Хас биирдии оҕо дьиэ үлэтин оҥорортон сүрэҕэлдьиирэ биллэр. Мин оччолорго эмиэ кыра саастаах этим…
Ол күн этиҥнээх ардах тохтоло суох түспүтэ. Саатар уоппут баран хаалан, чүмэчинэн олорбуппут. Санаабар, борук-сорукка туораттан ким эрэ кэтиир курдуга.
Киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн дьонум: “Иһиккин сууй”, – диэн соруйан баран, хотонноругар тахсыбыттара. Биһиги ону истиэхпит дуо, убайбын кытта оонньуу сатаан баран, хараҥаҕа баһыйтаран уруһуйдуу олорбуппут. Ол олордохпутуна ийэм хотонуттан киирэн, остуол хомулла илигин көрөн: «Хомуйа охсуҥ!» – диэн кыыһыра быһыытыйбыта. Биһиги убайбынаан ким иһит сууйарын ааҕыстыбыт. Хотторуулаах киһи мин иһит сууйар чиэскэ тиксибитим. Аҕам киирээтин кытта, кини атаах, мааны кыыһа буоламмын: «Иһиппин сууйумуохпун сөп дуо? Наһаа хараҥа. Туох да көстүбэт», – диэн көрдөстүм.
Онуоха аҕам ону утары барыа дуо: “Кырдьык, уот да суох, сарсын хомуйуоҕа”, – диэн ийэбэр эттэ. Мин кыайбыт хоппут киһи курдук сананан, төттөрү уруһуйдуу сүүрбүтүм. Уонна ити курдук аһыыр остуолга чугаһаабакка эрэ утуйбутум. Арай түүн уһуктан кэлбитим, куухунаҕа иһит-хомуос тыаһыыра. Сыта түһэн баран аргыыйдык туран, тыаһа суох хааман тиийэммин көрбүтүм, доҕоор, сүрдээх улахан хап-хара күлүк киһи остуолга бүк түһэн олорон эрэ, миигин мөҕөргө дылы этэ: «Бу кыыс иһитин хомуйбакка эрэ утуйа сыттаҕа…» – диэн ботугуруурун истибитим.
Бу айылааҕы көрбүт, истибит буоламмын, ол күнтэн ыла хаһан да аһыыр остуолбун иһиттээх хаалларбаппын.