Кэтириинэ Маркыыһа
Кэтириинэ Маркыыһа диэн собус-соҕотох кыыстаах огдообо киһи олорбут. Кини биир үтүө күн дьаарбайа сылдьыбыт. Суол кытыытыгар күп-күөх сугун сукуна таҥас курдук үүнэн аҕай турар эбит. Ол ортотугар биир дьахтар тохтоло суох туос куйабыынынан сугуну хомуйа сылдьар, ырбаахытын тэллэҕэ тэлээрии бөҕө. Огдообо киһи тохтообутугар дьахтар:
– Үтүө киһи, туох кэпсээннээххин? Кэргэннээххин дуу? – диэн ыйыталаһан барбыт. Онуоха киһитэ:
– Кэргэним суох, соҕотох Кэтириинэ Маркыыһа диэн кыыстаахпын. Оттон эн?
– Мин эмиэ соҕотохпун, үс кыыстаахпын. Хата, икки огдообо холбоһуох, – диэн дьахтар этиилээх буолбут.
Ити курдук кэпсэтэн, билсиһэн, улам ыксалаһан, онтон ыла бииргэ олорбуттар. Кэтириинэ Маркыыһа аҕатыныын баайдара-дуоллара – хойуу үүттээх, олус өйдөөх Эриэнчикэй диэн ынахтаахтар. Маачаха ийэтэ Кэтириинэ Маркыыһаны иһигэр киллэрбэт, абааһы көрөн, суоһурҕана сылдьар. Үлэ ыараханын үлэлэтэр, ас амтана суоҕун биэрэр, туохха барытыгар мөҕүллээччи, буруйданааччы мэлдьи кини. Аҕата барахсан, оҕотун аһыннар даҕаны, хайдах да көмүскүүр кыаҕа суох.
Арай биирдэ аҕата ойоҕун сорудаҕын толоро куоракка барар. Маачаха кырыга, суоһурҕанара, тырыттара өссө бэргиир, кыыска ас тобоҕун да биэрэн аһаппат. Ол оннугар ынаҕы маныы барарыгар соруйар. Хороҕор муостааҕа күөх хонууга мэччийэ сылдьан, маннык саҥалаах буолар: “Кэтириинэ Маркыыһа, аччыктаатыҥ дуо? Мин хаҥас кулгаахпар киир уонна уҥабынан таҕыс”. Онуоха кыыс Эриэнчикэйин хаҥас кулгааҕынан киирэн баран, уҥатынан тахсыытыгар аччыктаабыта ханна да суох буола түһэр.
Ити курдук хас да күн ааһар. Маачаха, Кэтириинэ Маркыыһа аһаабатын үрдүнэн, аччыктаан өлбөтүн муодаргыыр, туохтан оннук буоларын билэргэ сорунар. Ол иһин кыра кыыһын ыытар, тоҕо оннук буоларын барытын билэригэр сорудахтыыр: “Отой утуйаайаҕын!” – кытаанахтык модьуйар.
Кэтириинэ Маркыыһа наһаа тарбанар кыра кыыска: “Быттыыбын дуо?” – диир. Кыра кыыс үөрүүнү кытта сөбүлэһэр. Арай баттаҕын арыйбыта, төбөтүн ортотугар соҕотох харах быччайа сытар үһү! Ону баттыалыыр, ыгыалыыр. Улаханнык чэпчээбит кыыс хараҕа сабыллан барар, устунан утуйар. Ол кэмҥэ ынаҕын кулгааҕар киирэн аһаан, нөҥүө кулгааҕынан тотон тахсар.
Киэһэ маачаха кыыһыттан ыйытар:
– Хайа, тукаам, тугу биллиҥ? Кэтириинэ Маркыыһа тугу гына сылдьар?
– Суох, ийээ, тугу да гыммата, мин утуйдаҕым дии, – диэн хардарар.
Иккис күнүгэр орто кыыһын ыытар. Кэтириинэ Маркыыһа орто кыыс төбөтүгэр икки харах быччайа сылдьарын эмиэ ыга баттыалаан, түөрэтин ыган, дьикти алыбынан утутан кэбиһэр. Бэйэтэ эмиэ ынаҕын кулгааҕар киирэн, тото-хана аһыыр. Киэһэ маачаха кыыһа тугу да билбэтэҕин иһин дэлби мөҕөр, тэбиэһирэ-тэбиэһирэ кыыһырар.
Туох да сатаныа суоҕун иһин, аны үһүс улахан кыыһын маната ыытар. Бу кыыс төбөтүгэр үс харахтаах буолан биэрбит. Ону Кэтириинэ, билбэккэ, икки хараҕын эрэ утутар, үсүһүн көрбөтөх. Били кыыс ол хараҕынан Кэтириинэ ынаҕын кулгааҕар киирэрин, сотору кэминэн нөҥүө өттүнэн уһулу ойон тахсарын бэлиэтии көрөр уонна тута ийэтигэр сүүрэн тиийэр.
Нөҥүө күнүгэр Кэтириинэ Маркыыһа, ынаҕын маныы сылдьар кэмигэр, ынаҕа санаарҕаабыт көрүҥнээх киниэхэ чугаһыыр уонна: “Кэтириинэ, арааһа, аҕаҥ куораттан кэллэҕинэ, миигин идэһэ оҥостоллоро буолуо. Онуоха мин төбөбүн уонна туйахтарбын көрдөөн булаар…” – диир.
Кыыс ынаҕын аһыйан, ытыыр-соҥуур, санааргыыр. Аҕата сотору куораттан төннөн кэлэр. Маачаха оҕонньоругар кыыһы үҥсэ тоһуйар: “Тугу да гыммат, аһаан эрэ тахсар. Ынахпытын идэһэ оҥостуохха”, – диэн.
Аҕа ойоҕун тылыттан тахсыбат, сөбүлэһэргэ эрэ тиийэр. Кыыс ынаҕын аһыйан, ытыыр-соҥуур, төбөтүн, туйахтарын көрдөөн булар. Маачаха салгыы оҕонньорго туһаайан: “Кыыскын икки харахпар көрдөрүмэ, иккиттэн биирбитин тал!” – диэн суостаахтык этэр.
Хайыай, кыыһын тэйиччи турар кураанах өтөххө көһөрөн илдьэр.
– Маны буһарынан, хааһыта оҥостоор, – диэн, кыра бурдук хаалларар.
Кыыс Эриэнчикэйин төбөтүн үөһэ баҕанаҕа, туйахтарын түөрт муннукка ыйыыр уонна бурдугунан хааһы оҥостон, аһаары олордоҕуна, биир кутуйах бытыгырайан кэлэн: “Аччыктаатым аҕай, хааһыгыттан бэрсиэҥ буолаарай…” – диэн чыбыгырыыр. Кэтириинэ хааһытыттан кутан бэрсэр. Онуоха кутуйах: “Түүн ортото сүллүүкүттэр кэлиэхтэрэ, өлбүтэ буолаар”, – диир.
Түүн үөһүн саҕана, кутуйах эппитин курдук, элбэх киһи атаҕын тыаһа лоһугуруура уонна туох эрэ ыйааһыннааҕы ороҥҥо быраҕар тыастара иһиллэр. “Оҕобут атаҕын таҥаһын умнубут”, – диэн саҥалара ньамалаһар курдук. Онтон: “Оо, Кэтириинэ Маркыыһа барахсан тоҥмута ырааппыт быһыылаах”, – дии-дии атаҕыттан ылан, таҥнары сахсыйан-сахсыйан, кылгас кэмҥэ тобугураһа түһэн баран, тахсан бараллар.
(Бүтүүтэ бэчээттэниэ).
Зина Попова,
IX кылаас,
Эдьигээн орто
оскуолата.