Сэтинньи 8 күнүгэр биһиги нэһилиэкпитигэр улахан суолталаах күн. Бу күн саха норуотун поэта В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатын сүгэр оскуолабыт төрүттэммит күнэ.
Быйыл оскуолабыт 101 сааһын туолла. Ону тэҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, буойун-учуутал, оскуолабыт бастакы дириэктэрэ Илья Николаевич Пестерев төрөөбүтэ 100 сыла. Онон бу күн биһиэхэ Илья Николаевич оҕолоро, сиэттэрэ, оскуолабыт ветеран учууталлара кэлэн ыалдьыттаатылар.
Сүһүөхпүтүгэр туран бука бары оскуолабыт өрөгөйүн ырыатын ыллаатыбыт.
Илья Николаевич Пестерев туһунан уола Илья Ильич Пестерев ахтан-санаан ааста:
– Биһиги аҕабыт Илья Николаевич 1924 сыллаахха Амма оройуонугар Эмис нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕата Николай Петрович отоһут этэ, дьону эмтиирэ. Ийэтэ Пелагея Кузминична Захарова аҕабыт 7 саастааҕар, эдэр сааһыгар сылдьан ыалдьан өлбүтэ. Онтон кэлин аҕата убайынаан ыалдьан күн сириттэн барбыттара. Онон Илья Николаевич тулаайах хаалбытыгар аймахтара уонна государство көмөтүнэн, 1940 сыллаахха Амма оскуолатын бүтэрбитэ. 1958 сыл төрөөбүт нэһилиэгэр Эмискэ кэлэн оскуолаҕа аҕыс кылааһы, интернаты арыйбыта. Учууталлар олороллоругар 4 квартиралаах дьиэни туттарбыта. Аҕабыт Эмис оскуолата сайдарыгар, көмүс далаһа уурбута, оҕону иитиигэ элбэх сыратын биэрбитэ. Биһиги аҕабыт төһө да кытаанах буоллар уйан дууһалааҕа, хоһоон суруйара. Араадьыйаны истэрэ, кинигэ ааҕара, мунньара. Хоһун иһэ музей курдук буолара.
Аҕам тыыннааҕар кини наар аттыбытыгар баар буолуох курдук санаан буолуо, улахаҥҥа уурбатах, аахайбатах эбиппин. Онон оҕолорго туһаайан этиэм этэ, мин оҥорбут алҕаспын хатылаамаҥ. Дьоҥҥутун баар эрдэхтэринэ, таптааҥ, сыаналааҥ.
Кыыһа Полина Ильинична аҕата суруйбут хоһооннордоох, ахтыылардаах историческай блокнотун оскуола бибилэтиэкэтигэр бэлэх уунна.
Илья Николаевич хоһооннорун 9 кылаас уолаттара дорҕоонноохтук ааҕан бэлэх ууннулар.
Оскуолабыт дириэктэрэ Гаврил Дмитриевич Захаров өйдөбүнньүк бэлиэлэри, махтал суругу Илья Ильичка уонна Полина Ильиничнаҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Эһэтин туһунан эҕэрдэ тылы хирург-быраас сиэнэ Дьулус Пестерев ахтан ааста:
– Биһиги эһэбит Илья Николаевич Пестерев сүрдээх көнө майгылаах, олус ыраас, аккуратнай киһи этэ. Кини, мин санаабар, тулуурдаах, хорсун санаалаах киһи.
Илья Николаевич нэһилиэк олоҕун биир саамай көхтөөх кыттааччыта этэ. Ол туһунан Екатерина Афанасьевна Захарова-Саха Күөрэгэйэ аатынан култуура киинин дириэктэрэ Анжелика Александровна Иванова кэпсээтэ.
– Биһиги элбэх тэрээһиннэргэ – Кыайыы күнүгэр, Кырдьаҕастар күннэригэр – элбэхтик бииргэ алтыһан кэлбиппит. Илья Николаевич аатын умнубаппыт уонна өрүү ахта-саныы сылдьабыт, – диэтэ уонна оскуола музыкальнай инструмен ыларыгар диэн 110000 солк. сууммалаах сертификаты оскуолабыт дириэктэригэр туттарда.
Бу күн оскуолабытын 50 сыл аннараа өттүгэр бүтэрбит “кыһыл көмүс” выпускниктара бэлэх биэрдилэр. “Бастыҥ үөрэнээччи” анал ааттары Наташа Неустроева, Серёжа Яковлев, Катя Захарова, Костя Платонов туттулар. Ону тэҥэ маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэригэр “Орлята России” дастабырыанньатын туттардылар.
Түмүккэ, кылаас аайы уонна кэлбит ыалдьыттары минньигэс тордунан күндүлээтилэр.
Эрчим НИКОЛАЕВ, IX кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма