Хас биирдии үөрэнээччигэ орто оскуоланы бүтэрэр, эксээмэн туттарар, инники олоҕун быhаарынар эппиэттээх кэмэ тиийэн кэлэр. Оскуоланы бүтэрээччилэр ханнык үөрэххэ туттарсаргытын номнуо быһаарыммыт буолуохтааххыт. Биир кэлим эксээмэн (БКЭ) түмүгэ ким-хайдах үөрэммитин, төһө кыһаллыбытын көрдөрөр. Ол түмүгүнэн сороххут үрдүк үөрэххэ туттарсыа, сорох орто үөрэххэ барыа. Быйыл оскуолатын бүтэрээри сылдьар үөрэнээччилэри кытта БКЭ-ҕэ төһө бэлэмнэрин сэргээн ааҕыҥ.
Айтал Аржаков, В.И. Малышкин аатынан Дьокуускай 23 №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ:
Эксээмэни туттарарбар сүрүн биридимиэттэртэн ураты физиканы талбытым. Бэлэмнэнии алтынньыттан саҕалыммыта. Учууталлар эбии дьарыктары ыытаннар бэлэми наһаа уустуга суох ылыммытым.
Бу коронавирустан сылтаан, сааскы кэм олус ыараханнык ааста. Киһи бэлэмнэнэр, үөрэнэр туруга ыһыллан, эксээмэҥҥэ бэлэм таһаарыыта, ситэтэ суох буолан, эрэйи көрбүтүм. Холобур, учуутал эн иннигэр олорон үөрэтэрэ, кэпсиирэ, быһаарара быдан ордук.
Бүтэһик чуорааммыт Zoom сыһыарыы нөҥүө буолла. Оттон түмүктүүр киэһэбит буола илик. От ыйын бүтүүтүгэр көһөрбүппүт. Бу ыарыыттан сылтаан көһө-көһө турар, хаста даҕаны уларыттыбыт.
Мин тиэхиньикэ хайысхатын өттүгэр тардыһар буоламмын бу Новосибирскай судаарыстыбаннай техническай университекка киирэр былааннаахпын. Онно киирбэтэхпинэ Томскай политехническай университекка туттарсыам.
Арсен Кривошапкин, И.И. Гоголев-Дыргыабай аатынан Найахы орто оскуолатын үөрэнээччитэ:
11 кылаас олус түргэнник ааста. Санаабар бэҕэһээ эрэ билии күнүн бэлиэтии сылдьар курдук этим. Бу сыл элбэх умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтэ, ол быыһыгар долгуйуу да, үөрүү да баара. Үрдүкү кылаас буолан, оскуола иһигэр ыытыллар тэрээһиннэри олус көхтөөхтүк бэйэбит ыыппыппыт.
Эксээмэҥҥэ математика базовайын уонна нуучча тылын эрэ туттарабын. Бэлэммит олус күүстээх этэ, учууталларбыт үчүгэй баалга туттардыннар диэн кыһаллаллар, онон кинилэргэ махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Эксээмэнтэн куттаммаппын, долгуйбаппын, туттарыам диэн бэйэбэр эрэллээхпин. Бэйэм култуура кэллиэһигэр “хореография” үөрэҕэр туттарсаары сылдьабын.
Түмүктүүр киэһэбит билиҥҥи туруктан сылтаан, хомойуох иһин буолбата. Буолара буоллар, американскай киинэ курдук тэрийиэхтээх этибит.
Алгыс Бытыров, Л. Киренскэй аатынан Амма лиссиэйин үөрэнээччитэ:
Мин 11 кылааһым олус түргэнник ааста. Ол эрээри IV чиэппэртэн саҕалаан, харантыыҥҥа биһиги тастан үөрэнэн саҕалаабыппыт. Бу маннык үөрэнэрбит элбэх итэҕэстээх эбит. Кылааска олорон бары бииргэ быһаарсан үөрэнэрбит быдан ордук этэ.
БКЭ-ҕэ профильнай математиканы, физиканы уонна информатиканы талбытым. Бэлэмнэниим үчүгэйдик бара турар, учууталларбыт хас күн аайы консультация ыыталлар, бэйэбит даҕаны бириэмэ булан дьарыктанабыт. Оттон, долгуйуу син биир баар, ол эрээри бэйэм бэйэбэр эрэллээхпин.
Биһиги выпускнойбут онлайн формакка ааспыта. Дьиҥэ итини дьиннээх выпускной диэн сатаан ааттаабатым буолуо, оҕолорбун, учууталларбын көрсүбэккэ бүтэрдэҕим дии.
Мин бэйэм быраграмалааһын өттүн диэки туттарсан көрүөхпүн баҕарабын. Уонна өссө прикладной математика киэнигэр эмиэ туттарсыахпын баҕарабын.
Мин оҕолорго эрдэттэн күүппэккэ бэйэлэрэ бэлэмнэнэн саҕалаатыннар диэн сүбэлиэхпин баҕарабын, тоҕо диэтэххэ бэйэҕит саҕалаабатаххытына, ким да эһиэхэ саҕалаа диэн эккирэтэ сүүрэ сылдьыа суоҕа. Элбэхтик дьарыктаныҥ, сөбүлүүр идэҕэтигэр туттарсыҥ. Эксээмэҥҥитигэр кытаатыҥ, олоххутугар барыта табыллыаҕа.
Дьулуур Васильев, Л. Киренскэй аатынан Амма лиссиэйин үөрэнээччитэ:
Үөрэх дьыла этэҥҥэ ааста, ол эрээри түмүгэ олус куһаҕан. Мин физиканы уонна информатиканы талбытым. Нэдиэлэ устун биэстэ эбэтэр алтата Zoom-ҥа урок буолааччы. Мин санаабар билигин хас биирдии выпускник долгуйар кэмэ, олоххо буолбатах харантыын күннэрэ биллэриллэн, үөрэхпитигэр, күннээҕи олохпутугар тиийэ уларыйыы таҕыста. Түмүктүүр киэһэбит онлайн буолла.
Мин Питерга туттарсар былааннаах сылдьабын. Физика, информика өттүнэн. Табыллыбатаҕына ХИФУ-га киириэм.
Оҕолорго ситиһиилэри, баҕалаах үөрэхтэригэр киирдиннэр. Доҕотторгутун кытта сибээһи сутэримэҥ!
Настя Арсентьева, И.И. Гоголев-Дыргыабай аатынан Найахы орто оскуолатын үөрэнээччитэ:
Мин оскуолабын кыһыл мэтээлинэн ситиһиилээхтик бүтэрдим. Хомойуох иһин аан дойду үрдүнэн ыарыы туран, бүтэһик үөрэнэр сылбын дистанционно түмүктээтим, ол эрээри 11 кылааска үөрэммит кэмнэрим өйбөр хатанан хаалыахтара.
Быраас идэтин талар буоламмын биир кэлим эксээмэҥҥэ биология, химия уонна нуучча тылын туттарабын. Мединститутка туттарсар быланнаахпын. Мин бэйэм уонна Zoom нөҥүө учууталларбын кытта бэлэмнэнэбин. Махтаныам этэ учууталларбар, эксээмээнэрбэр күүс-көмө биэрэллэриттэн наһаа долгуйбаппын.
Быйыл оскуоланы бүтэрээччи оҕолорго сүбэлиэм этэ, доруобуйаны, эксээмэннэргитин ситиһилээхтик туттаран баҕалаах үөрэххитигэр киирэргитигэр.
Бэйэм оҕолорго баҕарыам этэ, этиллибитин курдук, бары сөбүлүүр үөрэхтэригэр киирэргитигэр баҕарабын! Эксээмэҥҥэ үөрэнээччи олус долгуйар, инники дьылҕаҥ быһаарыллар курдук. Ол эрээри, оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммит оҕо үрдүк баалга туттарар кыахтаах!
Кэпсэттэ Павел Ильин.