Балаҕан ыйын 27 күнүгэр биһиги оскуолабытыгар Саха өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүн бэлиэтээтибит.
Онно оҕолор, учууталлар бары сахалыы таҥас кэтэн кэлбиттэрэ. Учууталлар бу бырааһынньыкка бары алаадьы астаан аҕалбыт этилэр.
Оскуолаҕа учууталлар остуол тардан, алаадьынан күндүлээбиттэрэ уонна сахалыы остуол оонньууларын оонньообуппут, ол курдук тыксаан, хабылык, саһаан, хаамыска курдук оонньуулары.
Учууталларбыт бу күн өрөспүүбүлүкэбит историятыгар туох уратылааҕын, туохха ананарын кэпсээбиттэрэ. Мин бу күн үөрүүлээх түгэнин хаартыскаҕа түһэрдим. Олус үчүгэй тэрээһин буолла дии саныыбын.
Аман ЕРЕМЕЕВ,
М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын
7-с кылааһын үөрэнээччитэ.