Тохсунньу ый 26 күнүгэр оскуола оҕолоругар аналлаах «Моя малая Родина» улуустааҕы интеллектуальнай оонньуу ыытылынна. Оонньуу сыала-соруга уолаттары Аҕа дойду сэриитин остуоруйатын, Саха сирин геройдарын, ветераннарын билиигэ аналлаах.
«Албан аат» музейын салаайааччыта Маргарита Арисовна Попова Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын, геройдарын сырдатта, быыһыгар Таата кыраайы үөрэтэр стендэтигэр сырдатыллыбыт былыргы араас кыыллар уҥуохтарын туһунан олус интэриэһинэйдик кэпсээтэ.
Оооньуубутугар билэр, билбэт да ыйытыыларбыт бааллара. Библиотека специалиһа Лидия Петровна Аргунова уонна «Толлуман» түмсүү салайааччыта Октислава Владиславовна Аргунова буоланнар интеллектуальнай оонньууну тэрийэн ыыттылар. Ол курдук биир ыйытыыны өйдөөн хааллым: «Какой элемент формы советских солдат сожгли вместе с помостом, на которые бросали вражеские знамена после Парада Победы?». Бу ыйытыы эппиэтэ перчатка эбит.
Бу маннык патриотическай викториналар, оонньуулар олус туһалаахтар уонна “Снежный барс” күрэхтэһиигэ бэлэмнээх буоларга тоҕостоох.
Алеша Ефимов,
«Толлуман» түмсүү иитиллээчитэ.
Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ.