Нам улууһун Нам нэһилиэгэр атырдьах ыйдааҕы сүбэ мунньах чэрчитинэн «Оҕо уһуйааныгар иитии үлэтин тэрийии. Патриот оҕону хайдах иитэбит?» диэн төгүрүк остуол ыытыллынна.
Үөрэҕирии управлениетын солбуйааччы Поротова Светлана Спартаковна билиҥҥи кэмҥэ Нам улууһугар үөрэҕирии хаамыыта хайдах баран иһэрин сырдатта.
«Биһиги улууспутугар национальнай бырайыактар 2019 сылтан күүскэ үлэлии тураллар. Анал муниципальнай программалар ылыллыбыттара. Ол чэрчитинэн биһиэхэ «Демография» национальнай бырайыагынан Бастакы Хомустаахха, Иккис Хомустахха, Хатырык нэһилиэктэргэ саҥа уһуйаанннар үлэҕэ киирбиттэрэ. Оскуолаларга национальнай бырайыагынан цифровой үөрэҕирии эйгэтэ «Точка роста» тэриллибитэ.
Оскуола иннинээҕи уһуйаан үөрэхтээһин саамай сүрүн акылаата буолар. Консультативно-методичесткай пууннары тэрийэн дьиэ кэргэни кытта үлэ боппуруоһа киэҥник туруохтаах. Ити үлэ күүскэ барыан наада. Холобур, инник үлэни «Кэнчээри», «Сулусчаан» уһуйааннар ыыталлар. Манна 29 оҕо саада барыта киирэн үлэлэһиэн наада».
Уһуйааҥҥа баар маннык проблемалар таарыллыннылар:
1. Дьиэлэрбит хаарбах туруктаахтар;
2. Доруобуйаны харыстыыр технологиялары уһуйаан иһигэр үөһэ таһаарыахха наада;
3. Оҕо физическэй өттүнэн сайдарыгар усулуобуйата суох;
4. Билилиҥҥи туругунан 44 аһаҕас вакансия баар;
5. Эдэр ыччат педагогическай үөрэххэ барбат, ол иһин кадровай политика тэрилтэ иһинэн барыан наада;
Ону тэҥэ, оскуола иннинээҕи үөрэх федеральнай үөрэҕирии программатын сыалларын, соруктарын билиһиннэрдилэр.
Онтон маннык иитэр үлэ ис хоһооно таҕыста:
– Патриотическай иитии. Төрөөбүт дойду уонна айылҕа сыаннаһа.
– Духовно-нравственнай иитии. Аһыныгас буолуу, олох, үтүө санаа сыаннаһа.
– Социальнай иитии. Киһи, дьиэ кэргэн, доҕордоһуу, бииргэ үлэлээһин сыаннаһа.
– Билэр-көрөр дьоҕуру сайыннаран иитии. Саҥаны билии-көрүү сыаннаһа.
– Эт-сиин уонна чөл турук иитиитэ. Сыаннаһа олох уонна доруобуйа.
– Үлэнэн иитии. Сыаннаһа үлэ.
– Эстетическай иитии. Сыаннаһа культура уонна искусство.
Нам улууһугар төрөппүттэри кытта үлэ күүскэ барар. Ол курдук, маннык түмсүүлэр бааллар: «Эдэр ийэлэр оскуолалара», «Эбээ, эһээ үөрэҕэ», «Эбээлэр клубтара», «Аҕалар сэбиэттэрэ», «Наставниктар сүбэлэрэ».
Биһиги дьиэ кэргэни кытта беседа, консультация, индивидуальнай үлэлэри ыытабыт.
Биһиги эбээлэрбит, эһээлэрбит – бары олус көхтөөхтөр.
Оркестрга оонньуу үөрэнэбит» оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго музыкальнай хомуурунньук күн сирин көрбүт. Ааптардара Афанасьева Туйаара Николаевна уонна Сивцева Валентина Михайловна. Бу хомуурунньукка оҕолор саха композитордарын уонна мелодистарын билэ үөрэнэллэр.
Хамаҕатта нэһилиэгигэр выстовочнай зал суох. Уруһуйга үөрэтии эбии үөрэҕэ сабыллыбытын иһин бу хайысханы киллэрэргэ санаммыппыт. Биһигини кытта 67% төрөппүт сөбүлэспитэ. Ол иһин оҕоҕо сайдар эйгэни тэрийиэххэ диэн программабытын барытын анализтаан баран өрөспүүбүлүкэтээҕи инновационнай площадка буолбуппут. Отут саха сирин худуоһунньуктарын бэчээккэ биэрдибит.
Онон, атырдьах ыйдааҕы сүбэ мунньах Нам улууһугар иитээччилэрин, оҕо саадын салайааччыларын түмтэ уонна саҥа үөрэх дьылыгар саҥа сыаллары туруорда.
Ольга ХАЛЫЕВА