Болугур орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччилэрэ остуоруйа айан ыыппыттарын бүгүн таһаарабыт. Ааҕыҥ, сэҥээриҥ.
Былыр куобах кылгас кулгаахтаах, уһун кутуруктаах эбитэ үһү
Биирдэ кини эмиэ тыаҕа күүлэйдии тахсыбыт. Арай күүскэ баҕайы этиҥ эппит, чаҕылҕан чаҕылыйбыт. Ардах бөҕө түһэн барбыт. Куобах куттанан иннин хоту мээнэ сүүрбүт. Ол истэҕинэ үрдүгэр этиҥ сааллыбыт. Куобах кутталыттан кулгааҕа уһуу түспүт уонна мас анныгар саһан хаалбыт. Эмиэ этиҥ саайбыт. Куобах, сарылыы түһэн баран, иннин диэки ыстаммыт. Онуоха кутуруга мас быыһыгар кыбыллан хаалбыт. Онтон ыла куобах уһун кулгаахтаммыта уонна кылгас кутуруктаммыта үһү.
Артур Максимов, 5-а кылаас.
Урут куобах уһун баҕайы кутуруктаах этэ. Кулгааҕа олус кыра. Биирдэ куобах тыаҕа ас көрдүү сылдьыбыт. Арай утары бөрө сүүрэн иһэрин көрбүт. Бөрө куобаҕы көрөөт да эккирэппит. Куобах барахсан кутталыттан сүүрбүт. Ол сүүрэн истэҕинэ, кутуруга маска кыбыллан хаалбыт. Куобах ону күүскэ тарпытыгар кутуруга туллан хаалбыт. Ол буоллар бэйэтэ куоппут. Онтон ыла куобах кутуруга үүммэтэх. Кылгас буолбут. Уонна наар сылдьарын тухары бөрөнү иһиллии, куттана сылдьар буолан хаалбыт. Онон кулгааҕа уһаан хаалбыт.
Вика Афанасьева, 5-б кылаас.
Биирдэ куобах алааһы туораан иһэн, күөл кытыытыгар бадарааӊӊа батыллан хаалбыт. Олох хайдах да кыайан бадараантан тахсыбатах. Тахса сатаан сордоммут аҕай. Ону, хата, табаарыһа тураах көтөн ааһан иһэр эбит. Кини көмөлөһөн куобаҕы кулгааҕыттан тарпыт. Куобах дьэ оронон тахсыбыт. Арай кулгааҕа уһаан хаалбыт эбит. Оннук уһун кулгаахтанан хаалбыт. Онтон биирдэ аны кутуругуттан туһахха иҥнибит. Наһаа күүскэ таппыт! Кутуруга быстан, туһахха хаалан хаалбыт. Онтон ыла куобах кылгас кутуруктаах уонна уһун кулгаахтаах буолбут эбит.
Чэмэлиинэ Петрова, 5-а кылаас.
Былыр куобах барыта кылгас кулгаахтаах уонна уһун кутуруктаах эбит. Арай биирдэ атын сиртэн олох атын куобах тиийэн кэлбит. Кини кулгааҕа уп-уһун уонна кутуруга кып-кылгас эбит. Дьоннор көрөн соһуйбуттар аҕай. Итинник куобах хантан кэлбитин ким да билбэт эбит. Хас сыл аайы итинник дьикти куобах элбээтэр элбээн испит. Уонна, дьиктитэ диэн, кинилэр дьонтон олох куттамматтар эбит.
Оттон дьон буоллаҕына били урукку куобаҕы эрэ бултуур эбит. Онон урукку куобах аҕыйаатар аҕыйаан барбыт, онтон олох да суох буолбут. Уһун кулгаахтаах, кылгас кутуруктаах куобахтар элбээбиттэр аҕай. Ол иһин булчуттар итинник эрэ куобаҕы бултуур буолбуттар. Онон ол да куобахтар куотар, куттанар буолбуттар.
Инесса Ефремова, 5-б кылаас.
Арай биирдэ куобах олорон эрэ ону-маны саныыр эбит. Уонна маннык диэн ыйытыммыт:
— Бу маннык кылгас кутурук туохха нааданый?, – уонна кутуругун туттан көрбүт.
Ол олорон уһун кулгаахтарынан туох эрэ тыаһын истибит. Көрбүтэ, бөрө сүүрэн иһэр эбит. Куобах туох баарынан сүүрбүт. Бөрө чуут ситэ сыста. Кутуругуттан сиирэ-халты харбыы сыста. Һуу, хата куотта!
Онтон кэлин уоскуйан баран, куобах уһун кулгаах уонна кылгас кутурук туохха наадатын дьэ өйдөөбүт: уһун кутуруктааӄа буоллар, бөрө чуолкай кинини тутан ылыа эбит. Уһун кулгаахтаах буолан, туох кэлэрин эрдэттэн истэр эбит.
Ярослав Горохов, 5-б кылаас.
Куобах кыһын уонна сайын дьүһүнэ уларыйа сылдьар. Куобах ойуурга элбэх талахтаах сиргэ олорор. Куобах куттаһын туһунан элбэх норуокка номох баар. Кини уһун кулгаахтаах буолан ыраахтан истэр, саһар, куотар. Кутуруга кылгас, көстөр-көстүбэт. Кини араас элбэх остуоруйаҕа кэпсэнэр.
Куобах атаҕа күүстээх, онон сиртэн күүскэ тэбинэн ойуоккалаан түргэнник куотар. Кутуруга ол кэмӊэ атаҕын анныгар киирэн мэһэйдиир. Ол иһин айылҕа куобах кутуругун кылгас гына оӊорбут.
Нарыйа Петрова, 5-б кылаас.
Былыыр-былыр куобах уһун кулгаахтаах уонна кылгас кутуруктаах эбит. Биирдэ куобах күөлүнэн баран иһэн, сынньанаары олоро түспүт. Онтон тураары гыммыта – кутуруга ойбоӊӊо хам тоӊон хаалбыт. Куобах куттанан, хайыыр да кыаҕа суох буолан, мээнэ хаһыытаабыт аҕай. Ону истэн биир эмээхсин тиийэн кэлбит. Эмээхсин куобаҕы кулгааҕыттан тарпыт. Наһаа өр тардыбытыгар куобах кулгааҕа уһаан хаалбыт. Ол гынан син тардан ылбыт. Онно аны кутуруга быстан хаалбыт эбит. Онтон ыла куобах кутуруга кылгаан хаалбыт. Кулгааҕа уһаан хаалбыт.
Мирон Кузьмин, 5-б кылаас.
Былыыр-былыр куобах наар хороонугар олорор эбит. Биирдэ наһаа сылаас күн буолбут. Куобах наһаа итииргээбит. Уона хороонуттан быган тахсыбыт. Таһырдьа үчүгэйэ сүрдээх эбит. Ол иһин куобах ыраах-ыраах ыстаныталаан тыаҕа ас көрдүү барбыт. Өр сылдьыбыт.
Ол сырыттаҕына бөрө тиийэн кэлбит. Уонна куобаҕы сиэри эккирэппиит! Куобах куттанан ыраах-ыраах ыстанан, хороонун диэки сүүрбүт. Бөрө ситиэхчэ буолбут. Чуут аҕай кутуругуттан ыстаан хаалбыт. Куобах нэһиилэ хороонун иһигэр киирэн, тыыннаах хаалбыт. Онтон кутуругун көрбүтэ – кып-кылгас буолан хаалбыт эбит. Ону көрөн, соһуйан куобах кулгааҕа уһаан хаалбыт. Онтон ыла оннук уһун кулгаахтаммыт.
Сахаян Марсанов, 5-а кылаас.
Куобах былыр-былыргыттан Саха сиригэр баар. Кини мап-маҥан дьүһүннээх, хап-хара чоҕулуспут харахтаах. Уонна уп-уһун хойуу кутуруктааҕа.
Арай биир үтүө күн куобах уйатыттан таһырдьа тахсан истэҕинэ, аана «лап!» гына сабыллан хаалбыт. Куобах барахсан кутталыттан сүрэҕэ хайда сыспыт. Уонна туох баар күүһүнэн ыстаммыт. Онно аан быыһыгар кутуруга быстан хаалан хаалбыт. Онтон ыла куобах кылгас кутуруктаах.
Онтон аны дьиэтигэр киирээри турдаҕына, бөрө баар буола түспүт. Куобаҕы уһун кулгааҕыттан ыстаабыт. Ол да буоллар, куобах куоппут. Хойуу тыаҕа сүүрэ турбут. Ол күнтэн ыла куобах кулгааҕа уһун.
Луиза Дьяковская, 5-а кылаас.
Бэӄэһээҥҥиттэн сайыҥҥы күннэр саҕаланнылар. «Сотору атын дьүһүннэнэбин» диэн үөрэ-көтө утуйбутум. Сарсыарда турбутум, арай уйабар нэһиилэ батабын уонна кулгааҕым ыалдьар. Тыый, туох буоллахпыный?
Уйабыттан таҕыстым. Арай атын куобахтар миигин көрө-көрө күлэллэр. Тоҕо күлэллэрин өйдөөбөтүм. Онтон икки атахтаах оҕолор кэллилэр. Уонна миигин ыйа-ыйа туох эрэ диэн кэпсэтэллэр. Онтон дьэ өйдөөбүтүм – кулгаахтарым уп-уһун буолан хаалбыттар!.. Мин сүүрэн тиийэн хара тыа Байанайыттан ыйыттым:
— Бу мин кулгаахтарым тоҕо уһаан хааллылар? Туох буоллум?
Байанай саӊарбата. Уйабар баран иһэн, биир мин курдук уһун кулгаахтаах куобаҕы көрсө түстүм. Арай куобаҕым миэхэ чугаһаан баран, киһилии саҥарда. Мин соһуйан хаһыытаатым! Уонна уһуктан кэллим. Кырдьык, уһун кулгаахтаах эбиппин. Чэ, буоллун. Ону-маны истэрбэр бэрт эбит. Түүл эбит. Һуу, үөрэ-көтө моркуоп сии бардым.
Сандал Макаров, 5-а кылаас.
Бэлэмнээтэ Амма улууһун Болугур оскуолатын
саха тылын учуутала Т.П. Петрова.