Олунньу 10 күнүгэр, эрдэттэн болдьоһон, Боронук орто оскуолатыгар (дириэктэр Нина Афанасьевна Потапова) Арыылаах агро-оскуолатын (директор Валентина Герасимовна Павлова) учууталларын, үөрэнээччилэрин көрүстүбүт. 7 учуутал, 15 оҕо ох курдук оңостон, бэлэмнэнэн кэллилэр. Тэрээһиммит сүрүн сыала – уопут атастаһыы, «Бастыңнар хамсааһыннарын» билиһиннэрии, маастар-кылааска кыттыы.
Арыылаах орто оскуолатын үлэтин-хамнаһын дириэктэри үөрэх өттүгэр солбуйааччы Маргарита Александровна Колесова билиһиннэрдэ. Салгыы Оҕо хамсааһынын Боронук басхан (лидер) оҕолоро Ливия Другина, Мария Мордовская, Арыылаах оскуолатыттан дириэктэр сүбэһитэ Николай Николаевич Потапов хардарыта кэпсээннэрин сэргээн иһиттибит.
Биһиги көрдөһүүбүтүн ылынан, муусука учуутала Айталина Ильинична Бурнашова оҕолорго синтезаторга уонна гитараҕа маастар-кылаас ыытта. Ол кэннэ былааннаммытынан, Айталина Ильинична бэйэтин үөрэнээччилэрин кытта 3-4 кылаас оҕолоругар флейтађҕа маастар кылаас ыыттылар. Оҕо оҕону үөрэтиитэ олус көдьүүстээҕэ, бу маастар кылаас түмүгүнэн, биһиги кырачааннарбыт кэнсиэргэ тута кыттан көрөөччү биһирэбилин ылыылара буолла.
Арыылаах оскуолатын дириҥ историялаах түмэлин үлэтин, сири-дойдуну үөрэтэр сыаллаах экспедиция тэрээһиннэрин, интэриэһинэй экспонаттар тустарынан түмэл салайааччыта, география, обществознание учуутала Розалия Степановна Слепцова кэпсээтэ. Оҥорон таһаарар үлэ маастардара Евдокия Вячеславовна, Игнатий Михайлович оскуола оҕолоругар муостан кыһан оңорууга оҕону сыһыаран үлэлэтэр уопуттарын сэргээтибит.
Боронук оскуолатыттан дириэктэри солбуйааччы Акулина Трофимовна Стручкова «СУОЛ» — оҕо үүнэр-сайдар болдьоҕо» диэн бырайыагы сырдатта. Сардана Михайловна Горохова «Кыраҕы хараҕынан» студияҕа ойуулук уонна уус-уран киинэлэри оҕолору кытта устар уопутун кэпсээтэ. Алын кылаас учуутала Екатерина Афанасьевна Слепцова «Арассыыйа Өрүөлчээннэрэ» хамсааһын чэрчитинэн айымньылаах үлэтин үллэһиннэ. Улууска «Бастыңнар хамсааһыннарын» тэрийэр үлэһит Максим Владимирович Аммосов оскуолалар, уһуйааннар кэккэлэригэр саңа хамсааһын хайдах киирэн эрэрин, инники былааннарын билиһиннэрдэ.
Итинник үрдүк таһымнаах уопут атастаһар сэминээр кэнниттэн талааннаах ыалдьыттарбыт бииртэн биир чаҕылхай ырыалаах-үҥкүүлээх кэнсиэрдэрин ытыс хабыллыар диэн таһынан көрдүбүт. Республикаҕа биллэр «Дуолан» уолаттар ансамбыллара (салайааччы Айталина Бурнашова) сахалыы намыын ырыанан көрөөччү кутун туттулар. «Чэчир» ансаамбыл (салайааччы Анастасия Слепцова) нарын-намчы кыргыттара үңкүү арааһын көрдөрдүлэр. Николай Потапов салайааччылаах «Саламаат» КВН уолаттара быар хатыар диэри күллэрдилэр.
Салгыы учууталлар уонна ођолор санааларын ааҕыаҕыҥ:
Катерина Романовна Иннокентьева, физика учуутала: Улууспут икки тумус туттар оскуолалара үлэлэрин-хамнастарын хамсааһынын уонна уопут атастаһыытын тэрийдилэр. Боронук орто оскуолата уонна Арылаах орто оскуолата. Биир күн устата олус интэриэһинэй тэрээһин буолан ааста. Ођолор бэйэ — бэйэлэрин кытта билсэн-көрсөн үөрүүлэрэ муңура суох. Ону тэңэ учууталлар уопуттарын атастастылар. Ким хайдах үлэлээн-хамнаан олорорун биллибит-көрдүбүт. Олуһун диэн интэриэһиргээтибит. Ситиммитин быспакка өссө да маннык көрсүһүүлэри тэрийэ турарбыт буоллар олус бэрт буолуо эбит. Арыылаах орто оскуолатын ођолоругар бађарыам этэ үөрэхтэригэр үрдүктэн-үрдүк ситиһиилэри, чађылхай талааннара өссө да сайда-үүнэ турдун. Биир идэлээхтэрбэр бађарабын истигэн үөрэнээччилэри, өйдүүр-өйүүр төрөппүттэри. Үлэђитигэр өссө да үрдүк дабайыылары, ситиһиилэри.
Наталия Афанасьевна Местникова, нуучча тылын, литературатын учуутала: Хас биирдии норуот, түөлбэ бэйэтин суолунан үлэтин кэпсэтэн-ипсэтэн, дьоңңо тиэрдэр үтүө үгэстээх. Ол курдук, бу ый уон күнүгэр биhиэхэ Боронук оскуолатыгар Арыылаах түөлбэтиттэн анаан ааттаан бэйэлэрин уопуттарын атастаhа кэлбиттэрин сэргии иhиттибит, көрдүбүт, истиң-иhирэх эђэрдэ ырыаларын, үңкуулэрин, көр-күлүү, муусука эйгэтин баhылаан өрө-дайа көппүттэриттэн киhи эрэ үөрүөх-махтаныах. Инникилээх кэскиллээх ыччаттаах Арыылаах оскуола кэллэктиибигэр барҕа махтал буолуохтун. Үлэҕитигэр үрдүк ситиhии сиэттистин, доруобуйаны, бары кэрэни.
Валентина Борисовна Сыромятникова, муусука учуутала: Арыылаах орто оскуолатын кытта көрсүһүү олус сэргэхтик ааста. Оскуолаларын үлэлэрин-хамнастарын, ситиһиилэрин, ураты өрүттэрин билиһиннэрдилэр, көрдөрдүлэр. Маастар кылаастарын үрдүк таһымнаахтык ыыттылар. Флейтаны ођолорбут олус сэңээрдилэр. Кэнсиэрдэрин күөмэй бүтүөр диэри тэңңэ ыллаһан, ытыспыт ыалдьыар диэри таһынан дуоһуйа көрдүбүт. Арыылаах орто оскуолата учууталлыын-ођолуун ырыа куттаах, үңкүү аргыстаах, дэгиттэр дьођурдаах кэллэктиибигэр ситиһиилэри бађарабыт.
Тамара Алексеевна Никитина, математика учуутала: Олунньу 10 күнүгэр Боронук орто оскуолатыгар Арыылаах оскуолатын кэлликтиибэ опыт атастаһан бардылар. Көрсүһүү үрдүк таһымнаахтык ааста: икки өттүттэн элбэҕи иһиттибит-көрдүбүт, туһалааҕы ыллыбыт. Ол курдук маастар кылаастары олус кэрэхсибиллээхтик ыыттылар. Муусука учуутала Айталина Ильинична Бурнашова оҕолорбутугар араас инструменнарга оонньуурга үөрэттэ. Түмэл үлэһитэ Розалия Степановна баай историялаах түмэлин сырдатта. Педагог-организатор Николай Николаевич муостан оҥоһуллубут коллекцияларын сөҕө көрдүбүт уонна Игнатий Михайлович бэйэтин үлэтин туһунан сырдатта, араас күрэхтэри ыытта. Оҕолорбут олус астыннылар, музыкальный инструменнары тыаһатарга үөрэннилэр уонна уһаппакка флейталары сакаастыах буоллулар, теннискэ, дуобакка күрэхтэстилэр, араас оонньуулары оонньоотулар, дискотекалаатылар, холбоһуктаах кэнсиэринэн түмүктээтилэр. Арыылаах оскуолатыгар кэлликтиибигэр, эдэр эрчимнээх учууталларыгар, талааннаах оҕолоругар барҕа махталбын тиэрдэбин уонна кинилэргэ баҕарабын үөрэхтэригэр-үлэлэригэр өссө үрдүк үктэллэри дабайалларыгар!
Ливия Другина, Боронук орто оскуолата, 10 кылааһын үөрэнээччитэ: Арыылаахтар биһиэхэ кэлэн сүрдээх үчүгэйдик бэйэлэрин оскуолаларын туһунан кылгастык билиһиннэрбиттэрэ, бэйэ бэйэни кытта билсиһэ таарыйа хамаанданан арахсан араас оонньуулары оонньообуппут, төгүрүччү олорон күлэ-үөрэ кэпсэппиппит, гитаранан араас ырыа ыллаабыппыт. Бу күн олус үчүгэй кэнсиэринэн түмүктэммитэ. Биһиги бэйэбит нэһилиэкпит дьоно бары сылдьаннар ытыстарын тыаһын харыһыйбакка, бары үөрэн-көтөн тахсыбыттара, кырдьык даҕаны, бары наһаа талааннах оҕолор эбит, ырыа буоллун үңкүү буоллун бары өттүн баһылаан. Өссө да инникитин маннык тэрээһин ыытыллыађа диэн эрэллээх, ођолорбутун атаарбыппыт. Арылаах учууталларыгар уонна уорэнээччилэригэр улахан улахан махталбытын тириэрдэбит.
Светлана Ефимова, Арыылаах орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ: Биhиги олунньу 10 күнүгэр Боронук орто оскуолатыгар баран опыт атастаhан концертаан кэлбиппит. Онно биhигини олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Бастакыбын инник үчүгэйдик сылаастык көрүстүлэр. Бары олус интэриэhинэйдэр, бэhиэлэйдэр. Оскуолалара наһаа үчүгэй, сырдык. Олус минньигэс астаахтар. Инникитин өссө да барыахпыт диэн эрэнэбит. Бары олус астынан, сөбүлээн, сынньанан кэлбиппит.
Айыына Васильева, Боронук орто оскуолатын 11 кылааьын үөрэнээччитэ: Олунньу 10 күнүгэр биһиги оскуолабытыгар Арыылаах орто оскуолатыттан ођолоро уонна учууталлара кэлэн бэйэлэрин оскуолаларын туһунан кэпсээн, маастар кылаас көрдөрөн, гастроллуу кэлбиттэрэ. Ол курдук Боронук үөрэнээччилэригэр гитаарађа, синтезаторга, флейтађа үөрэппитэрэ. Арыылаах ођолоро олус көхтөөхтөр, барытыгар кыттан испиттэрэ. Команданан арахсан күлэ-үөрэ оонньообуппут. Ол быыһыгар теннис да курэђэ буолта.
Айсен Сотрудников, Арыылаах орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ: Биһиги Боронук орто оскуолатыгар маастар кылаас уонна концерт көрдөрөр сыалланан-соруктанан барбыппыт. Боронук дьоно-сэргэтэ олус үчүгэйдик сылаас алаадьынан, саламаатынан көрсүбүттэрэ. Боронук орто оскуолатыгар 44 ођо үөрэнэр. Боронук ођолорун музыкальный инструменнарга оонньуурга үөрэппиппит. Кинилэр олус бэһиэлэй кэпсэтинньэң ођолор эбит, хамаандаҕа арахсан оонньообуппут. Оскуола повардарын үлэһиттэрэ олус минньигэстик ас астаан аһаппыттара. Ону биһиги олус сөбүлээбиппит. Теннис оонньообуппут, төгүрүччү олорон эрэ билсиһэн күлэн-үөрэн кэпсэппиппит уонна гитарађа оонньоон ыллаабыппыт. Киэһэлик кэнсиэринэн түмүктээбиппит. Кэнсиэри Боронук дьоно-сэргэтэ ытыстарын тыаһын харыстаабакка эрэ олус үчүгэйдик көрбүттэрэ. Ити курдук биһиги күммүтүн олус үчүгэйдик күлэн-үөрэн атаарбыппыт.
Рустам Калинин, Боронук орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ: Биһиги нэһилиэкпитигэр Арыылаах орто оскуолатын ођолоро уонна учууталлара кэлэн кэнсиэр көрдөрөн, ођолор ођолору кытта билсиһэн, учууталлар учууталлары кытта кэпсэтэн бэйэ-бэйэбитин чугас дођор курдук билэн-көрөн, истэн, ким тугу сөбүлүүрүн, ким тугунан дьарыктанарын биллибит. Ођолор бэйэлэрэ тыа сирин олохтоођо буоланнар, тыађа сылдьалларын, маһынан уһаналларын кэпсээтилэр, бэйэлэрин оңоһуктарын кэлэн көрдөрбүттэрэ, онтон ситэ бүппэккэ гитарађа, пианинођа, флейтађа тугу сатыылларын көрдөрөн, ађыйах чаас иһигэр үөрэтэн кэнсиэргэ кыттынарбыттара. Салгыы дискотекалаан, орлятский кругка ођолору мунньан араас ырыалары ыллаан, ким туох үөрэххэ барыан бађарарын, бириэмэ хайдах атаарарын, ким инникигэ туох күрэхтэһиилэри күүтэрин, бу сыл хайдах санаанан күүтэрин истиңник кэпсэппиппит. Ол быыһыгар биһигиттэн теннис диэн муннукка ытаабыт ођолорбут теннискэ бэйэ-бэйэлэрин кытта илии тутуһан оонньоотулар.
Денис Аммосов, Арыылаах орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ: Боронук дьоно-сэргэтэ олус да үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Тиийэн оскуолаларын көрбүппүт. Боронук уонна Арылаах оскуолалара бэйэлэрин тустарынан сиһилии кэпсэппиттэрэ: ким туох ситиһиилээђин, араас предмет, учууталлар тустарынан уо.д.а. Онтон бэйэ-бэйэлэригэр өргө диэри өйдүү-саныы сылдьар гына өйдөбүнньүк бэлэхтэри бэрсибиттэрэ. Ол кэннэ Арыылаах оскуолатын үөрэнээччилэрэ Боронук оҕолоругар кыра маастар кылаас көрдөрбүттэрэ. Дьэ онтон икки араас оскуола ођолоро бэйэ-бэйэлэрин кытта үчүгэйдик билсэр гына олус интэриэһинэй оонньуулары оонньоппуттара. Онно икки оскуола ођолоро холбоһон хамаанданан оонньуу оонньообуппут. Ол быыһыгар кыратык теннискэ күрэхтэһэ да түстүбүт. Киэһэлик олус да үчүгэйдик бары төгүрүччү түмсэн олорон арааһы кэпсэппиппит. Онтон киэһэ кыракый кэнсиэр оңорбуппут. Кэнсиэр этэңңэ ааспыта, бары сөбүлээбиттэрэ. Бүтэһиккэ барыахпыт иннинэ үчүгэй баайы остуол тэрийэн аһатан ыыппыттара. Боронук оскуолатын үлэһиттэригэр уонна ођолоругар улахан махтал инник үчүгэйдик сылаастык көрсүбүккүтүгэр.
Данил Горохов, Боронук орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ: Арыылаах ођолоро эппиттэрин курдук, теннискэ үчүгэйдик оонньууллар эбиттэр. Теннис буола турдаҕына, атын оҕолор дискотекаҕа бэйэ-бэйэлэрин кытта билсиспиттэрэ. Ол кэннэ оҕолор бэйэбит олорон эрэ кэпсэппиппит наһаа үчүгэй этэ.
Георгий Саввинов, Арыылаах орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ: Биһиги Боронук орто оскуолатыгар ыалдьыттыы барбыппыт, маастар кылаас ыытаары, ођолору уонна учууталлары кытта билсиһээри, ону таһынан кэнсиэр көрдөрөөрү. Биһигини олус сылаастык көрсүбүттэрэ, ол курдук ођолорго маастар кылаас ыыппыппыт, араас оонньууларга кыттыбыппыт уонна тенниска күрэхтэспиппит. Онтон киэһэлик күммүтүн кэнсиэринэн түмүктээбиппит. Ол кэннэ Боронук оскуолата биһигини сылаас аһынан аһатан сүрдээх үчүгэйдик атаарбыттара. Боронук оскуолатын учууталларыгар уонна үөрэнээччилэригэр улахан махталбын тириэрдиэхпин бађарабын. Иникитин өссө да кэлэ сылдьыахпыт диэн эрэнэбин.
Нарыйа Иннокентьева, Боронук орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ: Учууталлар араас маастар кылаастары ыыттылар. Оҕолор бу саңа үөрэх дьылын сабыс-саңа, сып-сырдык оскуолаҕа саҕалаабыттар эбит. Оскуолаларын туһунан олус үчүгэйдик кэпсээтилэр, истэн наһаа сэңээрдибит. Өссө дађаны өрүүтүн маннык хамсааһыннар буола турдуннар!
Ливия ДРУГИНА, X кылаас,
Акулина СТРУЧКОВА, Боронук орто оскуолатын иитэр-үөрэтэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы,
Боронук, Үөһээ Дьааҥы