Кулун тутар 26 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Медиа-кииҥҥэ үп уонна экономика олимпиадатын түмүктүүр түһүмэҕэ ыытылынна. Санатар эбит буоллахха, СӨ Үп министиэристибэтэ оскуоланы бүтэрээччилэр ортолоругар IX төгүлүн ситиһиилээхтик ыыппыт олимпиадата.
Бу “Телевизионная Олимпиада по финансам и экономике” диэн СӨ Үбүн министиэристибэтин бырайыага РФ үп-харчы өттүнэн билиини чиҥэтиигэ, кэҥэтиигэ гражданнары кытары үлэлиир бастыҥ тэрээһиннэрин кэккэтигэр киирбитэ. Олимпиада кыттыгас тэрийээччилэрэ СӨ Экономикаҕа министиэристибэтэ, ХИФУ ФЭИ, СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ, И.И.Фадеев аатынан Дьокуускайдааҕы үп-экэниэмикэ кэллиэһэ, Финансовай грамотноһы үрдэтэр регионнааҕы Киин.
-Быйылгы тэрээһин пандемиянан сибээстээн, маннык арыый да атын киэбинэн ыытылла турар. Сүүстэн тахса кыттааччыттан бүгүн уона бастыҥ үөрэнээччи кыттар,- диэтэ Үп миниистирэ, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ В.А.Жондоров олимпиада кыттыылаахтарыгар туһаайан.
Түмүктүүр түһүмэх күөн күрэһигэр 7 оҕо тэйиччиттэн, 3 оҕо Дьокуускай куораттан кытыннылар. Ол курдук, бастакы сорудаҕы толорорго 10 мүнүүтэ бэрилиннэ. Маныаха сөптөөх хоруйу талыахха наада этэ. Иккис туурга аҕыс, үһүс, бүтэһик туурга биэс үөрэнээччи сүүмэрдэннэ. Ол Мария Алексеева (Арыылаах, Мииринэй), Гриша Кибирев, Нина Маркова, Мария Шпагина (үһүөн Мииринэй 26 №-дээх оскуолатыттан) уонна Наталья Логанова (РЛИ).
Үп миниистирэ Валерий Жондоров кыттааччылар сатаан сааһылаан саҥаралларын, тиэрминнэри, баан эйгэтин өйдүүллэрин бэлиэтээтэ. Экономика миниистирэ Майя Данилова быйылгы олимпиада тэйиччиттэн уонна офлайн ыытыллан, ончу да таһыма намтаабатаҕын, оҕолор эппиэттэрин сөбүлээбитин, кыттааччылар киэҥ интэриэстээхтэрин, сөбүлүүр дьарыктаахтарын биллэрдэ.
Көҕүлээбит дьоҥҥо махтал!
Күөн күрэс муҥутуур кыайыылааҕынан Наталья Логанова, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээти быйыл бүтэрээччи таҕыста:
— Бу олимпиаданы тэрийбит, көҕүлээбит дьоҥҥо, миигин бэлэмнээбит Елена Егоровна Кампееваҕа ис сүрэхпиттэн махтанабын. Сүрдээх туһалаах тэрээһиҥҥэ кыттан, элбэҕи биллим, баай үөрүйэҕи иҥэринним. Күөн күрэс түмүктүүр түһүмэҕин кыттыылаахтара—бары маладьыастар. РЛИ-гэ Х кылаастан үөрэнэбин. Ол иннинэ Өктөм лиссиэйигэр үөрэммитим. РЛИ үөрэнээччилэрэ бу олимпиадаҕа мэлдьи кытталлар. Икки сыллааҕыта биһиги лиссиэйбит үөрэнээччитэ Анна Павлова бастаабыта. Билигин Санкт Петербурга Экономика үрдүкү оскуолатыгар үөрэнэр. Былырыын бу олимпиада туһунан РЛИ-ни бүтэрбит оҕолор кэлэ сылдьан кэпсээбиттэрин өйдөөн хаалбытым. Тус бэйэм олимпиадаҕа уруокка ылбыт уонна Бүтүн Россиятааҕы олимпиада регионнааҕы түһүмэҕэр бэлэмнэммит билиибинэн кытынным. Инникитин менеджмент салаатыгар үөрэниэхпин баҕарабын, онно экономика баар. Психологияттан, автобиографияттан саҕалаан, уус-уран литератураҕа тиийэ ааҕарбын сөбүлүүбүн. Джейн Остин “Гордость и предубеждение”, Айн Рэнд “Атлант расправил плечи”, Арсен Томскай “Индрайвер”, Стивен Кови “7 навыков высокоэффективных людей” кинигэлэрин ордоробун.
Наталья Логанова олимпиада кыайыылааҕа буолан, ХИФУ Үп-экэниэмикэ институтугар тус сыаллаах миэстэҕэ тигистэ!
Бизнес эйгэтигэр бэйэбин көрөбүн
Иккис миэстэҕэ Мииринэй куорат 26 №-дээх оскуолатыттан Мария Шпагина, үһүс миэстэҕэ Мииринэй улууһун Арыылаах 6 №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Мария Алексеева таҕыстылар.
-Олимпиада туһунан экономикаҕа учууталым Алена Алексеевна Федорова кэпсээбитэ. Киниэхэ миигин бэлэмнээбитигэр махтанабын. Былырыыҥҥы олимпиадаҕа биһиги оскуолабытыттан икки кыыс кыттыбыта, ол эрээри, пандемия буолан, олимпиада ыытыллыбатах этэ. Бу сырыыга миигин кытта бииргэ үөрэнэр кыыһым кытынна эрээри, үһүс туурга хапсыбата. Саамай уустук сорудах мин санаабар, бастакы, тест толоруута этэ. Онно тиэрминнэри өйдүүргэ уустуктардаах. Иккис түһүмэҕи сөбүлээтим, эссе суруйары мин олус сөбүлүүбүн. Оҕо эрдэхпиттэн бизнес эйгэтигэр бэйэбин көрөбүн, ол иһин мин экономическай үөрэҕи баһылыахпын баҕарабын. Эбэлээх эһэм миигин харчыны сөпкө туттарга такайбыттара. Эбэм ахсаан учуутала, эһэм бухгалтер этэ. Сөбүлүүр уруоктарым экономика, обществознание, ахсаан. Психологияны, кондитерствоны сэҥээрэбин, — диир Мария Алексеева.
Жанна Леонтьева.