Билим дьоҕус академиятыгар саамай эппиэтинэстээх, улахан үлэни оҥорор дьон остолобуой үлэһиттэрэ буолаллар.
Биһиги «Кэскил» медиа оскуола эдэр корреспонденнара остолобуой сэбиэдиссэйин Варвара Ивановна Абрамованы кытта көрсөн, кэпсэтэн элбэҕи биллибит.
Кини үс оҕолоох ыал ийэтэ. Астыырын сөбүлүүр буолан, повар идэтин талбыт.
— Билим дьоҕус академиятын остолобуойа уопсайа 20-чэ үлэһиттээх. Манна 8 повар, 8 подсобница, 2 уборщица уонна 1 техүлэһит оҕолору сылаас, тотоойу аһынан хааччыйаллар. Икки корпуһунан холбоон, күҥҥэ быһа холоон 130-ча киһини аһатабыт, — диэн кэпсиир Варвара Ивановна.
Повардар үлэлэрэ сарсыарда биэс аҥаар чаастан саҕаланар. Күҥҥэ 14 чаас устата тигинэччи үлэлииллэр. «Повар үлэтин киһи чэпчэки диэбэт. Ыарахан. Оттон оҕолор эн астаабыккын тото-хана иҥэринэр буоллахтарына, ол биһиги үлэбит түмүгэ. Билим дьоҕус академиятыгар кэлэр дьон бары син биир остолобуойга сылдьан ааһаллар. Ордук сайыҥҥа өттүгэр сэргэх буолар. Кэлии-барыы элбиир», — диэн Варвара Ивановна үлэтин туһунан үөрэ-көтө кэпсиир. Кини кыра эрдэҕиттэн астыыр буолан, үлэтин олус сөбүлүүр. Биһиги саастыы оҕолорго туһаайан: «Ханнык баҕарар остолобуой үлэтин сыаналыыр буолуҥ. Ити улахан үлэттэн тахсар. Повар минньигэс аһынан күндүлээри үлэлиир, күннэтэ бэйэтин сайыннарар», — диэн оҕолорго баҕа санаатын тиэрдэр.
Варвара Ивановнаҕа уонна остолобуой коллективыгар улахан махталбытын тиэрдэбит. Билим дьоҕус академиятын остолобуойун минньигэс аһын умнуохпут суоҕа!
Иванна ЗАХАРОВА, VIII кылаас,
И.Г. Тимофеев аатынан Майатааҕы лиссиэй, Мэҥэ Хаҥалас.
Хаартыскаҕа түһэрдэ, видеоҕа уһулла, таҥан оҥордо
Гаврил Прокопьев, VII кылаас, Төҥүлү орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас;
Саша Егоров, VII кылаас,Ороһу, Үөһээ Бүлүү.