Токиоҕа Олимпиада кэнниттэн аны Паралимпийскай оонньуулар атырдьах ыйын 24 күнүттэн балаҕан ыйын 5 күнүттэн ыытыллыахтара.
Арассыыйа Паралимпийскай кэмитиэтин сүүмэрдэммит хамаандатыгар биһиги кыргыттарбыт: уунан харбааһыҥҥа Анастасия Диодорова, оҕунан ытыыга Степанида Артахинова, олорон эрэ волейболлааһыҥҥа Алена Дмитриева киирдилэр.
Паралимпиада бырагырааматыгар 22 спорт көрүҥэ киирдэ. Барыта 539 кэмпилиэк наҕарааданы оонньотуохтара. Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандата 19 көрүҥҥэ киирсиэҕэ, олортон икки саҥа киирбит көрүҥнэргэ — тхэквандоҕа уонна бадминтоҥҥа.
Санатар эбит буоллахха, 2016 с. Рио-де-Жанейро куоракка буолбут Паралимпиадаҕа, хомойуох иһин, биһиги спортсменнарбытын киллэрбэтэхтэрэ. Онтон ол иннинээҕи күрэххэ, 2012 с. Лондоҥҥа буолбут Паралимпиадаҕа биһиги дойдубут хамаандата официальнайа суох мэдээл ахсааныгар аан бастакытын иккис миэстэни ылбыттара.
Сахабыт сирин үс күүстээх, талааннаах, эдэркээн кэрэчээн кыргыттарыгар үрдүк ситиһиилэри, кыайыыны-хотууну баҕарабыт! Туохтан да толлумаҥ, иннигит хоту түһүнэн иһиҥ!
Бэлэмнээтэ Анна Слепцова.