Төрүччү күнэ тэрээһини киирии тылынан оскуолаҕа научнай үлэни көҕүлээччи, кыраайы үөрэтээччи, нуучча тылын учуутала Сардаана Николаевна Васильева бу курдук тылларынан арыйда: «Бүгүн тэрээһиммит К.К. Оросутцев «Үөһээ Бүлүү былыргыта уонна бүгүҥҥүтэ» ыстатыйа тахсыбыта — 50, Г.Р. Кардашевскай олоҥхоһут Ф.Н. Тимофеев- Биэчэрэ «Ороһу үһүйээннэрэ» киэҥ араҥаҕа тахсыбыта — 85 ,И.Е. Иванов-Ороһуунускай «Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэрин ааттара» кинигэ — 30 сылларыгар, М.К. Котоконов «Ороһу аҕа уустара. Төрүттэр суолларынан» уонна В.С., А.А. Николашкиннар «Топонимия Верхневилюйского улуса» тахсыбыттарыгар аналлаах».
Төрүччү күнүгэр 1-11 кылаас үөрэнээччилэрэ төрүттэрин үөрэппиттэрин кэпсээбиттэрин түмүгэр, дьүүллүүр сүбэ алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэригэр 1 м. Эркин Адамов ылла, 2 м. — Ирена Кардашевская, 3 м. — Туяра Никонова, орто сүһүөх кылаастарга: 1 м. — Гена, Кеша Ивановтар, 2 м. — Рудольф Петров, 3 м. — Илья Терентьев, үрдүкү сүһүөх кылаастарга: 1 м. — Алик Михайлов, 2 м. — Ангелина Петрова.
Төрүччү күнүн төрөппүттэр минньигэс бөрүөктэри астаан, оҕолору, ыалдьыттары күндүлээтилэр.
«Тымтык» пост, Ороһу орто оскуолата.