Бытархай харчыны мунньан, сыаналаах малы атыыласпыт диэни истибиккит? Итэҕэйбэккит? Ол эрээри ити кырдьык.
Бу хаартыскаҕа саҥа суотабай төлөпүөнү үөрэ-көтө тутан турар кыыс — Алёна Руфова. Кини Үөһээ Бүлүү Дүллүкүтүн оскуолатыгар IV кылааска ситиhиилээхтик үөрэнэр. Алёна сыл устата мунньубут 10-нуулаах солкуобайынан төлөпүөн атыыласпыт.
— Алёна, туох сыаллаах бачча элбэх 10-нуулаах солкуобайы мустуҥ? Төhө өр? Хас сууманы?
— Мин иккис сылбын маннык бытархай харчыны мунньан туттабын. Былырыын 3000 сууманы «Роса» иhитигэр мунньан (бааҥҥа уурар курдук), төрөөбүт күммэр планшет атыыласпытым. “Мунньуохха сөп эбит” дии санааммын, быйыл төлөпүөҥҥэ анаан мустум. Төрөөбүт күммэр диэри 10 830 солкуобайы мунньан, «Honor» смартфону ылан, бэйэбэр бэлэх оҥоhуннум.
— Харчыны хайдах мунньаҕын: бэйэҥ эрэ дуу, эбэтэр ким эмэ көмөлөhөр дуу?
—Маҕаhыыҥҥа атыыласпыт харчым ордугар 10-нуулааҕы биэрдэхтэринэ эбэтэр дьоммор 10-нуулаах баар буоллаҕына, ону копилкабар уган иhэбин.
— Өссө туохха анаан мунньар былааннааххын?
— Ийэм иистэнэргэ үөрэппитэ. Наhаа сөбүлээтим. Онон аны иистэнэр массыына ылбыт киhи дии саныыбын. Дьиҥэр, быйылгы харчыбынан ийэбэр бэлэх оҥоруохпун баҕарбытым, ону кини сөбүлэспэтэҕэ, төлөпүөн ыларбар сүбэлээбитэ.
Алёна сөбүлүүр дьарыга манан эрэ бүппэт. Кини олус иллэҥэ суох киhи. Ол курдук ийэтин кытта оҕуруо тиhэр, ас астыырыгар көмөлөhөр, иистэнэр.
Оҕуруонан киэргэллэри оҥорон, араас быыстапкаларга кыттар. Соторутааҕыта оскуолабытыгар төрөппүт кэмпириэнсийэтэ буолбута. Онно Алена ийэтин кытта үлэлэрин туруорбуттара уонна оҕуруонан тиhэргэ маастар-кылаас көрдөрбүттэрэ. Кулуонтан саҕалаан, олус кэрэ көстүүлээх сибэккилээх маhы оҥорбуттарын быыстапкаҕа көрөммүн, хаартыскаҕа түhэрбитим.
Yөрэҕин таhынан учуутала Мария Иосифовна салайыытынан чинчийэр үлэнэн дьарыктанар. «С. Васильев «Мөҥүрүүр Бөҕө» олоҥхотугар уруу аhа» диэн дакылаатынан региональнай ааҕыыларга II миэстэлээх, «Я — исследователь» НПК-ҕа ситиhиилээхтик кыттыбыта.
Алёна өссө чэпчэки атлетика секциятыгар дьарыктанар. Улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэhиилэргэ ситиhиилээхтик кыттар.
2017–2018 үөрэх дьылыгар элбэх ситиhиилээх буолан, нэhилиэк баhылыгын Харыйатыгар ыҥырыллан сылдьыбыта.
Элбэх дьарыктаах Алёнаҕа талаанын өссө сайыннара турарыгар, баҕа санаата куруук туола турарыгар баҕарыаҕыҥ!
Оҕолоор, эhиги эмиэ биhиги Алёнабыт курдук, тугу эмэ толкуйдаан, бэйэҕитигэр, чугас дьоҥҥутугар туhалааҕы оҥоруоххутун сөп эбит.
Уруйдаана Афанасьева, VII кылаас,
Үөhээ Бүлүү, Дүллүкү орто оскуолата.