Олунньу 10 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас бэлиэ күнүгэр сөп түбэһиннэрэн академик А.В.Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатыгар остуоруйа матыыптаах «Скаzка-Остуоруйа» диэн үҥкүү кэлэктииптэрин аһаҕас күрэҕэ ыытылынна.
Бу тэрээһин оскуолабыт «Тэлээрис» үҥкүү ансаамбыла сүрэхтэммитэ биэс сылыгар ананна. Күрэх үөрүүлээх чааһын олохтоох «Тэлээрис» ансаамбыл оҕолоро эҕэрдэ үҥкүүнэн арыйдылар. А.В.Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатын дириэктэрэ Сыромятникова Лариса Дмитриевна эҕэрдэ тылын тиэртэ, кыттааччыларга ситиһиини баҕарда. Улуустааҕы «Кэрэли» оҕону эбии сайыннарар үөрэхтээһин киин салайааччыта Билюкина Марианна Юрьевна Мэлдьэхси орто оскуолатын «Тэлээрис» үҥкүү ансаамбылын 5 сылынан истиҥник эҕэрдэлээтэ уонна салайааччытыгар Мария Дмитриевна Куприяноваҕа, «Тэлээрис» ансаамбыл тутаах төрөппүттэригэр Герасимова Анна Николаевнаҕа, Степанова Изабелла Егоровнаҕа махтал сурук туттарда.
Күрэххэ барыта 11 үҥкүү кэлэктиибэ, 17 нүөмэр, 6 оскуолаттан 81 оҕо, кэтэхтэн 60 оҕо кыттыыны ыллылар.
Дьүүлүүр сүбэҕэ «Кэрэли» оҕону эбии сайыннарар үөрэхтээһин киин тэрийээччи-педагога Борисова Ирина Григорьевна, «Кэрэли» оҕону эбии сайыннарар үөрэхтээһин киин, Хаптаҕай орто оскуолатын хореограба Антонова Альбина Альбертовна, «Кыталык» ансаамбыл выпускнига Охлопкова Туяра Александровна, А.В.Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ, «Тэлээрис» үҥкүү бөлөх иитиллээччитэ Брызгалова Оля күрэҕи сыаналаатылар.
Сыанаҕа бииртэн биир дьэрэкээн көстүүмнээх үҥкүүһүттэр тахсан, араас норуот аптаах-алыптаах остуоруйатыттан үҥкүүлэри кэрэ муусука доҕуһуолунан толордулар. Маны таһынан 6 кэтэхтэн кыттар үҥкүү бөлөх видеоҕа устууларын сэргии көрдүбүт.
Сыаналыыр сүбэ быһаарыытынан:
1 истиэпэннээх лауреат «Күндүл» үҥкүү бөлөҕө «Боотурдар» үҥкүүнэн (Павловскай орто осчкуолата, сал. Шамаева М.Д., Сивцева А.Р., Иванова С.П.)
1 истиэпэннээх лауреат «Туллукчаан» үҥкүү бөлөҕө «Индийская сказка» (Төҥүлү орто оскуолата, сал. Атласова)
1 истиэпэннээх лауреат «Күнчээн» үҥкүү бөлөҕө «Волк и семеро козлят» үҥкүүнэн (Баатара орто оскуолата сал. И.И. Ермолаева )
2 истиэпэннээх лауреат “Уйдара” үҥкүү бөлөҕө «Рыбалка» үҥкүүнэн
(Марта орто оскуолата, сал.Т.К. Андросова )
3 истиэпэннээх лауреат “Күннээйик” үҥкүү бөлөҕө «Кыыс сибэкки» үҥкүүнэн (Хорообут орто оскуолата, сал. Н.М. Брызгалова )
3 истиэпэннээх лауреат “Күнчээн” үҥкүү бөлөҕө «Репка» үҥкүүнэн
(Баатара орто оскуолата сал. И.И Ермолаева )
3 истиэпэннээх лауреат Винокурова Нарийаана «Радость Пеппи Джолли» үҥкүүнэн (Төхтүр, ДШИ)
2 истиэпэннээх диплом «Дохсун» үҥкүү бөлөҕө «Ый кыыһа» үҥкүүнэн (Майа эбии үөрэхтээһин киинэ, сал. Ю.И. Васильева )
2 истиэпэннээх диплом «Күнчээн» үҥкүү бөлөҕө «Белоснежка и 7 гномов»
(Баатара орто оскуолата сал. И.И. Ермолаева )
3 истиэпэннээх диплом «Күнчээн» үҥкүү бөлөҕө «Три поросенка» үҥкүүнэн (Баатара орто оскуолата, сал. И.И. Ермолаева )
“Приз зрительский симпатий” анал аат «Күнчээн» үҥкүү бөлөҕө
(Баатара орто оскуолата сал. И.И.Ермолаева )
“Лучшая композиционная построение номера” анал аат «Күндүл» үҥкүү бөлөҕө («Күн дьөһөгөй оҕото» үҥкүү, Павловскай орто оскуолата, сал. С.Ф. Павлова )
“Лучший костюм” анал аат «Күннээйик» үҥкүү бөлөҕө (Хорообут орто оскуолата, сал. Н.М. Брызгалова )
Кэтэхтэн көрүүгэ:
1 истиэпэннээх лауреат «Тускул» үҥкүү бөлөҕө «Чудеса зимы» үкүүнэн
(Бэдьимэ орто оскуолата, сал. Г.М. Аргунова )
2 истиэпэннээх лауреат «Тэтим» үҥкүү бөлөҕө “Туйаарыма Куо” үҥкүүнэн
(Ороссолуода орто оскуолата, сал. Е.В. Антонова )
1 истиэпэннээх диплом «Тэтим» үҥкүү бөлөҕө «Ый кыыһа» үҥкүүнэн
(Ороссолуода орто оскуолата, сал. Е.В. Антонова )
1 истиэпэннээх диплом «Айыллаана» үҥкүү бөлөҕө «Гадкий утенок” үҥкүүнэн (Майа эбии үөрэхтээһин киинэ, сал. В.Н. Попова )
Анал аат “За оригинальность” «Сандаар» үҥкүү бөлөҕө «Морозко» үҥкүүнэн (Сунтаар улууһа)
Муҥутуур кыайыылааҕынан буолла Төҥүлү орто оскуолатын «Туллукчаан» үҥкүү кэлэктиибэ.
Үҥкүү кэрэ эйгэтигэр угуттанан, остуоруйа аптаах дойдутугар ыалдьыттаан көрөөччүлэр астынан, дуоһуйан, сынньанан тарҕастылар.
Попова Виктория,
Ксенофонтова Анжелла,
10 кылаас үөрэнээччилэрэ
А.В.Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолата