Бараммат-хороммот
Банаардаах сырдыкка
Баҕабын толорор
Бастыҥныыр доҕорбун,
Ааҕаммын, айхаллыыр
Дьоллордоох тускуга
Уһуйан үөрэппит
Учуутал убайбар—
Эдэрдиир бэйэкэм
Эрчимнээх сүрэхтэн
Эрэйи чэпчэтэр
Эҕэрдэ ыытабын.
Н.О. Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатыгар, Учуутал күнүгэр, бэрт аныгылыы тэрээһин буолан ааста. Эрдэттэн биллэрии тахсан, оҕолор үөрэн-көтөн туран кытыннылар. Ол курдук,
“Учитель в кадре” куонкурус сонуннук барда. Алын сүһүөх кылаастарга I
миэстэни II кылаас (сал. Люция Прокопьевна Аммосова), IV кылаас (сал. Саргылана Егоровна Атласова), II миэстэ I кылаас, (сал. Маурика Михайловна Винокурова), III миэстэ III кылаас (сал. Тамара Ильинична Луковцева) буоллулар. Орто сүһүөх кылаастарга I
миэстэ VII кылаас (сал. Людмила Павловна Репина), II
миэстэ V кылаас
(сал. Игорь Михайлович Винокуров). Улахан кылаастарга:
I миэстэ VIII кылаас (сал. Марина Ивановна Слепцова),
II миэстэ X кылаас (сал.
Ольга Васильевна Борисова), III миэстэ IX кылаас (сал. Варвара Васильевна Лукина) буоллулар.
Иккис куонкуруспут
“Букет для учителя” диэн эмиэ бэртээхэй. Ураты букеттары учууталларыгар бэлэхтээтилэр. Алын сүһүөх кылаастарга
I миэстэ IV кылаас,
(сал. Саргылана Егоровна Атласова),
II миэстэ II кылаас (сал.
Люция Прокопьевна Аммосова),
III миэстэ I, III кылаастар (сал. Маурика Михайловна Винокурова,
Тамара Ильинична Луковцева).
Орто сүһүөх кылаастарга:
I миэстэ VII кылаас (сал. Людмила Павловна Репина), II миэстэ V кылаас (сал. Игорь Михайлович Винокуров),
улахан кылаастарга
I миэстэ IX кылаас (сал. Варвара Васильевна Лукина),
II миэстэ X кылаас (сал. Ольга Васильевна Борисова).
III миэстэ VIII кылаас (сал. Марина Ивановна
Слепцова) буолан, үөрдүлэр.
Оскуолаҕа киирээти кытта “Учуутал күнүнэн!” диэн тупсаҕай фотозона оскуоланы бырааһынньыктыы тыыннаата. Фотозонаҕа кылааһынан, бөлөҕүнэн үөрэ-көтө хаартыскаҕа түстүлэр. Тапталлаах учууталларбытыгар доруобуйаны, түбүктээх үлэлэригэр үрдүк ситиһиини баҕарабыт!
Давид Канаев, Н.О. Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатын VII кылааһын үөрэнээччитэ.