Былыр бурдук кэлиэн иннинэ, сэрии сут-кураан кэмигэр үүт, эт, булт эрэ аһылыктаах саха омуга собо баар буолан тыыннаах хаалбыттара.
Сэтинньи ый саҕаланыаҕыттан нэһилиэкпит дьоно муус ылан, идэһэ өлөрөн, бултаан, балыктаан солото сылдьаллар. Өбүгэ саҕаттан тиийэн кэлбит үгэһинэн, муҥхалааһын ыытылла турар. Уолба олохтоохторо улахан дьоннуун, оҕолуун балыктаан, Байанайдара мүчүк гынан балай эмэ балыктанан үөрдүлэр-көттүлэр.
Мин аҕам биир да муҥханы көтүппэккэ сырытта. Кинини кытта балтым Диана хаста да сылдьыста. Кыра киһи атын оҕолору кытта сибиэһэй салгыҥҥа сылдьарын астынан кэлэр.
Кыһыҥҥы собо үөһэ улахан суох буолан, түргэнник ыраастанар. Мииннээн, ыһаарылаан сииргэ бэйэбит күөллэрбит балыктара олус минньигэстэр.
Онтон үөрэх иккис чиэппэрэ саҕаламмытыгар, оскуола үлэһиттэрин кытта оҕолор, бэһис кылаастан саҕалаан бары бииргэ муҥхалыы барбыппыт. Быйыл иккис сылбытын бары маннык сылдьабыт. Каникул кэмигэр экзаменнаах кылаастар күн аайы консультацияланан бэлэмнэммит буолан, муҥхаҕа үөрэ барыстыбыт. Чыпчык диэн күөлгэ уопсайа 21 оҕо бараммыт улахан дьону кытта тэҥҥэ муҥхалаатыбыт.
Үөрэнээччилэр уһун мастары ыламмыт эр дьон бэлэмнээбит ойбоннорун иккилии буолан буккуйбуппут. Ол аата биһиги балык муҥха баар өттүгэр куоттун диэн ууга тыас, хамсааһын оҥорбуппут.
Онтон муҥха ойбоннорун бэлэмнэбиттэрин кэннэ икки хамаандаҕа арахсан бары көмөлөөбүппүт. Үксүн улахан кылаас уолаттара эр дьону кытта тэҥҥэ үлэлээбиттэрэ. Кинилэргэ орто, кыра кылаас оҕолоро көмөлөспүттэрэ. Ону таһынан барыбытыгар муҥха быраабылаларын, үгэстэрин, хайдах тугу гынарга үөрэппиттэрэ, кэпсээбиттэрэ.
Ол бириэмэҕэ оскуолабыт повардара барыбытыгар миин уонна плов астаабыттара. Олус минньигэс астаах эбиэт буолбута.
Хомойуох иһин бастыкы муҥхаҕа биир да балык кэлбэтэҕэ. Ол эрээри санаабытын түһэрбэккэ, аһылык кэннэ массыыналарга иттэн баран күөл атын өттүгэр баран муҥхабытын өссө биирдэ түһэрбиппит. Онно бары муҥхаҕа хайдах сылдьыахтаахпытын өйдөөн ааспыттааҥҥыттан син түргэнник, үөрүйэхтик хамсаммыппыт. Барыта уу ото этэ, онон эмиэ мэлийбиппит. Биэс балык кэлбитин кыра оҕолор ылан илдьэ барбыттара.
Муҥха кэнниттэн, дьиэбэр кэлэн иһэн, тоҕо балык кэлбэтэҕин ырыта саныыбын. Эбэбэр эппиппин күөл түгэҕэ наһаа былыктаах буолуо диэбитэ. Урут сопхуос баарына күһүн хостоон бэлэмнээн сүөһүгэ сиэтэллэрэ, үүнээйигэ тутталлара. Наһаа иҥэмтэлээх күөл аннынааҕы бурдук курдук буор буолара үһү.
Төһө да балык суоҕун иһин муҥхаһыттар бары айылҕаҕа, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьан астыммыппыт, сонун сырыыттан үөрбүппүт.
«Силиһэ суох мас эмэхтийэн охтор» диэн буолар. Онон дьон төрүт үгэһин, дьарыгын умнуо суохтаах. Оскуолабыт учууталларыгар, үлэһиттэригэр сыллата маннык тэрээһини оҥорон өбүгэбит үгэһин тутуһарга үөрэтэллэригэр махтанабыт.
Уолба муҥатын хаартыскаларын манна көрүҥ https://vk.com/album-199463452_304931713
Ангелина ДАНИЛОВА, XI кылаас,
В.И. Ленин аатынан Уолба орто оскуолата, Таатта