Биһиги «Амма Чэчирэ» ансаамбыл 2019 с. Улуу Кыайыы 75 сылыгар бэлэмнэнэн «Память» чинчийэр этэрээт үлэтин сөргүтэн, саҕалаабыппыт. Аммабыт улууһун олоҕун, дьонун сэргэтин устуоруйатын, биһиги төрөөбүт дойдубутун туһугар патриот буолан чинчийэр үлэни үөрэтиэхтээх дии саныыбын.
Биһиги киэҥ туттар биллиилээх самодеятельнай композиторбыт, общественнай деятель, талааннаах, ытыктыыр киһибит Ольга Петровна Иванова уонна музыкант, мелодист, уһуйааччы Гелярий Владимирович Сидоркевичтэр дьиэ кэргэн «Амма Чэчирэ» холобур буолар этнографическай оҕо ырыа уонна үҥкүү ансаамбылын 1980с. тэрийбиттэрэ. Оҕолору ырыанан, үҥкүүнэн эрэ сайыннарбакка, айылҕаны харыстааһыҥҥа, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга, олоххо бары өттүнэн бэлэмнээх буоларга ииппиттэрэ. Бу үлэҕэ урукку кэмҥэ Амматтан ыҥырыллан барбыт сэрии толоонугар өлбүт, сүппүт буойуттары көрдөөбүттэрэ, бэтэрээннэри көрсүбүттэрэ, архыыпка уонна ыаллары кэрийэ сылдьан матырыйааллары хомуйбуттара, испииһэк брошюра таһаарбыттара. уопсайа 510 буойуну булан альбомнары онорбуттара: «Вечная память» (картотека толорбуттара), «Говорят газетные страницы» (буойуттар суруктара, ахтыылар),Чинчийэр үлэлэрин туһунан альбом, «Дьиэ кэргэн сэриигэ» (Ольга Иванова аҕатын дьиэ кэргэнин, Соморсун нэһилиэгин Ефремовтар дьиэ кэргэн туһунан) альбомнары оҥорбуттара. Билигин архыып матырыйааллара музейбытыгар хараллан сыталлар.
Чинчийэр үлэни салҕаан, элбэх үлэ ыытылынна. Салайааччыбыт Анна Матвеевна Матвеева чинчийэр үлэни үөрэтэрэ интэриэһинэй буолан, оҕолор астынан сылдьабыт, этэрээппитигэр уопсайа 20 оҕо сылдьар.Ол курдук оскуолаларга кылаас чаастарын ыыппыппыт, бэтэрээннэр кэпсээннэрин видеоҕа уһулбуппут, архыыпка үлэлээбиппит. Бу үлэҕэ докумуон көрдүүргэ ыарахаттардаах этэ, урукку хаартыскалар суохтара, кэпсиир дьоммут да аҕыйаабыттар эбит. Үлэбит таһынан араас бырайыактарга, краеведческэй ааҕыларга, ырыа-хоһоон күрэхтэригэр кыттыбыппыт. Оҕолорбут “Кэскил”, “Бэлэм буол”, “Амма олоҕо” хаһыакка ыстатыйалара тахсыбыттара, “Саха” НКИХ “Саҥа күн” биэриитигэр, “Тэтим” радиоҕа чинчийэр, көрдүүр үлэбитин кэпсээбиппит, “Бастыҥ көрдүүр этэрээт“ аатын ылбыппыт, үлэбит туһунан документальнай биэрии уһуллан, көрөөччүлэргэ көстүбүтэ. Үлэбит түмүгэр Ольга Петровна оҕолору кытта оҥорбут испииһэгинэн көрөн, уопсайа 106 буойун ийэтин буллубут, буойуттар уонна ийэлэр хаартыскалардаах, кылгас ис хоһоонноох альбом онороммут бэйэбит музейбытыгар бэлэхтээбиппит. Амматааҕы “Арассыыйа ийэлэрин” кытта тэҥҥэ үлэлээммит этэрээппит аатын ааттатан олус астынныбыт. Биир саамай үөрүүлээх солуммутунан буолар босхо путевканан наҕараадаланан Москуба куоракка сынньанан кэллибит, “Юные Якутяне” ресурснай центрга, Амматааҕы “Матери России”, ансаамбылбытыгар, төрөпүттэрбитигэр, О.П.Иванова -Сидоркевич айар сайдыы киинигэр махталбытын тиэрдэбит!
Улуу Кыайыы 80 сылын көрсөргө бэлэмнэнэн эрэбит, буойуттарбыт ийэлэрин көрдүүбүт, чинчийэбит уонна сэрии сылын оҕолорун, тыыл бэтэрээннэрин кэпсээннэрин устан саҕалаатыбыт, матырыйаал хомуйабыт, кылаас чаастарын ыытабыт, былааммыт киэҥ. Историяны үөрэттэхпитинэ биһиги үүнэр көлүөнэ үүнүөхпүт, сайдыахпыт!
Настя НЕСТЕРОВА, VIII кылаас,
«Амма Чэчирэ» ансаамбыл иһинэн «Память» көрдүүр-чинчийэр этэрээт чилиэнэ