«Я и финансы» IV өрөспүүбүлүкэтээҕи конкурс алын сүhүөх бөлөҕүн I миэстэни ылбыт Мэҥэ-Хаҥалас улууhун Табаҕа орто оскуолатын IV кылааhын үөрэнээччитэ («Кыымчаан» эдкорпост), Рома Брызгалов, остуоруйата.
Былыыр-былыр Хобороос уонна Байбал диэн дьадаҥы ыаллар биир алааска олорбуттара эбитэ үһү. Кинилэр собус-соҕотох биир ынахтаахтар уонна үс уол оҕолоохтор эбит. Оҕолорун аата Кэскил, Ньургун, Дьулус диэн эбиттэр. Арай биирдэ уолаттар сайыҥҥы биир үтүө кун балаҕаннарыттан чугас сытар күөлгэ сөтүөлүү сылдьыбыттар, умса оонньообуттар. Орто уол Ньургун күөл түгэҕэр тиийэ умсар эбит. Эмискэ кини ньамах быыһыттан биир бытыылка булан ылбыт уонна убайдаах быраатын ыҥыран хаһыы бөҕөтүн түһэрбит. Уолаттар сырсан кэлбиттэр, бытыылкаларын эргитэ сылдьан көрүү-истии бөҕө буолбуттар. Улахан уол Кэскил бытыылканы бэрт эрэйинэн арыйбыт, орто уол Ньургун эмиэ нэһиилэ бытыылка иһиттэн туох эрэ эриллэ сылдьар кумааҕыны ороон таһаарбыт, кыра уол Дьулус ол кумааҕыны (онтулара хаарта эбит) ааҕан биэрбит.
Хаарта араас дьэрэкээн өҥнөөх кыраасканан ойууламмыт, кылгас быһаарыы суруктаах эбит. Онно этиллэринэн аптаах кыһыл көмүс 10 солкуобайдаах манньыат баар эбит, ол манньыаты хас эргиттэҕин аайы биирдии манньыат түһэн кэлэр эбит. Онон элбэхтик эргиппит киһи түргэнник байыан-тайыан сөп эбит. Ол гынан баран бу манньыат ырыых-ыраах сытар, саамай тымныы сиргэ, Өймөкөөн улууһугар сис хайалар быыстарыгар, Чучунаа олорор балаҕанын аттыгар баар дириҥ хаспахха турар муус хоппо иһигэр баар эбит.
Уолаттар дьиэлэригэр кэлэн сүбэлэспиттэр, хаарталарын өссө үчүгэйдик сирийэн үөрэппиттэр, ханан баралларын быһаарбыттар. Түүн ортото дьонноруттан кистээн үөмэн тахсан, өйүөлэригэр лэппиэскэ ылаат, күрээбиттэр.
3 ыйынан уолаттар Өймөкөөн улууһугар дьэ тиийбиттэр, хайа үрдүгэр тахсан биир балаҕаны булбуттар. Ол балаҕан аттыгар чучунаа сылдьар эбит, оҕолору көрөн куттанан куоппут. Оҕолор чучунааны эккирэтэ барбыттар уонна булбакка, балаҕаннарыгар төннөн кэлбиттэр. Оҕолор балаҕан иһигэр киирбиттэрэ, чучунаа көмүлүөк аттыгар сылайан, сынньана олорор эбит.
Чучунаа киирбит дьон оҕолор буолалларын көрөн, куттаммыта ааһан, ыраахтан кэлбит уолаттары аһаппыт, ону-маны сураспыт. Аһыы олорон улахан уол туох наадаҕа кэлбиттэрин кэпсээбит. Онуоха оҕонньор олорбохтоон баран эппит:
— Мин кырыйдым, миэхэ элбэх ас да, таҥас да, харчы да наадата суох кэмэ кэллэ. Онон мин кыһыл көмүс 10 солкуобайдаах манньыаппын эһиэхэ биэриэхпин сөп, ол гынан баран мин этэр үс усулуобуйабын үс күнүнэн толорор эрэ буоллаххытына. Чэ истиҥ. Улахан уол Кэскил миэхэ Лена очуостарыттан таас хайа саамай үрдүк чыпчаалыттан муумуйа диэн сымалата аҕал, эмкэ туттуом этэ. Орто уол Ньургун миэхэ аатырар Лабыҥкыр күөлтэн өлбөт мэҥэ уутун булан аҕал. Кыра уол Дьулус мин иитэлээбит хапхааннарбын барытын булан аҕал. Үс күнүнэн бу биэрбит сорудахтарбын толордоххутуна кыһыл көмүс манньыат эһиэнэ буолуо.
Сорудахтарым чэпчэкитэ суохтар, ол иһин көмө буоллун диэн улахан уолга иитиэх хотойбун уларсабын, орто уолга аптаах бэйэм хайыһарбын уларсабын, кыра уолга сирдьит буоллун диэн саамай сөбүлүүр ыппын уларсабын.
Уолаттар бары үс хонон баран чучунаа биэрбит сорудахтарын толорон, били балаҕаннарыгар тиийэн кэлбиттэр. Чучунаа оҕолор кини биэрбит сорудахтарын бары толорбуттарын көрөн үөрэн, улаханнык махтаммыт. Уолаттарга айаннарыгар туһалыа диэн улахан хотойун уонна кыһыл көмүс манньыатын биэрбит. Оҕолору кэлэн иһэр 2020 Саҥа дьылынан эҕэрдэлээн атаарбыт.
Уолаттар оҕонньорго баһыыбалаан баран айаҥҥа туруммуттар. Туох да улахан мэһэйэ суох Өймөкөөн хайаларын туораабыттар, онтон олус үөрбүттэр. Ол эрээри кинилэри иннилэригэр араас моһоллор күүтэллэрин туһунан өйдөрүгэр да оҕустаран көрбөтөхтөр. Кэпсэтэ – кэпсэтэ баран испиттэр, хотойдоро үрдүлэринэн сүтэ – сүтэ көтөн испит. Арай эмискэ бөрө үөрүгэр кэтиллэ түспүттэр, уолаттар куттанан биир сиргэ туран хаалбыттар. Бу бириэмэҕэ хотойдоро үөһэттэн сурулаан түспүт да, үөр баһылыгын төбөҕө тоҥсуйбут. Кырдьаҕас бөрө чыскыйбытынан тыа диэки ыстаммыт. Атын бөрөлөр кини кэнниттэн эмиэ тыаҕа түспүттэр.
Уолаттар салҕыы айаннаабыттар. Эмискэ иннилэригэр дириҥ да дириҥ уонна олус уһун, туруору аппа баар буолан хаалбыт. Хайдах туоруулларын быһаараары толкуй бөҕөҕө түспүттэр. Манна эмиэ хотойдоро көмөҕө кэлбит. Кини атахтарыгар быа баайбыттар уонна биир-биир аппаларын син туораабыттар.
Дьэ арыый уоскуйан, ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ баран испиттэр. Эмискэ хантан да кэлбитэ биллибэт, халлааҥҥа хара былыт халыйан кэлбит да, күүстээх буурҕа түспүт, уолаттары хаарынан төбөлөрүгэр диэри тибэн кэбиспит. Манна эмиэ хотойдоро кинилэри быыһаабыт, хаартан биир-биир оротолоон таһаарбыт.
Ахсынньы 30 кунугэр уолаттар дьиэлэрин дьэ булбуттар. Ийэлээх аҕалара оҕолорун көрбүт үөрүүлэриттэн кинилэри олох мөхпөтөхтөр, муспут астарынан күндүлээбиттэр. Уолаттар буоллаҕына кыһыл көмүс манньыаттарын эргитэн элбэх харчыны муспуттар. Саҥа дьылга дэриэбинэ дьонун дьиэлэригэр бырааһынньыктата ыҥырбыттар, харчыламмыт дьон быһыытынан ас бөҕөтүн тардыбыттар.
Оннук үчүгэй баҕайытык элбэх астаах-үөллээх, баайдык-тоттук олорбуттара эбитэ үһү. Кинилэр харчы хаһан баҕар элбэх эрэйинэн кэлэрин үчүгэйдик өйдөөбүттэр.