Ыам ыйын 4 күнэ биһиги оскуолабытыгар бэлиэ күнүнэн буолла. Бу күн биһиги кылааспытыгар, IX техническэй кылаас үөрэнээччилэрин кабинетыгар, 1996 сыллаахха Чечня сэриитигэр тоһуурга түбэһэн, баара суоҕа 20 эрэ сааһыгар суорума суолламмыт, 5385 байыаннай чаас 101 биригээдэтин 303 ОБОН сапера, оскуолабыт выпускнига Роман Юрьевич Ноговицын аатынан паарта туруоруллунна.
Күндү ыалдьыттарынан Чурапчы улууһун бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ С. Жендринский, Г. Владимиров, М. Игнатьев, С. Дьячковский, О. Оконешников уонна Роман Юрьевич бииргэ төрөөбүт балта Александра Макарова буоллулар.
Саллаат паартатын туруоруу үөрүүлээх чааһыгар оскуолабыт байыаннай-патриотическай кулуубун салайааччыта Д.П. Соловьев, педагог-психолог, дириэктэри иитэр үлэҕэ сүбэһитэ А.А. Седалищева тыл эттиллэр. Роман туһунан бииргэ төрөөбүт балтыта, бииргэ үөрэммит, сулууспалаабыт табаарыстара ахтан-санаан аастылар. Биһиги кылаас уолаттара «Геройдар» диэн литературнай дьүһүйүүнү ааҕан иһитиннэрдибит.
Саллаат паартата бырайыакка Саха өрөспүүбүлүкэтигэр бастакынан биһиги оскуолабыт кыттыспытыттан үөрэбит, киэн туттабыт. Чурапчы улууһун бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Семен Жендринскай бу бырайыак өссө да салҕыы ыытылларын туһунан иһитиннэрдэ.
Саллаат паартата кылааспытыгар саамай көстүүлээх сиргэ туруоруллунна. Манна үөрэҕэр үчүгэй, ситиһиилэрдээх үөрэнээччилэр олоруохтара диэн сүбэлэстибит.
Роман Юрьевич курдук хорсун санаалаах ыччаттар биһиги Чурапчыбытыгар олорон ааспыттарыттан киэн туттабыт. Кини аатынан Чурапчыбытыгар уулусса уонна сквер баарын биллибит. Маны эмиэ Роман табаарыстыра бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ туруорсан үйэтиппиттэр.
Бу тэрээһинтэн биһиги кэнэҕэски ыччаттар биир дойдулаах геройдарбытынан киэн тутта, кинилэр ааттарын умнубакка үйэтитэ туруохпут диэн бигэ эрэллээх тарҕастыбыт.
Арылхан ЕГОРОВ, IX техническэй кылаас,
С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата.