Сайын аайы Дүллүкүгэ парашютнай лааҕыр оҕолору түмэр. Быйыл 14 оҕо дьарыктанна. Биһигини учуталларбыт Иннокентий Вячеславович уонна Владимир Николаевич салайан илдьэ сырыттылар.
Лааҕыр олоҕуттан кэпсээтэххэ, сарсыарда 10 чаастан интэриэһинэй, көрдөөх-нардаах олохпут саҕаланар. Бастаан кэлэн баран 10:30 чааска диэри зарядка оҥоробут, ол кэннэ сарсыардааҥҥы минньигэс аһылыкка ыҥыраллар. Бастакы күммүтүгэр парашютнай кулуупка тахсан парашюту көрбүппүт-истибиппит, парашютист идэтин туһунан учууталларбыт кэпсээнин болҕойон истибиппит. Онтон «МПЧ-6» үлэһиттэрэ кэлэн уоттан сэрэхтээх буолар туһунан кэпсээбитттэрэ. Эбиэттээн баран кылааска тиийэн этэрээттэринэн арахсыбыппыт уонна плакат онорбуппут. «Хотойдор» уонна «Битэмииннэр» диэн этэрээттэргэ арахсыбыппыт. Атын күннэргэ парашют укладкалыырга (хомуйарга) үөрэммиппит. Эбиэт кэннэ викторинаҕа кыттааччыбыт. Салгыы горкаттан ыстанарга үөрэммиппит. Мин уонна Сааскыйа саллан ыстамматахпыт, ол оннугар атын үлэни толорбуппут. «Уу күнэ» буолбута, онно уунан ыһыспыппыт уонна «МПЧ-6» тэрилтэттэн кэлэн эстафета оонньоппуттара. Этэрээтинэн үҥкүү туруорарга, ырыа ыллыырга бэлэмнэммиппит. «Хотойдор» ыллаабыппыт, онтон «Битэмииннэр» үҥкүүлээбиттэрэ. Бүтэр күммүтүгэр сарсыарда кэлэн бэлэмнэммиппит уонна Чаайаҕа барбыппыт. Чаайаҕа тиийэн волейболлаабыппыт, эстафеталаабыппыт, ол кэннэ сорохтор атах тэпсээһиннээх оонньообуттара. Дьуһуурунайдар остуол бэлэмнээбиттэрэ. Наһаа минньигэстик аһаабыппыт кэннэ наҕараадалааһын буолбута. Түмүккэ барыбытыгар минньигэс биэрбиттэрэ уонна уопсай түспүт хаартыскабытын бэлэхтээбиттэрэ. Онтон ардах түһэн курулаппыта, ол иһин оскуолаҕа барбыппыт уонна киинэ көрбүппүт. Ардахпыт ааһан, площадкаҕа тахсан ырыабытын ыллаабыппыт, үҥкүүбүтүн көрдөрбүппүт. Биһиги баһаатайдарбыт студеннар Наталья Иннокентьевна уонна Евгений Георгиевич этилэр. Мин оҕолортон горкаттан ыстанаргытыгар төһө долгуйдугут диэн ыйыталастым.
Алёна Ан: «Мин бастаан горкаттан ыстанаҕыт диэбиттэригэр наһаа куттамматаҕым. Үөһээ тахсан баран куттанан киирэн барбытым».
Сайнаара Федорова: «Мин улаханнык долгуйбатаҕым. Бу горкаттан элбэх оҕо, улахан дьон ыстаммытын билэр этим, онон куттала суох диэн өйдүүрүм. Ол эрээри бастакыбын үрдүктэн түһэр буоламмын кыратык долгуйбутум».
Сааскыйа Васильева: «Лааҕырга дьарыктаммыппын олус сөбүлээтим. Элбэх оҕону кытта доҕордостум. Эһиил эмиэ хайаан да сылдьыам. Бириэмэтэ арыый уһуна эбитэ буоллар дии санаатым».
Наталья Иннокентьевна: «Бу бастакы сменабытыгыр 14 ого сырытта, 5 кылаастартан саҕалаан 9-ка диэри. Улахан оҕолор буолан барыта үчүгэй, киһи тылын истэллэр, бэрээдэктээхтэр, үөрэтэри тургэнник ылыналлар. Мин бу баһаатай быһыытынан бастакы холонуум буолар. Былааннаабыт үлэбит барыта үчүгэйдик ааста, өссө да бу оҕолорбун кытары улэлиэм этэ».
Евгений Георгиевич: ««Парашютист» лааҕырга бастакыбын үлэлээтим. Үлэлээбит коллективпын сөбүлээтим. Билбэтим элбэх этэ. Аҕа коллегаларым сүбэлэрин-амаларын ылынан, оҕолору кытта үлэбэр туһанным».
Онон кинилэргэ олус махтанабын. Оҕолор наһаа көхтөөхтөр, талааннаахтар, ыытар тэрээһиммитигэр барытыгар кыттан истилэр. Икки хамаандаҕа араарбыппыт, барытыгар сүбэлэһэн, көмөлөсүһэн бэркэ сырыттыбыт. «Битэмииннэрбин» уонна «Хотойдорбун» умнубакка саныырым буолуо.
Мин бэйэм санаабар, бу лааҕырга сылдьар кэмим олус түргэнник уонна умнуллубаттык ааста. Аныгыскы сылга лааҕырбар, оҕолорбор үөрэ-көтө кэлиэм диэн баҕа санаалаах хааллым.
Айыына Петрова, 7 кылаас. Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү, «Эрчим» корпост.