70 тонна ылар былааннаахпыт
П.И. Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолатыгар окко бэлэмнэнии саҕаланыытын, саҥа производственнай обьект тутулла турарын туһунан бүгүн биһиэхэ СХПК «Тулагинская Агрошкола» бэрэссэдээтэлэ Михаил Михайлович Петров кэпсээтэ:
— Үтүө күнүнэн, Михаил Михайлович! Окко хаһааҥҥыттан тахсар былааннааххытый? Быйылгы от туруга хайдаҕый?
— Үтүө күнүнэн! От үүнүүтэ быйыл мөлтөх, чэ, көрүөхпүт. Сирбит төһөнү биэрэринэн оттуохпут.
— Техника өттүнэн барыта бэлэм дуо?
— Бу бэс ыйа ортотуттан техникабытын көрүнэн саҕалаабыппыт, саҥа прессподборщик ылынан, эрдэттэн сэлээркэбитин хаһаанан оппут үлэтэ быйыл этэҥҥэ ааһар ини диэн эрэллээхпит.
— Оттуур бааһыналаргыт төһө ыраахтарый? Төһө тонна оту былаанныыгытый?
— 70 тонна ылар былааннаахпыт. Ону толорбут киһи диэн баҕа санаалаахпыт, ол гынан баран быйыл от үүнүүтэ мөлтөх буоллаҕа былааммытын толорбот кутталлаахпыт. Оттуур бааһыналарбыт Орто-арыыга уонна өрүс уҥуор Сатыы Талах диэн сирдээхпит. Бииргэ үлэлиир учууталларбыт бэйэлэрин оттуур сирдэрин оттото биэриэх буолбуттара быйылгы былааммытыгар тиийбэтэхпитинэ.
— Хас төбө ынахтааххытый?
— Ынахпыт 5 төбө ол үрдүнэн 27 төбө сылгылаахпыт.
— От үлэтин таһынан туох үлэтэ бара турарый оскулаҕытыгар?
— От үлэтин таһынан биһиэхэ ыам ыйын бүтүүтүттэн саҥа обьект тутуута бара турар. Туох обьега диир буоллаххытына – оранжереяны кытта цех. Цехха биһиги бэйэбититтэн, үүннэрэн таһаарбыт продукциябытын маркировкалаан, упаковкалаан атыыга ыытыахтаахпыт, онтон оранжереябытыгар дьиэ иһигэр үүнэр үүнээйилэри олордуохтаахпыт. Ол үрдүнэн трудовой лааҕырдаахпыт 20 оскуола 14-18 диэри саастах оҕо үлэлии сылдьар. Бу 20 оҕо бройлердарбытын, индюктарбытын көрөн аһатан, үүнээйилэргэ уу кутан интириэстээхтик үлэлии сылдьаллар.
— Эппиэккит иһин улахан махтал!
Ариан ВАСИЛЬЕВ, IX кылаас
Бөлөҕүм оҕолорун олус сөбүлээтим
Каникул саҕаламмытын бастакы ыйыгар «Кэскил» үлэ лааҕырыгар суруттарбытым. Онно көтөрдөрү көрөр-харайар бөлөххө түбэспитим. Бөлөҕүм оҕолорун олус сөбүлээтим, биһиги бройлердары кытта үлэлиир этибит. Бройлердары аһатар, уулатар, уйаларын ыраастыыр этибит. Лааҕырга түөртэ аһаталлара, олус минньигэс этэ. Үлэни таһынан араас интэриэһинэй тэрээһиннэр ыытыллааччылар. Бастакы смена бүппүтүн кэнниттэн сөтүөлээн, дэриэбнэҕэ тахсан сынньана сылдьабын. Үһүс сменаҕа эмиэ үлэлиир былааннаахпын. Үлэлээбит харчыбын мунньунан планшет ылыахпын баҕарабын.
Вова ДОБРЯНЦЕВ VIII «В» кылаас
Биһиги «Птичниктар»
Үлэ уонна сынньалаҥ лааҕырын бастакы сменатыгар , мин бройлердары көрүүгэ, аһатыыга үлэлээбитим. Мин икки көмөлөһөөччүбүн кытта биир ый үлэлээбиппит. Биһиги «Птичниктарга» киирсэр этибит, өссө «Птичниктарга» индюк көрөөччүлэрэ киирсэр этилэр, атыттар «Растениеводы» диэн ааттаммыттара.
Биһигини кытта аахтахха биэс отряд баар этэ, хас биирдии отряд өҥүнэн арахсар этэ, биһиги хара өҥнөөх этибит. Сарсыарда аайы тоҕус чааска бары оскуола иннигэр мустан сэрээккэлиир этибит. Сэрээккэлээн баран бары стройданабыт уонна биллэриилэри истэбит, тоҕус аҥаарга сарсыардааҥҥыбытын аһыы киирэбит, уонна уон чааска хас биирдибит бэйэтин үлэтин оҥоро барар, уон иккигэ эбиэттиибит уонна үлэбитин ситэрэ тахсабыт, икки аҥаарга полдниктыыбыт уонна үскэ дьиэлиибит.
Биһиги лааҕырбыт сменатыгар арааһынай тэрээһиннэр буолааччылар : «День бантиков», «Пижамнай вечеринка», караоке, «Мыльные пузыри», «Пенная вечеринка» , Ыһыах, уонна өссө элбэх атын тэрээһин буолааччы.
Үлэбит ис тутула бу курдук этэ: уонтан кэлэбит, уонна аан бастаан бройлердарбытыгар , ууларын уларытабыт уонна астарын эбэбит, уу иһэр иһиттэрин сууйабыт, уонна саҥа уу кутабыт , муостаны харбыыбыт, бройлердар клеткаҕа олорор буоллахтарына муоста сууйабыт уонна лотоктарын ыраастан баран эмиэ сууйабыт, муостаны күҥҥэ иккитэ харбыыбыт кэлэн баран уонна бараары туран, птичникпытын ыраастыыбыт сууйабыт, бройлердар кыра буоллахтарына пеленкаларын уларытабыт уонна сууйабыт, бройлердар инкубатортан таҕыстахтарына инкубатардарын сууйабыт уонна бройлердар түөрт уон бэһис күннэригэр забой буолар. Ол забойга учууталлар кытталлар. Мин бэс ыйыгар бастакыбын забойга сылдьыбытым , уопсайынан икки забойга кыттыбытым.
Бу лааҕырга сылдьан элбэххэ үөрэнним. Сайыҥҥы сынньалаҥмын олус туһалаахтык атааран эрэрбиттэн үөрэбин.
Ангелина РОДИОНОВА, IX «А» кылаас
П.И. Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ