Биһиги быйыл сайын быраатым Петялыын, ийэм Луара Юрьевналыын Холбоһуктаах араап эмиратын куората Дубайга баран, дуоһуйа сынньанан, сөтүөлээн, күүлэйдээн кэллибит.
Остуоруйа дойдутун курдук кыраһыабай, улахыын-улахан дьиэлэрдээх, тула уот-күөс дьиримнээн, космоска сылдьар курдук сананаҕын! Муора уута сып-сылаас, ракушка бөҕө хомуйдубут, крабтары, муора сулустарын, араас балыктары көрдүбүт.
Киин куоракка, Абу-Дабига, баран, аквапааркаҕа күнү быһа сырыттыбыт, оонньоотубут-көрүлээтибит. Дубай куорат устун экскурсиялаатыбыт, яхтанан хатааһылаатыбыт, Бурдж Халиф диэн аан дойду саамай үрдүк башнятыгар тахса сырыттыбыт, аатырбыт “ыллыыр” фонтаны көрөн, сөхтүбүт-махтайдыбыт, астынныбыт.
Аан дойду ураты дойдуларын көрөр кэрэтиэн! Хаһан да умнуллубат түгэннэр өйбүтүгэр-санаабытыгар хааллылар…
Милана Заборовская, IV кылаас.
Боронук, Дьааҥы.