Саха норуодунай суруйааччыта П.Н.Тобуруокап Үөһээ Бүлүү оройуонун оскуолаларыгар учууталынан, дириэктэринэн, үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
1939-1940 үөрэх сылыгар Дүллүкү ситэтэ суох орто оскуолатыгар история, саха тылын учууталынан уонна завуһунан баара-суоҕа 24 сааһыгар ананан үлэлии кэлбит. Оскуола дириэктэринэн Тобуков Евгений Михайлович үлэлээбит. Ол саҕана Дүллүкүгэ дьон алаастартан саҥа мустан эрэр буолан, үөрэххэ тардыһыылара күүстээх этэ, уруоктарын көтүппэккэ үөрэнэллэрэ. Петр Николаевич, завуч быһыытынан, бииргэ үлэлиир дьонугар үтүө сүбэһит, үөрэтэр-иитэр үлэҕэ ирдэбиллээх салайааччы эбит.
«Уруокка кинини киһи салгыбакка истэн олоруох курдук кэпсиирэ. Саас похуоттуу барарбыт. Онно хоһооннорун ис-иһиттэн иэйэн-куойан туран ааҕара. Биһиги, оҕолор, кинини сүрдээҕин ытьыктыырбыт. Кини киһи өйүгэр умнуллубакка хатанан хаалар дьоннортон биирдэстэрэ этэ», — диэн оччотооҕу оҕолор ахтыыларыгар суруллубут.
Петр Николаевич хаартыскаҕа түһэрэр идэлээх эбит. Фотоаппаратын Москваҕа бара сылдьан атыыласпыт. Тыа дьоно оччолорго оннук малы саҥа көрөллөр эбит. Үөрэх чиэппэрэ бүттэҕинэ, үчүгэй, туйгун үөрэхтээх оҕолору хаартыскаҕа түһэрэн, бэйэтэ бэчээттээн, үчүгэй көстүүлээх гына араамалаан оҥорон бэлэхтиир эбит. Бэлэх ылбыт оҕолор, улахан да дьон, олус үөрэллэрэ. Ол дьыл кураан буолбут, Петр Николаевич соболоох сири булан, саас куйуурдаан, нэһилиэк дьонун аһаппыт. Киниэхэ үөрэммит оҕолортон учуутал идэлээхтэр, салайар үлэһиттэр уонна үтүө үлэһит дьон тахсыбыттар.
Буойун поэт 1942-43 сылларга, Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллан, Сталинградскай фроҥҥа пулеметчигынан сылдьан, Ийэ дойдутун иннигэр ытык иэһин чиэстээхтик толорбута.
Петр Николаевич оҕолорго анаан, чахчы, оҕо кутун-сүрүн табар айымньылары суруйбута. Кинини «саха Маршага, Чуковскайа” диэн олус сөпкө ааттыыллара. Оҕолорго анаммыт айымньылара «Чыычаахтар күнү көрсөллөр» (1970) уонна «Күннүүн оонньуур күөрэгэйдэр» (1986) хомуурунньуктарыгар бэчээттэнэн тахсыбыттара.
Саха норуотун тапталлаах суруйааччыта Петр Николаевич Тобуруокап биһиги оскуолабытыгар төһө да кылгас кэмҥэ үлэлээтэр, үөрэппит оҕолорун, дьон-сэргэ махталын ылбыта. Ол кэмтэн төһө да үгүс күн-дьыл аастар, кини аата дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар үтүө өйдөбүл буолан, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэрэхсэнэр.
Хаартыскаҕа: Дүллүкү оҕолоро «Буукубалар мунньахтара» айымньыны туруордулар. Поэт «Буукубалар мунньахтара» поэмата 1946 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо литературатын куонкурсугар иккис бочуоттаах миэстэни ылбыта .
«Эрчим» пост эдкордара.
Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү.