөлээннээҕин кытары, квадроцикл техниканы оҥорорго 10 сыл устата үлэлээбитэ. Онон кини техникаҕа сыстаҕас, бэйэтэ сварщик идэлээх. Неустроевтар дьиэ кэргэн биэс оҕолоохтор, Алеша ыал улахан оҕото. Мин кинилэр дьиэ кэргэттэригэр саамай сөбүлүүр хаачыстыбам оҕолор ийэлэрин наһаа таптыыллар, олох Таҥара курдук көрөллөр. Кини төрөөбүт күнүн, Ийэлэрин күннэрин, Дьахтар күнүн олох биирдэ даҕаны аһардыбаттар. Хайаан даҕаны эҕэрдэлииллэр, бэлиэтииллэр. Ийэлэрин отой көмүс курдук туталлар. Оҕолор бары үөрэхтээх дьон, бэйэлэригэр сөптөөх идэни баһылаан, үлэлии сылдьаллар.
Муус устар ыйга Алеша аҕыйах хонукка, уоппуска ылан, кэлэ сылдьыбыта. Оскуола кэлэктиибэ, учуутала Марфа Петровна, Нюргуяна Гаврильевна, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы, Улита Михайловна, оскуола завхоһа, нэһилиэккэ дьахталлар сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, кинилэр тэрээһиннэринэн аҕыйах күн иһигэр акция биллэрэннэр, үс күн иһигэр бүтүн нэһилиэк олохтоохторо, ийэлэр, учууталлар, үөрэнээччилэр, эдэр ыччат кыттаннар, Алешаҕа танкатын бүрүйэригэр маскировочнай сетка баайан биэрбиттэрэ. Хорсун быһыыны оҥороллоругар, мин көрдөхпүнэ, ол сетканы бүрүнэ сылдьаллар быһылаах. Уонна оттон Алеша бэйэтэ, олохтоохтор оҥорбут сеткаларын бүрүнэ сылдьабыт диэн, бэйэтэ ол таанката бүрүллэн турар хаартыскатын биир дойдулаахтарыгар түһэн ыыппыта. Билигин командирдара этэр эбит, “Алеша — якутский экипаж” диэн. Онон бүттүүн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо Герой уолаттарбытынан киэн туттабыт.
Көрсүһүүгэ кыттыыны ыллылар Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуола-интэринээт дириэктэрэ Алексей Корякин, Советскай Сойуус Геройа Ф.К. Попов аатынан Дьокуускайдааҕы 20 нүөмэрдээх оскуола дириэктэрэ Сергей Кутуков, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ иһинэн үлэлиир Байыаннай үөрэх киинин салайааччыта Геннадий Сысоев, “Бастыҥнар хамсааһыннара” эрэгийиэннээҕи оҕо уонна ыччат хамсааһынын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Александр Кузьмин, байыаннай дьайыыга оҕолорун сүтэрбит ийэлэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Жанна Грекова, Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин чилиэнэ Владислав Диодоров-Лаврентьев, Д.Г. Новопашин аатынан 10 нүөмэрдээх оскуола дириэктэрэ Надежда Шилова, Чурапчы улууһун иитиигэ уонна эбии үөрэхтээһин салаатын салайааччыта Евгения Чичигинарова.
keskil14.ru